Быйыл 9-с кылааһы түмүктүүр ОГЭ туттара сылдьар буоламмын, сайын кэлбитин өйдөөбөккө да хаалбытым. Экзаменнары туттарыы долгутуулаах этэ.
Онно эбии сайын Владивостогунан Камчаткаҕа барар буоламмыт, дьонум билиэппин саас эрдэ атыыласпыттара. Ол иһин экзаменнарбын үчүгэйдик туттаран, айанныырбар туох да мэһэйи үөскэтиэ суохтаах этим. Ол барыта бэйэбиттэн тутулуктааҕын өйдүүрүм. Хата, барытын үчүгэйдик туттарбытым. Ону үөрэххэ сыһыаннаах бастакы улахан ситиһиим диибин.
Владивостокка
Камчаткаҕа айаммыт Владивосток куораттан саҕаламмыта. Бу куорат киһи эбитэ буоллар, дьонтон эрэ ураты көстүүлээх, киһи хараҕар тута быраҕыллар, 30-35 саастаах уолга майгыннатыам этэ.
Владивостокка кэлбит турист аан бастаан Русскай арыытыгар баар вантовай (торуостарынан тардыллан турар) муостаҕа сылдьар. Бу маны көрөн бараммын, аан дойду үрдүнэн саамай улахан муосталар ахсааннарыгар киирэр тутуу буоларын итэҕэйдим.
Тобизина тумултан ордук үчүгэй кэрэ көстүүлээх сири өссө ханна да көрө илик этим. Бу тумул Русскай арыы Петр I хомотугар баар, саамай соҕуруу турар туочуката. Японскай муораҕа киирэн эрэр курдук турар. Тумулга таҕыстаххына, Приморье кэрэтин барытын көрөҕүн. Сир бүтэр уһуга ханна баара буолуой диэн наар толкуйдуубун. Бу тумулга туран, бу манна сир бүтэр уһуга баар эбит дуу диэн санаан ыллым.
Владивостокка Владимир Клавдиевич Арсентьев аатынан Дальнай Восток историятын кэпсиир музейыгар сырыттыбыт. Манна Саха сирин историятын көрдөрөр экпонаттар эмиэ бааллар. Музей 1884 сыллаахха төрүттэммит. Владимир Арсентьев диэн нуучча улуу айанньыта, географ, суруйааччы, Дальнай Востогу чинчийээччи, байыаннай. Бу музейга сылдьаммын кини туһунан история, география уруоктарыгар учууталбыт кэпсээбитин өйдөөн кэллим.
Владивостокка Дальнай Востоктааҕы Федеральнай университеты сөбүлээтим. Аны икки сылынан манна үөрэнэ кэлбит киһи диэн испэр ымсыырдым.
Владивосток океанариума киһини сөхтөрөр ураты көстүүлээх эбит.
Японскай муора тууһа Хара муоратааҕар 30 бырыһыан үрдүк дииллэр. Ол киһи айаҕар тута биллэр. Уута аһыы да аһыы. Хара муораҕа айаҕым итинник аһыйбытын өйдөөбөппүн.
Владивостокка пааматынньык, сквер олус элбэх. Олортон «Рука помощи» бэлиэ тааһы сөбүлээтим. Онно маннык суруктаах: «помни,что у тебя две руки: одна,чтобы помогать себе, другая – чтобы помогать другим».
Мин бэйэм сүүрүүнэн дьарыктанабын. Дьокуускайга Күөх хонуу аттынан сүүрэ сылдьан, арай бу муора буоллун диэн наар саныыр этим. Хаһан эрэ муораҕа тиийдэхпинэ сарсыарда эрдэ тураммын муора аттынан сүүрүөм диэн наар саныыр этим. Ол баҕа санаабын толорон, Владивостокка сарсыарда 5 чааска туран сүүрдүм. Уу-чуумпуга муора долгунун тыаһа киинэҕэ көстөр курдук. Олохпор өссө биир ыра санаабын толорбуппуттан астынным.
Камчаткаҕа
Камчаткаҕа эһээм Филипп Афанасьевич бииргэ төрөөбүт быраата Тихон Афанасьевич Матвеев олорор. 72 саастаах. Байыаннай. Подводнай лодкаҕа сулууспалаабыт 2 рангалаах капитан.
Ыраах дойдуга Саха сириттэн тиийэн, элбэҕи ситиспит. Наһаа убаастыыллар. Тылын истэллэр. Утары саҥарбаттар. Киирэн кэллэҕинэ, киһи барыта «Тихон Афанасьевич!» диэн байыаннайдыы көрсөллөр. Биһигини эмиэ аймахтара диэн убаастыы көрөллөр, балыктыыр базаҕа тиийбиппитигэр баанньыктаах, толору хааччыллыылаах дьиэни бэлэмнээбиттэр этэ.
Тихон Афанасьевич байыаннай киһи буолан, ирдэбиллээх, кытаанах, күннээҕи режимы тутуһуннарар. Кини аттыгар тутта-хапта сылдьарын барыта бэрээдэк, ыраас буолуохтаах, бэйэҥ кэннигиттэн тугу да хаалларбакка хомуйа сылдьыахтааххын, эппит кэмигэр барыта оҥоһуллуохтаах, баар буолуохтаах. Ону барытын толорор миэхэ бастаан ыарахан этэ. Кэнники син үөрэммитим.
«Мин 2 тыһыынчаттан тахса киһини бэйэм хонтуруолбар тутан илдьэ сылдьыбытым», – диэн эппитин салла иһиттим. Ирдэбиллээх, кытаанах салайааччы буолан, ону барытын ситиспит эбит дии санаатым.
Камчатканы кырдьаҕас, муударай, сүбэ-ама биэрэ сылдьар, дэлэй астаах-үөллээх киһиэхэ майгыннаттым. Тиийээт да, бастакы күммүтүгэр Охотскай муора Авачинскай бухтатыгар балыктыы барбыппыт. Оҥочонон тиийэн, спинингынан балыктаабыппыт. Элбэх камбала балыгы туппутум. Бу балыгы тыыннаахтыы көрдөххө, хараҕа дьикти баҕайы. Бастаан балык хараҕын хайдах эрэ гынным быһыылаах диэн куттана санаабытым. Онтукам бэйэтэ итинник эбит. Эттээх балык. Бустаҕына амтана окорочкаҕа майгынныыр. Авачинскай бухтаҕа «Три брата» диэн аатырар очуос таастар тураллар.
Камчатка вулканнарынан аатырбыт дойду буоларын итэҕэйдим. Петропавловск-Камчатскай куорат Авачинскай уонна Вилючинскай диэн икки вулкан икки ардынан турар. География уруогар вулкан күлэ почваҕа саамай туһалаах диэн үөрэппиппит. Ол кырдьык эбит. Үүнээйитэ, маһа-ото хойуу. Мастарын сэбирдэҕэ киһи ытыһын саҕа. Уонна биһиэнигэр тэҥнээтэххэ, хараҥа от күөҕэ өҥнөөх. Муора кытыытыгар иннэлээх мас үүммэт эбит диэн көрдүм. Хатын, тэтиҥ мас элбэх. Киэһэ +4, +5 кыраадыс буолар. Күнүс +20 кыраадыс. Киэһэ хараҥарар. Олохтоохтор оҕуруот бөҕөтүн үүннэрэллэр.
Россияҕа аатырар «Малка» термальнай источникка сырыттыбыт. Сир анныттан 100 кыраадыс итии уу тахсар. Туристар сеткаҕа сымыыт уган буһаралларын көрдүм. Малка Петропавловск-Камчатскайтан 130 км. сиргэ хайаҕа турар. Дьиҥнээхтик «ква-ква-ква» диэн саҥарар баҕалар бааллар. Урут манна итинник баҕа суох эбит. Ону боруобалаан диэн аҕалан ыыппыттара үөскээбит. Бу сири сөбүлээбит дииллэр. Малка тулата кыһыннары, сайыннары наар күөх турар эбит.
Салгыы Большерецкай оройуоҥҥа Большерецкай бөһүөлэккэ баран, Большая диэн өрүскэ балыктаатыбыт. Өрүс Охотскай муораҕа түһэр сирин диэки балыктыыллар эбит. Петропавловск-Камчатскайтан 190 км. сиргэ баар. Камчатка арҕаа кытылыгар турар. Биһиги сылдьар кэммитигэр чавыча балык тахсар кэмэ этэ. Бу кыһыл эттээх, 20 тахса киилэ ыйааһыннаах улахан балык. Туристар балыктыылларыгар биир күҥҥэ ылар лицензияларын сыаната 2 тыһ. солк. Ону күүскэ бэрэбиэркэлииллэр уонна ирдииллэр.
Камчатка туһунан хартыыналарга эһэ уруһуйа наар баар буолар. Манна эһэҕэ ураты сыһыан баар. Сырсан бултаабаттар. Харыстыыллар. Айылҕа кыылларын наһаа убаастыыллар. Биһиги балыктыы сылдьыбыт базабытыгар аҕыйах хонуктааҕыта эһэ кэлэ сылдьыбыт этэ. Ону наһаа холкутук ылыналларын дьиктиргии санаабытым. Ыйыталаспыппар: «Кэнники кэмҥэ туристар эһэни наһаа аһатар буоланнар, дьон олорор сиригэр чугаһыыр буолла»,– диэбиттэрэ.
Камчаткаҕа атаарбыт уон күммүттэн саамай кэтэспит күнүм – Тиихэй океаҥҥа хаһан барабыт диэн этэ. Аһаҕас океан кытылыгар турар Халактырскай пляжка сырыттыбыт. Бу Петропавловск-Камчатскайтан 30 км. сиргэ баар. Сёрфины сэҥээрэр дьон манна мустан күрэхтэһэллэр, үөрэнэллэр, дьарыктаналлар эбит. Океан киэҥ да киэҥ, долгуна наһаа күүстээх. Тиихэй океаны глобуска, каартаҕа эрэ көрбүт буоллахпына, хараххынан көрөр диэн олох атын эбит. Халлаан уонна уу бииргэ холбоһон турара, долгун тыаһа, киэҥэ, модуна, дохсуна… барыта холбоһон астык көстүү. Тиихэй океаны көрбүппүн умнубатым буолуо дии саныыбын.
Мин Камчаткаҕа айаным элбэх билиини-көрүүнү биэрдэ. Бэйэм сири-халлааны интэриэһиргиир буоламмын, бу айан миэхэ туһалаах буолла. История, география уруоктарын үөрэтэрбэр көмөлөһүө дии саныыбын.
Айхал Матвеев, Х «В» кылаас, 17 №-дээх оскуола, Дьокуускай.