Амма улууһун Амма Наахара нэһилиэгэр «Ахтан-санаан аастахха» диэн Лээги нэһилиэгэ көһөрүллүбүтэ 55 сылыгар аналлаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Лээги нэһилиэгин олус ыраах диэн көһөрбүттэр, олохтоох дьон Өнньүөскэ, Болугурга, үксүлэрэ Чакырга олохсуйбуттар. Онтон 80-90 сылларга сөргүтэ сылдьыбыттар да, дьон олохсуйбатах. Билигин Лээгигэ аҕыйах киһи сүөһү, сылгы көрөр уонна метеостанция үлэлиир.
Бу научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ Амма-Наахара, Болугур, Чакыр орто оскуолалара кыттыыны ыллылар. 4 хайысха үлэлээтэ: «Ийэҕэ махтал», «Төрүччү – өбүгэ ситимэ, күүһэ, көмүскэлэ», «Сөргүтүү кэмин санаан ааһыаххайыҥ!», «Үйэлэргэ кэпсииллэр ол саһарбыт хаартыскалар».
Барыта 46 үлэ киирдэ. Элбэҕи биллибит-көрдүбүт, сэргэх тэрээһин буолла.
Мин «Көҥөстөр» диэн үлэбинэн «Төрүччү – өбүгэ ситимэ, күүһэ, көмүскэлэ» хайысхаҕа кытынным, удьуорбун үөрэтэн биллим. Кылаан кыайыылаҕа буолан үөрдүм. Статуэтка, грамота, «Лээги» түмсүү аатыттан харчы бириэмийэ туттум.
Яна Егорова, VIII кылаас,
«Аартык» медиакиин,
Амма Наахара