Арассыыйа Аармыйатын кэккэтигэр сулууспалыы сылдьар
Павел Солдатов бэлиэтээһиннэрэ
Бүгүн армияҕа сулууспалыы кэлбитим 30 күн буолла. Повесткабын ыам ыйыгар туппутум. «Уол оҕо сулууспалыахтаах» диэн улааппыт буоламмын, армияттан куотар санаам суоҕа, справка эҥин хомуйса барбатаҕым. Дипломмун көмүскээн, госэкзамеммын туттаран, үөрэхпин барытын түмүктээбитим. Арай дипломмун эрэ илиибэр туппатаҕым. Чэ, буоллун. Эһиил тиийдим эрэ бэлэм диплому ылыам.
Повесткабар ыйыллыбыт кэмҥэ куоракка «Маякка» сборнай пууҥҥа тиийбитим. Нэдиэлэ курдугунан Читаҕа көппүппүт. Ол күнтэн саҕалаан армия олоҕо саҕаламмыта.
***
Армияҕа кэлэн баран бастаан КМБ (курс молодого бойца) ааһаҕын уонна присяга, сахалыы эттэххэ, андаҕар ылынаҕын. КМБ ааһар кэмҥэр армия устаабын нойусуус үөрэтэҕин. Биир да тылы сыыһа саҥарыа суохтааххын, барыта чуолкай буолуохтаах. Сыыһа саҥардаххына, мөҕүллэҕин уонна хаһан барытын сөпкө этиэххэр диэри саҥаттан хатылыыгын.
Присяга ылан баран, дьэ дьиҥнээх солдат буолаҕын. Ол күн 70-ча солдат присяга ылбыппыт. Ол күн 70-ча киһиттэн соҕотох миигин бу сулууспалыы сылдьар чааспар талан ылбыттара. Манна сахалар үһүөбүт. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөбүт. Оннук буолуохтаах даҕаны.
***
Өйүүн төрөөбүт күнүм. Манна кэлэн баран, дьиэбин, дьоммун санаабатах күнүм диэн суох. Дьонум оттуу сылдьабыт дииллэр. Быйыл ходуһалара бэркэ үүммүт. Миигин суохтаабыттар. Тыа сиригэр от-мас үлэтин оҥоро, техниканы билэ улааппытым армияҕа туһалыыр. Үлэттэн куттаммаппын. Барытын оҥорон иһэбин. Сатыыбын. Үлэни билэр буолан, бэйэбэр эрэллээхпин.
***
Армияҕа хобуоччулуу, үҥсэргии сылдьар куһаҕанын биллим. Оннук гынар дьоннор бааллар эбит. Кинилэртэн сылтаан бары мөҕүллэбит. Ол куһаҕан. Дьиҥинэн, армия оннук куһаҕан, ыарахан буолбатах. Түргэнник үөрэнэҕин. Барыта режим, хамаанда. Оннук буолуохтаах да дии саныыбын. Остолобуойга үчүгэйдик аһаталлар. Чааспыт иһигэр маҕаһыыннаахпыт. Онон сок, хампыат, бичиэнньэ атыылаһабыт. Бурдук ас эмиэ баар. Бэрэски, беляш, дьиэҕэр курдук буолбатах эрээри, амсайарга барсар.
***
Бу нардяка олорон суруйабын. «Наряд, караул – армия основата» дииллэрэ кырдьык. Иккилии күн буола-буола караулга турабыт. Ардыгар киэһэ биэс чааска диэри, ардыгар киэһэ өттүгэр, сороҕор түүн. Ким киирэрин-тахсарын, кэлэрин-барарын кэтиибит, көрөбүт.
Аҕыс ый сулууспалаабыттары «старшайдар» дииллэр. Бүтэллэрэ түөрт эрэ ый хаалбыт. Бу курдук барыта этэҥҥэ баран истэҕинэ, биһиги да «старшайдар» буолуохпут.
02.08.2023 с.