Мин эһэм Гаврил Гаврильевич уонна эбэм Раиса Никифоровна Старостиннар 1978 сыллаахха Дьааҥы улууһун Мэтээки учаастагар ыал буолбуттара. Онтон ыла номнуо 45 сыл ааста. Кинилэр алта оҕону атахтарыгар туруоран, улаатыннаран эйэ дэмнээхтик олорон, билигин биһигини сиэннэрин көрөллөр, сүбэ-ама биэрэр күндү дьоммут буолаллар.
Иккиэн ыарахан үлэттэн игин чаҕыйбакка, уһуннук үлэлээн баран, билигин сынньалаҥҥа олороллор. Олохторун холбообут Мэтээкилэрин ахталлар. Эһэм Мэтээки туһунан бу курдук кэпсиир:
— Оччолорго Мэтээки, Верхоянскай совхоз биир кырыы бөдөҥ производственнай учаастага этэ. Бэйэтэ туспа дизельнай электростанциялаах, үлэһиттэр сынньанар кулууптаах, маҕаһыыннаах, эминэн толору хааччыллыылаах анал фельдшерскай-акушерскай пууннаах кыра бөһүөлэк тэҥэ буолааччы. 50-60-ча ыанар ынаҕы, ону таһынан элбэх субан сүөһүнү икки-үс улахан хотонунан кыстатарбыт. Сылгыһыттар манна баазаланан сылгыларын көрөллөрө-истэллэрэ. Элбэх киһи үлэлиирэ, сорох арыт үлэһит тиийбэт да курдук буолара. Мэтээкигэ трактор сыһыарыллан отторун-мастарын тиэйэрэ. Трактор турар анал гараж баара. Трактор көлө саамай тыын тутаах көлөбүт буолара. Билиҥҥи курдук үлэ суох дии-дии таах мээнэ сылдьар киһи суоҕа. Оччолорго да үлэ быраабылатын кыратык кэспиттэр бааллара да, бэрээдэги тутуһуу өрө тутуллара. Үлэ бэрээдэгин кэспит киһи утары дьүүллэнэн миэрэ ылыллан иһэрэ. Салайааччылар, кырдьаҕастар этэллэрэ сокуон курдук буолара, убаастанара. Кулуупка эдэр ыччат иллэҥ кэмин атаарара, араас тэрээһиннэри тэрийэллэрэ. Кырдьаҕастыын-эдэрдиин бары көхтөөхтүк кытталлара. Сотору-сотору анал агитбригалар кэлэн концерт, киинэ көрдөрөн, субуотунньук тэрийэн бараллара. Бөһүөлэктэн таһаҕас (комбикорма, уматык) тиэйэн истэххэ “Торбос” диэн сир үрдүтүттэн Мэтээки уоттара угуйа тырымныы тураллара ыраахтан көстөрө үчүгэй да буолара. Быһатык эттээххэ үлэ күөстүү оргуйара.
— Ол бэйэтэ билигин быраҕыллан, эрбэһин отунан саба үүнэн, дьиэлэр алдьаммыт түннүктэрэ уолбут харах курдук чөҥөрүһэн, ордон хаалбыт оһохтор турбалара чоҥкуйа кырыаран, халыҥ хаарынан бүрүллэн сытар. Хаһааҥҥыта эрэ үлэ-хамнас оргуйа олорор, саас, сайын ыччат мустан мээчиктиир, оонньуур күлүүтүнэн олорор сир этэ буоллаҕа. Дьэ уонна билигин төрүт үгэспитин илдьэ сылдьабыт, сайыннарабыт, сирбитин-уоппутун харыстыыбыт, өбүгэлэрбит олорон үлэлээн кэлбит олохтоорун суолун сыаналыыбыт, үрдүктүк тутабыт, кэлэр көлүөнэ ыччата онно угуйуллан үөрэтэбит диэн айдаарары мин биир бэйэм хайдах эрэ итэҕэйиэх санаам кэлбэт… , — диэн эһэм мунаахсыйарын элбэхтик истэбин. Ол кэминээҕи киһи буолан буолуо, бэйэтин көлүөнэтин киэҥ тутта кэпсиир.
Эһэм Гаврил Гаврильевич этэринэн, оччотооҕу ыччат хара үлэттэн саҕалаан олоххо сыһыана, барыга бары дэгиттэр сатабыллааҕа. «Үгүс ыччат музыкальнай инструмеҥҥа оонньуура, сороҕор кистээн хоһоон суруйара. Биллэн турар, ол суруйуулара үрдүк профессиональнай таһымҥа буолбатах, дьиэ эркиннээҕи уонна онон үлэ оҥостон дьарыгырар бириэмэ да суоҕа. Ол гынан баран музыкаларын истибит, хоһоонорун аахпыт киһи сэҥээриитин ылааччылар. Билигин сорохтор оччо бэйэлээх дьоҕурдаах-талааннаах дьонтон төһө үөрэхтээх-таймалаах дьон баалларый диэн туоһулаһыаххыт. Учуутал, медик, тыа хаһаайыстыбатын үөрэхтээхтэрэ син бааллар. Оччолорго хара үлэ, илии үлэтэ ордук сыаналанар кэмэ этэ», — диир эһэм.
Кини оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, учууталларын үтүктэн хоһоон суруйан боруобаланар эбит. Поэт Дмитрий Дыдаев салайар куруһуогар дьарыктаммыт. Бэһис-алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан “Бэлэм буолга”, “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттээбиттэрэ диэн кэпсиир. Кэлин дьарык оҥостубатар да, онно-манна ыһыллыбакка хаалбыт хоһооннорун түмэннэр аймах-билэ дьонун көмөлөрүнэн “Санааларым аргыстарым” диэн кинигэ таһааттарбыта. Бу кинигэтин эһэм туохтан да күндүтүк саныыр. Кини улуустааҕы “Эчий”, нэһилиэк “Сыккыс” литературнай түмсүүлэргэ холобур буолар киһилэрэ. Кини хоһоонноро “Таас күрүлгэн” хас да кинигэтигэр, “Алгыстаах түһүлгэ” хомуунньуктарыгар бэчээттэнэн киирбиттэрэ.
Эһэм тыаҕа сылдьарын туохтан да ордорор. Кыһын аайы биир кииһи, саһылы бултуур бэйэтэ быйыл улаханнык ыарытыйан ыраата бара илик. Сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан хайаларын дабайарын сөбүлээччи (тула хайалардаах сиргэ олоробут). Дьиэҕэ олорон билигин “хайаларбар хаһан эрэ тахсыбыт киһи” диэн баҕа санаалаах.
Биир түгэни кэпсиим. Кыһыҥҥы киэһэ иккиэн улууссанан дьиэлээн истэхпитинэ “Истэҕин дуо, Ларик, ити туох тыаһыырын?» , — диэн ыйыппытыгар “дизельнай электростанция тыаһыыр” диэммин мөҕүллүбүтүм. “Хайдах болҕомтото суоххунуй, ДТ трактор гусеницатын тыаһа дии, “Сиэр” тоҕойун эргийэн эрэр – эдэр сааһым тыаһа”, — диэн баран дириҥник өрө тыыммыта. Ол кэннэ болҕойон истибиппэр, ыраах талыгырыыр тыас баара… Эһэм барахсан кулгааҕар эдэр сааһын умнуллубат тыаһа ахтылҕаннаах музыка курдук иһилиннэҕэ.
Илларион Старостин, “Аартык” эдкора, Арыылаах, Дьааҥы.