Биhиэхэ, Нам улууһун З.А.Тихонова аатынан «Түѳлбэ» эбии үѳрэхтээhин тэрилтэтигэр Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы сылыгар, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылыгар, улууспутугар Сомоҕолоhуу сылын чэрчитинэн уонна «Эркээйи» бырайыак иhинэн «Олоҥхо устун айан» диэн Олоҥхо декадата саҕаланна.
Декада аhыллыытын фольклор куруһуогун салайааччыта Уваровская Тамара Степановна иилээн-саҕалаан ыытта. «Түѳлбэ» дириэктэрэ Дьячковская Надежда Гаврильевна оҕолору Олоҥхо декадата саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ уонна көхтөөхтүк кыттарбытыгар ыҥырда. Бу күн биhиэхэ «Түѳлбэ» библиотекара Ольга Ивановна Потапова олоҥхо туһунан кэпсээтэ.
Маны таһынан, сэтинньи ый «Байанай ыйа» туhунан «Компьютернай графика» куруhуок салайааччыта Иванов Владимир Владимирович Байанай ый сиэрин – туомун, алгыhын көрдөрдѳ уонна алгыстаах алаадьынан күндүлээтэ. Ол кэнниттэн куруhуоктарынан араас сахалыы оонньууларга маастар-кылаастарга кытынныбыт.
Биhиги «Олоңхо ыллыктарынан айан» диэн остуол мүччүргэннээх оонньуутугар оонньоотубут. Бу оонньууга мин, Арылхан, холобура, кубик быраҕан, саамай элбэх очкону ылбытым уонна бу оонньууну дьиэҕэ иллэң кэммитигэр оонньуохха сѳп эбит диэн түмүккэ кэллим.
Сайаан Алексеев, Георгий Сивцев, Арылхан Сивцев, «Кыраайы үѳрэтэр» куруhуок оҕолоро.