Баай Барыылаах Байанай ыйын бастакы өрөбүлүгэр биһиги Эмис нэһилиэгэр үгэскэ кубулуйбут оскуола үөрэнээччилэрин Муҥха бырааһынньыгар көхтөөхтүк кыттан кэллибит.
Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто агрооскуолатыттан уопсайа уонча буолан тиийдибит. Биһигини учууталбыт Күннэй Давыдовна Чирикова илдьэ сырытта. Биһиги дьолбутугар, тыала-хаара суох ичигэс күн турда. Муҥха Тэгэрээттэ эбэҕэ ыытылынна. Бастаан буоларын курдук, Баай Байанай иччитигэр анаан сиэр-туом оҥоһуллан, алгыс тыл этилиннэ, алгыстаах алаадьынан уот аһатылынна. Кэлбит ыалдьыттар Күөх Боллох иччитин маанылаан алаадьылаатыбыт, көрдөстүбүт уонна махтанныбыт. Боҕуруоскай отунан сыт таһааран, күн эргииринэн бары ыраастанныбыт, арчыланныбыт.
Дьэ, онтон күүстээх үлэ саҕаланна. Сүүһү кыайбат киһи бары ким-тугу үлэлиэхтээҕинэн арахсан сырыттыбыт. Эмис оскуолатын улахан кылаас уолаттарын көрөн сөхтүбүт даҕаны, астынныбыт даҕаны. Кинилэр улахан дьону кытта тэбис-тэҥҥэ муҥха түһэрэр чардаатын быһаарсан көмөлөстүлэр, ойбон аллардылар, көхө туттулар, үтүмэх ыытыстылар, бэчимэ тардыстылар уонна нырыыһыт да буолан, барыны бары сатыырга үөрэнэллэр эбит.
Биһиги нырыыһыт буоллубут уонна балыктары үллэриигэ көмөлөстүбүт. Күөлтэн соболору бастыбыт. Көрөргө үчүгэйин, биир кэм бидилийэ оонньуур. Собооруйа-хоспооруйа кими да атаҕаастаабакка бэристэ, күндүлээтэ диэн буолла. Собобут киһи ытыһын саҕа кээмэйдээх эбит. Муҥханы таһаарар сүрүн таасчыт киһибитигэр саамай улахан соболору булан мустубут уонна тиксэрдибит. Түмүккэ, кэлбит дьон бары үөрэ-көтө үллэстэн, дьиэбитигэр айаннаатыбыт. Эмис нэһилиэгин олохтоохторугар, тэрийээччилэригэр, илдьибит-аҕалбыт суоппарбытыгар, дириэктэрбитигэр Акулина Семеновна Ивановаҕа, салайааччыларбытыгар махталбытын тиэрдэбит. Үтүө үгэс үйэлэргэ үллэ үксээтин, тэнийдин!
Айдын Иванов, Радмир Дьяконов,
8 кылаас үөрэнээччилэрэ,
«Платформа» медиа киин чилиэннэрэ,
Бөтүҥ, Амма