Бүгүн Дьокуускай куоракка бастакы бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи мас уустарын күрэҕин үөрүүлээх арыллыыта буолла. Манна Сахабыт сирин араас муннуктарыттан кырыымпа, чороон, сахалыы ох саа оҥорор мас уустара мустаннар бэйэлэрин икки ардыларыгар күрэхтэһэллэр.
Тэрээһин үөрүлээх чааһыгар ытык-мааны ыалдьыттарынан Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирков, Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Васильевич Местников, Ил Түмэн дьокутаата Иван Иванович Данилов, Олоҥхо тыйаатырын салайааччыта Мария Васильевна Турантаева уонна Арассыыйа норуодунай маастара, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах хомус ууһа, Арассыыйа уустарын сойууһун чилиэнэ Роман Ильич Готовцев буоллулар.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирков саха уустарын үлэлэрэ Аан дойдуга үрдүктүк сыаналанарын, кинилэр норуот үгэһин утумнааччылар буолалларын бэлиэтээн эттэ. Саха сирин мас уустара бэйэлэрэ туспа түмсүү тэринэн, оҥоһуктарыгар бэйэлэрин ааттарын иҥэрэр туһугар үлэни ыыталларыгар сүбэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтата бу түмсүү тэриллэрин өйүөҕэ диэн баҕа санаатын эттэ.
Уустар күрэхтэрэ икки күн устата буолуоҕа. Тэрээһин мас уустарын сатабылларын сайыннарар, саха култууратын үйэтитэр, ыччаты төрүт дьарыкка сыһыарар сыаллаах ыытыллар.
Keskil14.ru