«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай ооннууларга Беларусь өрөспүүбүлүкэтин кыргыттарга уонна уолаттарга хамаандалара иккиэн кыһыл көмүс мэтээл хаһаайыннарынан буоллулар. Бүгүҥҥү күҥҥэ оҕолорго саамай кыахтаах, күүстээх хамаанда буолалларын көрдөрдүлэр. Сүрүн тренер Геннадий Витальевич Александрович оҕолорун ситиһиилэриттэн олус үөрбүт.
– Кыайыыбытынан олуһун үөрдүбүт, дьоллоннубут. Бэйэбиттэн ураты хамаандам дьоно өссө улаханнык дьоллонно. Бу кыайыыбытыгар уһуннук үлэлэстибит. Күн аайы дьарык, санаа көтөҕүүтэ, үөрэтии – бу барыта бүгүн кэлэн көһүннэ, – диэн Геннадий Витальевич санаатын үллэһиннэ.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас, «Азия оҕолоро» пресс-киин юнкора