Өйтөн суруйуу улуустааҕы күрэһигэр кыттар санаалаахпын истэн, эһэм миэхэ тастыҥ аймах эдьиийим Марина Ильинична Павлова туһунан суруйбут ыстатыйатын аахтарбыта. Мин эмиэ эдьиийим туһунан арыый атыннык суруйуохпун сөп эбит дии санаатым.
Эдьиийим Марина мэлдьи кэлэн оҕуруокка, хотоҥҥо көмөлөһөр, ас астаһар, баттахпытын кырыйар, таҥас тигэр, хаартыскаҕа түһэрэр буолан, олус үлэһитин уруккуттан билэбин, оттон кини кыахтаах спортсмен, ситиһиилээх ансаамбыл ырыаһыта, үҥкүүһүтэ буоларын кэлин истибитим. Өссө билигин физкультура учууталын идэтин баһылаан, оҕолору оҕунан ытарга эрчийэр, маҥнайгы күрэхтэһиилэригэр сылдьыбыттарын үгүстэр сэргии истибиппит. Тугу үлэлиирин чуолкайдаатахха, А.А. Агеев аатынан оҕо спордун оскуолатын Солоҕоннооҕу салаатыгар төрүт ох саанан ытыыга тренер.
Кини кыра эрдэҕиттэн убайдарын эккирэтэн, бырааттарын оонньотон, уол курдук улааппыт. Оскуоланы бүтэрэн баран, биэбэйиккэ үлэлии сырыттаҕына, Солоҕоҥҥо оҕунан ытыы тренерэ Ион Иннокентьевич Михайлов секцията арыллыбыт. Аан бастаан ох сааны тардан көрбүтэ, наһаа кытаанах эбит, кыайан тардыбатах. Кини хас күн аайы эрчиллэн күүһүрбүт уонна оҕун сатаан тардар, ытар буолбут. Эрчиллии эмиэ күүстээх үлэ буоларын онно билбит. Кинини эдэр тренер Василий Антонович Михайлов өйдөөн көрбүт, хамаандатыгар ылбыт. Бу хамаанда улахан күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэхтик кыттыбыт.
Эдьиийим Ставропольскай кыраайга Кисловодскай куоракка өр кэмнээх бэлэмнэниигэ ыйы ыйынан хаалан дьарыктанар буолбут. 1980 сыллаахха ох саанан ытыыга спорт маастарыгар кандидат нуорматын, онтон Тываҕа Кызыл куоракка бастакы миэстэни ылан, спорт маастарын нуорматын толорбут.
Олох түбүгэр уһун кэмҥэ спордун тохтото сылдьыбыт. Төрөппүт оҕолорун улаатыннаран иһэн, убайын кэргэнэ улаханнык ыалдьыбытыгар кырачааннарын ылан иитэн, билигин кыргыттар иккиэн үрдүк үөрэх устудьуоннара. 2013 сыллаахха оҕунан ытыы тренерэ көрсөн, Чурапчыга буолар “Манчаары оонньууларыгар” кыттыахха диэбит. Эдьиийим олус үөрбүт эрээри, отуттан тахса сыл буолан баран, кыайыам дуо, диэн долгуйбут. Күүстээх санаатын, модун тулуурун түмэн, Дьокуускайга хаалан дьарыктаммыт. Күрэхтэһиигэ тиийэн, бастакы миэстэ буолбут! Ити кэнниттэн атын да күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэммит. Үөһээ Бүлүүгэ 2017 сыллаахха “Манчаары оонньууларыгар” судьуйалаабыт. Россия дьоруой куоратыгар Орелга норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ Саха сирин хамаандатыгар киирэн кыттыбытынан киэн туттабын. Пенсияҕа тахсан баран, Чурапчытааҕы физкультурнай институкка кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрдэ, аҕыс сиэн эбэтэ. Улууспутугар буолбут “Манчаары оонньууларыгар” судьуйалаабыта.
Спордунан дьарыктанар киһи күүстээх санаалаах, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах. Марина Ильинична киһиэхэ барытыгар мэлдьи көмөлөһөрүн туһунан элбэхтэ истэбин. Кини үлэни барытын сатыыр, олус талааннаах: ынах ыыр, оҕуруот олордор, иистэнэр, бэчээттиир, баттах кырыйар, хоһоон айар, ыллыыр, үҥкүүлүүр. Бииргэ төрөөбүттэрин түмэн, икки сылга биирдэ ийэлэрин Софья Ивановна Стручкова аатынан бириискэ Солоҕоҥҥо улуустааҕы хайыһар күрэхтэһиитин тэрийэр. Мин бастакы кубокпын бу күрэхтэһиигэ ылан олус үөрбүтүм.
Суруйуубун Марина Ильинична толкуйдаан оҥорбут хаартыскатынан киэргэтиэм. Бу үлэ оскуолабыт күрэһигэр үһүс миэстэни ылан, эмиэ үөрүү буолбута, билигин эркиммитигэр ыйаан турабыт, көрбүт эрэ дьон барыта сэргиир, мичээрдиир. Үлэһит киһи туппута барыта дьону үөрдэр, туһалаах, үйэлээх буолар эбит диэн санааны Марина Ильинична күннээҕи олоҕо бигэргэтэр.
Эдьиийим Марина Ильинична Павлова курдук спордунан дьарыктанан күүстээх буолуохпун, үлэ арааһын сатыахпын, дьоммор көмөлөһүөхпүн баҕарабын.
Сайдам Тарасов,
С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын
VI кылааһын үөрэнээччитэ.
Салайааччы: Туйара Александровна Тарасова,
төрөөбүт тыл, литература учуутала,
Горнай улууһа.