Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй IX кылааһын үөрэнээччилэрин санаалара
Иннокентий Сосин «Эһэм сүтүгэ» диэн кэпсээнинэн Константин Барашков-Толлуман уһулбут «Мэтээл» киинэни Амматааҕы лиссиэй ортоку уонна улахан кылаас оҕолоро сэргээтибит. Билиҥҥи кэмҥэ «Хорсунун иһин» мэтээл суолтатын туһунан ырыттыбыт, кэпсэттибит.
***
Мин санаабар, Макар көрдөххө эрэ үчүгэй киһи. Ис санаата соччото суох. Кини мэтээллэри коллекциялыыр. Кыра оҕолору албыннаан, байар. «Хорсунун иһин» мэтээл киһиэхэ чэпчэкитик кэлбэт. Ийэ дойдутугар хорсун быһыыны көрдөрбүт киһи ылар.
Сайаана ТРОФИМОВА
***
Мин санаабар, мэтээл дириҥ суолталаах. Киһи барыта наҕараадаламмат. Оттон «Хорсунун иһин» мэтээли чэпчэкитик, харчыга атыылаһан ылбыт киһи бэйэтин дьоруойбун, үчүгэй киһибин диэн сананар. Ол бэйэтигэр эрэ наада.
Альберт РОМАНОВ
***
Толлуман Барашков И. Сосин «Эһэм сүтүгэ» кэпсээнинэн уһулбут «Мэтээл» киинэтэ билиҥҥи олоххо суолтатын сүтэрбэт. Сэмэн Обутов сэрии бэтэрээнэ буоларыттан киэн туттар. Хара көлөһүннээх мэтээлин олус сыаналыыр. Коллекционеры олох сөбүлээбэтим. Дьоннору албынныыр, харчыны эрэ эккирэтэр. Кырдьаҕас дьоҥҥо сыһыана мөлтөх. Оҕолору кыраларын иһин сэнээн, таах албынныыр, түөкүннүүр. Бу киинэни көрөммүн, элбэҕи өйдөөтүм.
Надя ДЬЯКОНОВА
***
Мин И. Сосин «Эһэ сүтүгэ» кэпсээнинэн уһуллубут «Мэтээл» киинэттэн Витяны таба көрдүм. Кини сэрии бэтэрээнэ Сэмэн Обуутап сиэнэ. Дима диэн доҕордоох. Атаһа үчүгэй төлөпүөнэ суоҕуттан олус хомойоро. Витя дьиҥнээх табаарыс эрээри сиэн быһыытынан куһаҕан сиэн, эһэтин мэтээлин доҕоругар биэрэр. Ону Дима коллекционерга илдьэн баҕалаах төлөпүөнүгэр атастаһар. Витя эһэтин сүтүгүттэн суобаһа оонньуур, санаарҕыыр. Бэрт эрэйинэн алҕаһын билинэн, мэтээли эһэтигэр төннөрбүтэ үчүгэй.
Мин санаабар, оҕолор бэйэлэрэ буруйдаахтар, билбэккэ, ыйыппакка эрэ мэтээли ылан коллекционер Макаарга биэрбиттэрэ.
Тулусхан Соколов
***
Мин санаабар, Макаар аһары бэйэмсэх.Кырдьаҕас киһи, сэрии бэтэрээнэ диэн Сэмэн Обуутабы убаастаабат. Крутой массыына эрэ ылар кыһалҕалаах.
Богдан СТЕПАНОВ
***
Бу киинэни оскуола үөрэнээччилэригэр элбэхтик көрдөрүөхтэрин наада. Ким баҕарар итинник суолга түбэһиэн сөп. Хос эһэлэр, эһэлэр мэтээллэрин сиэттэригэр көрдөрөллөрө буолуо дии. Билиҥҥи дьон сэрии бэтэрээннэрин, кырдьаҕас дьону олох харыстаабаттар, наадыйбаттар, биһиги кинилэргэ, кырдьаҕас дьоҥҥо, махтаныахпытын наада. Биһиги олохпутун кинилэр чэрдээх илиилэринэн, үтүө санааларынан туппуттара. Кинилэр биһиги туспутугар сэриигэ өстөөхпүтүн кыайбатахтара буоллар, суох буолуохпут этэ. Пааматынньыктары дьаабылыыр оҕолор куөаҕан иитиилээхтэрэ көстөр. Мин Витя эһэтигэр мэтээли төннөрбүтүттэн олус үөрдүм. Чугас дьоҥҥутун харыстыы сылдьыҥ, куһаҕан санаалаах дьоҥҥо хаһан да түбэһимэҥ.
Диана Гаврильева
***
Бу кэпсээн киһини элбэххэ үөрэтэр. Киһи уоран, албыннаан бэйэтигэр туох да үчүгэйи аҕалбата көстөр. Киһи чиэһинэй, суобастаах, сыыһатын билинэр, бэтэрээннэри ,кырдьаҕас дьону убаастыыр, харыстыыр буолуохтаах.
Виолина СИВЦЕВА
***
Бу киинэҕэ сэрии, үлэ бэтэрээннэригэр сыһыан көстөр. Уонна чопчу дьиэ кэргэҥҥэ бэйэ-бэйэҕэ сыһыан. Билиҥҥи кэмҥэ оҕолор уонна ыччат бэтэрээн диэн суолтатын умнаары гыммыттар.Мин сэрии хайдах курдук дьон майгытын уларытарын туһунан хаста да кинигэ аахпытым, киинэ көрбүтүм. Мин ис сүрэхпиттэн бэтэрээннэри ытыктыыбын, кинилэр хорсун быһыыларыттан өрө көтөҕүллэбин, киэн туттабын, сүгүрүйэбин. Ол иһин билиҥҥи буола буола турар түгэннэртэн олус кыһыйабын, хомойобун. Ол иһин Толлуман Барашков устубут киинэтэ бэтэрээннэри улуу дьон курдук көрбүтүттэн ордук астынным.
Женя ДАВЫДОВА
Салайааччы М.Д. Ноговицына
, саха тылын уонна литературатын учуутала