Суруйааччы суоллааҕы бэлиэтээһиннэрэ
Тус бэйэҥ үөрэҕин, киэҥ билииҥ-көрүүҥ, культураҥ, төрөөбүт тылгыттан ураты атын тыллары баһылааһыныҥ Москваҕа сылдьаргар, олороргор чэпчэтиилэри үөскэтэр. Маннык улахан куорат баай ис хоһоонноох музейдарыттан, улуу артыыстар оонньуур театрдарыттан, художниктар быыстапкаларыттан киһи сайдар.
Түргэн тэтимнээх, сайдыылаах бу олоххо сахалар сыста охсоллорун, улуу куорат тыынын дөбөҥнүк эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэллэрин мин сөҕө саныыбын. Саханы тас көрүҥүнэн уулуссаҕа сэниэхтэрин сөп. Онтон биир-бииргэ истиҥник кэпсэтии, киэҥ ис хоһоонноох сэһэргэһии кэнниттэн сэнээбит сахаларын көрө-билэ, истэ иликпин. Саха ыччата ол иһин Москваҕа үөрэнэр, олохсуйар. Улуус-улуус аайыттан олохсуйбуттар эмиэ бааллар.
Хаһан баҕарар буоларыныы, улахан куорат олоҕо киһини икки өрүттээх оҥорон таһаарар. Өйдөөх буоллаххына – киһи бэрдэ, чулуута буолаҕын, оттон мөлтөөн, кэдэйэн биэрдэххинэ – кии буолан тэпсиллэҕин…
Уйаара-куйаара биллибэт киэҥ-нэлэмэн Россия бары регионнарыттан өрүс сүүрүгүнүү харчы Москваҕа кутулла турар. Онон куорат баай-талым олохтоох, харчылаахха – ырай олоҕун санатар… Улуу өйдөөхтөр тоҕуоруһан мустан, олохсуйбут куораттара Москва буолар. Москва интеллигенциятын ортотугар сырыттаххына, кырдьыга да, биирдэ бэриллэр олох бары кэрэтин, үтүө-мааны өрүтүн билбит-көрбүт курдук сананаҕын. Кинилэртэн элбэххэ үөрэнэҕин, олох иһин тардыһыыҥ хаһаанҥытааҕар да күүһүрэр!
Москва төһө да улуу куорат буоллар, хас биирдии киһиттэн туспа сыһыаны, истиҥ тапталы эрэйэр… Москваны таптаатаххына, үйэҥ тухары умнубаккын.
Иван МИГАЛКИН, саха норуотун поэта
«Москва саха киһитин хараҕынан» кинигэтиттэн, 1999 с.