Арассыыйа Аармыйатын кэккэтигэр сулууспалыы сылдьар Павел Солдатов бэлиэтээһиннэрэ
Бүгүн балаҕан ыйын 13 күнэ. Суруйбатаҕым син балачча буолла. Бүгүн күнү быһа КамАЗ көлүөһэтин тастыбыт. Сылайыы барда. Соторутааҕыта хамандыырбыт уларыйбыта. Сүрдээх кытаанах киһи. Ааспыкка атын чааска барбыт уолаттарым, сахалар, эрийэ сылдьыбыттара. «Күнү быһа үлэлээн тахсабыт» дииллэр. Манна күһүммүт саҥа кэлэн эрэр. Сарсыарданан тымныы, эбиэккэ сылыйар.
Соҕотохсуйуу диэни умнан да эрэбин. Манна баар «старослужащий» уолаттары кытта билсэн, уопсай тыл булан, кинилэри кытта сылдьар буоллум. Сүбэлииллэр, өйүүллэр. Уолаттар ахсынньыга дембель буолаллар. Баҕар, бэйэлэрин оннуларыгар каптерщигынан хааллараары гыналлар. Саҥа дьылга сулууспам аҥаара буолар.
Аармыйаҕа кэлэн баран аны хоһоон суруйарга холонон көрөр буоллум. Оннук үчүгэй буолуо дии санаабаппын эрээри, суруйууларбын сэргээн ааҕар дьоммун кытта үллэстэбин.
Күөх сайын бүтэрдии,
Көмүс күһүн тиийэрдии,
Аан бастаан тыын ылардыы,
Кэрэ кэскил суолугар турардыы,
Дьай хара баарын умнардыы
Мин санаам үрдүүр.
Буруйу, боруогу истибэккэ
Уран санаабын сааһылаан
Инним диэки хардыылыыбын,
Дьулуспут сыалбын ситиһиэм –
Барыта кэрэ буолуоҕа.
***
Балаҕан ыйын 14 күнэ. Сулууспам баран испитин курдук баран иһэр. Бүгүн учебкаҕа сылдьар уолаттары кытта кэпсэттим. Сотору барыларын атын чаастарга ыыталыыллар үһү. Сотору кэминэн өссө саҥа саллааттар кэлэллэр. Кимнээх кимнээх кэлэллэрэ биллибэт.
Бүгүн сарсыарда сулууспам болдьоҕун уһатар туһунан ыҥыран кэпсэттилэр. Аккаастаатым. Аармыйа кэнниттэн туох былааннаахпын ыйыттылар. Салгыы үрдүк үөрэххэ киирэр, үлэһит буолан дьоммор көмөлөһөр, кыра бырааппын көрөр былааннаахпын туһунан эттим. «Сөп, өйдөөтүм. «Дьоҥҥор көмөлөһүөххүн наада», – диэтэ. Ону мин: «Өйдөөбүккүтүгэр махтал», – диэн баһыыбалаатым. Учебкабын бииргэ ааспыт уолаттарбын көрсөн кэпсэтии-ипсэтии бөҕөтө буоллубут. Биэс уонча билэр уолаттарбын, ол иһигэр уонча саханы кытта дорооболоһон, кэпсэтэн аастым. Уолаттарбын көрбөтөҕүм ырааппыт буолан ахтыбыппын. Сахалыы кэпсэтэрбин суохтаабыт да эбиппин! Этэргэ дылы, хараҕым кытта сырдаата.