Бу күннэргэ оскуолаларга Тиһэх чуораан чугдаарда. Оскуоланы бүтэрээччилэр иннилэригэр олох киэҥ аартыга арылынна. Кинилэртэн сорохторо дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка үөрэнэ барар ыра санаалаахтар.
Саха норуотун поэта Иван Васильевич Мигалкин эһиги курдук эдэр сылдьан, сэттэ сыл Москва куоракка олорон үөрэммитэ. Ити 1973-1980 сс. этэ. Суруйааччы «Москва саха киһитин хараҕынан» диэн 1999 с. олус үчүгэй ис хоһоонноох кинигэни суруйбута. Оскуоланы бүтэрээччилэргэ анаан суруйааччы суоллааҕы бэлиэтээһиннэриттэн бэчээттиибит.
Суруйааччы суоллааҕы бэлиэтээһиннэрэ
УРУККУ УОННА БИЛИҤҤИ КӨСТҮҮЛЭР
Төрөөбүт-үөскээбит Мүрү алааспар олорон эрэммин, улуу Москва куорат олоҕун-дьаһаҕын Саха киһитин хараҕынан хайдах сыаналыы көрбүппүн суруйарга сананным. 1995 сыл ыам ыйыгар, 1996 сыл кулун тутар, 1997 сыл балаҕан уонна ахсынньы ыйдарыгар, маны тэнэ 1998 сыл тохсунньутугар итиэннэ кулун тутар, муус ыйдарыгар балачча өр кэмҥэ Москва куорат түргэн тэтимнээх олоҕун уу харахпынан көрдүм, араас идэлээх, тус-туһунан төрөөбүт тыллаах дьонун-сэргэтин кытта сэһэргэстим.
Аан бастаан сылдьар киһиэхэ Москва наһаа сылаалаах, кэлбиккэ ыарахан, тоҥуй сыһыаннаах куорат. Омос көрүүгэ, килэйэн-халайан, түүҥнү уоттара ыраахтан угуйа сандааран, куорат да куорат. Маннык баай-талым олохтоох куоракка дьоллоохтор эрэ олороллоро, үлэлииллэрэ буолуо дии саныыгын.
Күн талбытыҥ барыта баар. Биһиэхэ холоотоххо сыаната да сөбүгэр. Сибиэһэй фрукта, оҕуруот аһын эгэлгэтэ кырыы-кырыытынан анньыллан турар. Төбөҥ саҕа арбуһу баара-суоҕа 10-15 солкуобайга атыылаһыаххын сөп. Халбаһыы, эт, балык, үүт аһылык эмиэ биһиэниттэн чэпчэки. Ac рыноктарын хаһаайыттара – советскай кэмтэн билиҥҥэ диэри пресса араас көрүҥүнэн үөҕүллэ сатаан баран, үөҕүллүүнү эрдээхтик тулуйбут күннээх Кавказ уолаттара. Онтон кинилэр сүгүү көтөҕүү, сытыйбыты-ымыйбыты наардааһын үлэлэрин харчыга хамаҕатык сөбүлэһэр, биһиги Сахабыт сиригэр эрэ өрүү үрдүктүк тутуллар «убайдарбыт», «эдьиийдэрбит» буолаллар. Омук-омук майгыта-сигилитэ ханнык үлэҕэ, хайдах туттан-хаптан сылдьарыттан чопчу көстөр…
Түүннэри-күнүстэри маҕаһыыннар үлэлииллэр, ардах кэнниттэн тэллэй хойуутук үүнэринии ахса суох элбээбит араас ааттаах-суоллаах, эҥин-эгэлгэ киэргэтиилээх рестораннар, кафелар, казинолар кэлбити киэҥ-көмүс уораҕайдарыгар абылыы угуйаллар. Олорго киирэн бараҥҥын, сыыһа тутуннаххына – үөһэ-аллараа дойдулартан биирдэстэригэр: ырайга тахсарыҥ дуу, аадка түһэрин дуу тус бэйэҕиттэн тутулуктанар. Ол гынан баран, саха киһитэ харчыта суоҕа сыттаҕа, ити ааттыыр «дойдуларбар» икки атаҕын укпат буолуохтаах. Үйэ чиэппэрэ кэм устата Москваны көрөн, билэн кэллим.
1973-80 сыллар усталарыгар Москваҕа сылдьыбытым: А.М. Горькай аатынан Литературнай институт поэзияҕа отделениетыгар үөрэммитим уонна Москваттан бэрт чугас Красногорскайынан итиэннэ Ефремов, Брянскай куораттарынан сулууспалаабытым, столица аатырбыт-сураҕырбыт театрдарын, музейдарын үчүгэйдик билэрим. Оччолорго, ыалдьыкка эйэҕэс, үтүө сыһыаннаах куорат буолара.
Түүннэри дьөрү диэн куттаммакка, соҕотох да көҥүл сылдьарыҥ. Алҕас мунан да хааллаххына, сонно тута баар буола охсор оҕонньоттор, эмээхситтэр, эбэтэр милиционердар бэйэҥ аһара акаары эрэ буолбатаргын, үчүгэйдик өйдүүрүҥ курдук барыахтаах сиргин-уоккун чопчу ыйан биэрэллэрэ. Онтон билигин, буор босхо үөҕэн биэрбэтэхтэринэ махтанаҕын, милиционердартан буоллаҕына, кыараҕас харахтааҕын эрэ иһин, дьалты тутта сатыыгын. Бэрэбиэркэлээн баайыстахтарына, 100 дуу, 200 дуу солкуобайгыттан көрө матаҕын. Кинилэрдиин аахсан «кии» буолуоххун эмиэ сөп.
Киһи-киһиэхэ истиҥ сыһыаныгар, омуктардыын доҕордоһууга кыра сааспыттан эт-хааммынан үөрэммит, иитиллибит буоламмын, билигиҥҥи национальнай сыһыаннаһыыны ытырыктата санаатым. Элбэх ахсааннаах норуот аҕыйах ахсааннааҕы баттыырын, кэнэҕэс ол өссө күүһүрүөхтээҕин харааста ылынным.
Иван МИГАЛКИН, саха норуотун поэта
«Москва саха киһитин хараҕынан (суруйааччы суоллааҕы бэлиэтээһиннэрэ)» кинигэттэн, Дьокуускай 1999 с.