15 саастаах Лилия Солдатова ааспыт үөрэх дьылын түмүктээри сылдьан бэйэтигэр сорук туруоруммута – сайын хайаан үлэ миэстэтин булан, үлэлиибин, хамнастанабын диэн! Сайын устата сыалын-соругун ситиһэн ордук үөрэ сылдьар. Ол туһунан биһиги маннык кэпсэттибит.
– Лилия, эн санааҕар, сыал-сорук диэн тугуй?
– Сыал-сорук диэн киһи бу олоххо тугу ситиһиэн баҕарарын былааннааһына дии саныыбын. Ымсыырбыккын күүскүнэн дьоҥҥор ытаан дуу, кыыһыран туран ыллаттарар диэн сыалы-соругу ситиһии буолбатах. Сыал-сорук диэн киһи бэйэтин сайдыыта, бэйэтин кыаҕын арыйыыта.
– Оҕо туруоруммут сыалын тус бэйэтэ ситиһэр кыахтаах дуу?
– Үлэлээтэҕинэ, ситиһэр кыахтаах.
– Эн бастакы хардыыгын туохтан саҕалаабыккыный?
– Сайын хайаан да үлэ булуохтаахпын диэн соругу күүскэ туруоруммутум. Бастаан саамай уустук уонна ыарахан үлэ булар дии саныырым. Аммаҕа «Бэрт» маҕаһыыҥҥа Майя Маевна Олесова кассирынан үлэҕэ ылбытыгар наһаа үөрбүтүм. Олох итэҕэйбэтэҕим. Сыалбын барытын ситиспит курдук санаммытым эрээри баара-суоҕа 30 эрэ бырыһыан эбит. Аны сатаан үлэлиэххэ наада этэ. Сарсыарда эрдэ туран, үлэбэр тиийиэхтээхпин. Ол аата режимы тутуһуохтаахпын. Киэһээ сөпкө утуйан, сынньанан кассаҕа утуктуу турбат гына бэйэбин бэлэмниэхтээхпин. Кассир диэн дьону кытта үлэ буоларын билбитим. Атыылаһааччыны кытта эйэҕэстик кэпсэтэн, бэйэҕиттэн тэйиппэккэ, кыыһырбакка наар үөрэ-көтө туруохтааххын. Кассир уонна атыылаһаачы икки ардыгар өйдөспөт буолуу тахсыа суохтаах. Харчыны кытта үлэҕэ эппиэтинэс улаханын билбитим. Ол иһин чиэһинэй буолуохтааххын. Суобас диэн үлэҕэ олус наадалааҕын эмиэ биллим.
– Сыалын-соругун ситиспит киһи бэйэтин хайдах сананар эбитий?
– Дьиэ кэргэним миигинэн киэн туттара өссө улаатта. «Оҕобут үлэлиир. Оҕобут маладьыас! Лия маҕаһыыныгар сырыттыбыт. Лия маҕаһыыныттан атыыластыбыт. Оҕобут сарсын үлэлии барар!» диэн күн аайы үчүгэй, сылаас, хайгыыр тыллары истэбин уонна үчүгэйи өссө оҥоруохпун баҕарабын. Сайын Аммаҕа сөтүө кэмэ, бары өрүскэ бараллар. Биллэн туран, ымсыырабын. Ол гынан баран билигин миэхэ үлэлиирим наада диэн, ордук итии күннэргэ, бэйэбин уоскутар этим (күлэр). Быйыл сайын биири өйдөөтүм – киһи аҥардас харчы эрэ туһугар буолбакка, бэйэтин сайдыытыгар үлэлиир эбит.
– Лилия, махтал тылларын кимиэхэ этиэҥ этэй?
– Сыалбын-сорукпун ситиһэрбэр миигин өйөөбүт,хайҕаабыт ийэлээх аҕабар, балтыларбар,эһэлээх эбээбэр, эдьиийдэрбэр махтанабыт. «Бэрт» маҕаһыын салайааччытыгар Майя Маевна Олесоваҕа, кини дьиэ кэргэнигэр туспа махтал. Дьүөгэбин Дайаана Егорованы кытта иккиэммитин кассирынан үлэҕэ ылан, итэҕэйэн, бэйэтин кытта тэҥҥэ илдьэ сылдьан, хамнастаан үлэлэппитигэр махталбын биллэрэбин. Онтон ааҕааччылары Аммаҕа кэллэххитинэ, «Бэрт» маҕаһыыҥҥа хайаан да сылдьаарыҥ диэн ыҥырабын.
Майя Маевна Олесова, «Бэрт» маҕаһыын хаһаайката, Амма нэһилиэгэ, Амма улууһа: Кэргэмминээн чааһынайынан үлэлээбиппит ыраатта. Бэйэбит оҕо сылдьан сайын үлэ миэстэтин булан үлэлиир этибит. Ол иһин оҕолорго сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр хамнастаах үлэ наадалааҕын, суолталааҕын үчүгэйдик өйдүүбүт. Билигин бэйэбит маҕаһыыннаах дьон быһыытынан, төһө кыалларынан, оҕолорго үлэ миэстэтин таһаарабыт, өйүүбүт. Бэйэбит биэс оҕолоох төрөппүттэр да буолан тураммыт, оҕо үлэлиэхтээх дии саныыбыт.
Амма 1 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Лилия Солдатова, Дайаана Егорова сайын устата бэркэ үлэлээтилэр. Үлэттэн толлон турбаттар, барытыгар ылсан иһэллэр. Үлэлииргэ-хамсыырга баҕалаах, олус эппиэтинэстээх кыргыттар. Лилиялаах Дайаана дьону кытта сатаан кэпсэтэр үөрүйэхтэхтэрин ураты тутан бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Кыргыттарым төрөппүттэригэр, кылаастарын салайааччытыгар Елена Юрьевна Соловьеваҕа, бастакы учууталларыгар Надежда Николаевна Гаврильеваҕа махталбын тиэрдэбин. Оҕоҕо үлэлиир дьоҕуру аан бастаан төрөппүт уонна учуутал сайыннарар. Онон Амма 1 №-дээх орто оскуолатыгар оҕону аҥардас үөрэх программатынан эрэ буолбакка, үлэҕэ-хамнаска сыаллаан-соруктаан, дьону кытта сатаан кэпсэтэргэ туһаайан, оҕо дьоҕуругар болҕомто ууран иитэр, үлэлиир учууталлар бааллара олус үчүгэй.
Сардаана Матвеева.