Сэтинньи 18 күнүгэр оскуолабыт орто уонна үрдүкү сүһүөх кылаас оҕолоругар уонна төрөппүттэригэр дьиэ кэргэн математикаҕа олимпиадата ыытыллынна.
Үгэскэ кубулуйбут күрэс сүрүн соруктарынан оҕо уонна төрөппүт алтыhар түгэнин үөскэтии, оҕо үөрэтэр предметин нөҥүө удьуорунан бэриллибит дьоҕурун таба тайанарыгар, салгыы бэйэтин сатабылын сайыннарарыгар усулуобуйаны тэрийии буолар.
Күрэххэ кылаас аайыттан дьиэ кэргэн хамаандата (оҕо уонна төрөппүт) кыттыыны ыллылар.
Быйылгы күрэххэ барыта 25 хамаанда кыттан, арааһынай хабааннаах сорудахтары оҥорон, миэстэлэр маннык таҕыстылар:
5-7 кылаастарга 1 миэстэ — Айсен, Ольга Федоровна Федоровтар,
2 миэстэ — Горик, Лилия Владимировна Плотниковтар,
3 миэстэ — Кирилл, Кира Кирилловна Петровтар ыллылар.
8-11 кылаастарга: 1 миэстэ — Сандаара, Афанасий Афанасьевич Неустроевтар,
2 миэстэ — Вова, Мария Михайловна Чепаловтар,
3 миэстэ — Нарыйа, Ваня Егоровтар.
Бары кыттыылаахтар сертификатынан, кыайыылаахтар грамотанан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Күрэхтэһиибитигэр спонсордаабыт олохтоох администрацияҕа, бэтэрээннэр сэбиэттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Оскуолабыт үгэс буолбут тэрээһинэ сылтан сыл элбэх кыттааччыны түмтүн!
Валерия Барабанова, XI кылаас, оскуола пресс киинэ.