Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуола интернакка өрөспүүбүлүкэбит 22 улуустарыттан кэлэн оҕолор 5-11 кылаастарга үөрэнэллэр, спорт 7 көрүҥэр дьарыктаналлар. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттан чемпион, призер үрдүк ааттарын ылбыт оҕолор элбэхтэр. Быйыл саамай улахан ситиһиилээх 10 В кылаас үөрэнээччитэ Марианна Ушницкаяны буолар.
— Марианна,быйыл Аан дойду чемпионкатын үрдүк аатын ылан барыбытын үөртүҥ. Маннык улахан ситиһиигэ хайдах тиийдиҥ ? Уонна бэйэҕин ааҕааччыларга билиһиннэр .
— Мин Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгиттэн 6-с кылааска кэлэн бу оскуолаҕа үөрэнэбин. Мас тардыһыы отделениятыгар дьарыктанабын.
Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт, мин улахаммын уонна икки бырааттаахпын. Ийэм Марина Николаевна омук тылын учууталынан үлэлиир. Миигин саамай өйүүр дьоннорбунан эбэм Дарья Захаровна, эһэм Охлопков Николай Николаевич буолаллар. Спортка, үөрэххэ ситиһиилэрбиттэн наһаа үөрэллэр, онон ситиһиилэрбин кинилэргэ аныыбын.
Үөрэхпэр үчүгэйбин, сөбүлүүр предметтэрим — биология, химия. Интернакка бары наһаа көрдөөхтүк, биир дьиэ кэргэн оҕолорун курдук иллээхтик олорорбутуттан үөрэбин. Каникулга, күрэхтэһиигэ эҥин бардахпына, оҕолорбун ахтан аҕай кэлэбин. Иитээччим — Калачева Прасковья Семеновна, кылааһым салайааччыта — Горбунова Лидия Михайловна, тренерим — Чемпин Василий Николаевич.
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгы миэстэни ылан, Россияҕа кыттар үрдүк чиэһи ылбытым. Ол кэнниттэн Башкирия Уфа куоратыгар баран, Россияҕа бастаабытым уонна аан дойдуга бастыыр иһин күрэхтэһиигэ кыттар путевканы ылбытым. Онтон быйыл күһүн балаҕан ыйыгар аан дойдуга бастыыр иһин күрэхтэһиигэ кыттан, бастаатым. Бу күрэхтэһии Узбекистан Хива куоратыгар буолбута. Барыта 60 дойдуттан кыттааччылар бааллара, Саха сириттэн 33 буолан барбыппыт.
Республикам , оскуолам аатын көмүскүүр — улахан эппиэтинэс. Онон биир да дьарыгы көтүппэккэ, тренер сүбэтин ылынан, утумнаахтык дьарыктанабын. Быйыл эмиэ Россияҕа тахсар путевка ылар иһин бэлэмнэнэбин.
— Марианна, эн санааҕар, кыыс оҕо анала диэн тугуй?
— Кыыс бу орто дойдуга олоҕу салгыыр аналлаах кэлэр. Ол иһин кини доруобуйатын көрүнэр, үтүө санаалаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс сыһыаннаах буолуохтаах. Уонна олоххо наадалаах сатабылларга үөрэниэхтээх. Холобур, сатаан ас астыыр, иистэнэр, дьиэни-уоту көрөр…
— Инники олоххор туох былааннааххыный?
— Оскуоланы бүтэрдэхпинэ, быраас үөрэҕэр киириэхпин баҕарабын. Педиатр буолан, кыра оҕолору эмтиэм этэ. Спордунан доруобай буолар туһугар дьарыктаныам дии саныыбын.
Д.П.Коркин аатынан спортивнай оскуола-интернат пресс-киинэ.
Чурапчы.