Биһиги оскуолабытыттан сахалыы атах оонньуутунан дьарыктанар аҕыс оҕо, тренер Иван Иванович Чиркоев уонна мин эдэр кэрэспэдьиэн быһыытынан Өлүөхүмэ улууһугар сылдьан кэллибит.
Мин бастакы командировкам
Ыраах айаммыт сүрүн сыала – оскуолабыт үөрэнээччилэрэ Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо, РФ уонна Саха сирин спордун маастара, ССРС икки төгүллээх чемпиона, Россия 19 төгүллээх, СНГ үс төгүллээх чемпиона, Аан дойду, Европа ветераннарга призера Иннокентий Гаврильевич Яковлев кэриэһигэр аналлаах аһаҕас турнирга кыттыыны ыллылар. Оттон миигин күрэхтэһиини сырдатарга анаан кэрэспэдьиэн быһыытынан илдьэ барбыттара. Онон суруйар соруктаах бастакы командировкам буолан, улахан эппиэтинэс сүктэриллибитэ.
Дорообо, Өлүөхүмэ!
Саха киһитин сиэринэн, ыраах айаҥҥа турунуохпут иннинэ суолбут-ииспит ситиһиилээх буоллун диэн сирбитин-уоппутун алаадьынан аһаппыппыт. Өлүөхүмэ куоратыгар 18 чаас айаннаан тиийдибит. Биһигини Өлүөхүмэтээҕи техникум уопсайыгар түһэрбиттэрэ.
Сарсыҥҥы күнүгэр куорат устун күүлэйдээн, музейга сылдьан, хаһан төрүттэммитин, ханнык биллиилээх дьон олорон ааспыттарын, дьоно-сэргэтэ тугунан дьарыктаналларын, ханнык үүнээйилэр үүнэллэрин, кыыллар үөскүүллэрин туһунан билэн бары да астынныбыт. Киһи аан бастаан сылдьар сиригэр туох, ханнык дойдуга кэлбитин туһунан билэрэ наадалаах буоларын өйдөөтүбүт.
Оҕолорбут ситиһиилэрэ
Кулун тутар 11 күнүгэр А.Н. Платонов аатынан оҕо спортивнай оскуолатыгар сахалыы атах оонньуутугар күрэхпит саҕаланна.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Кыттааччы да элбэх. 60-ча оҕо күрэхтэспититтэн, биһиги оҕолорбутуттан 2009 сыллаах төрүөх уолаттарга Дима Красильников III миэстэни ылла. Кыргыттарга Сайаана Андросова II, Күннэйээнэ Кузьмина III миэстэ буолары ситистилэр.
Ити курдук оҕолор дойдуларын чиэһин көмүскээн, Саха сирин кэрэ айылҕатын көрөн олус астыннылар. Күрэхтэһии үрдүк таһымҥа ааста. Тэрийэн ыыппыт Өлүөхүмэ куоратын дьонугар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Виталий Васильев: «Атах оонньуута – бэйэбит көрүҥмүт»
Бу күрэххэ сылдьан Россияҕа атах оонньуутун хас да төгүллээх призерун, атах оонньуутугар Саха сирин хас да төгүллээх муҥутуур кыайыылааҕын, ыстаҥаҕа уонна куобахха экс-рекордсмен, үс ыстаныы уопсай түмүгүнэн рекордсмен, «Манчаары оонньууларын» 2005, 2009, 2013 сыллардааҕы муҥутуур кыайыылааҕын, «Манчаары оонньууларын» 2017 с. иккис призерун, «Манчаары оонньууларын» 2021 с. бэтэрээннэргэ муҥутуур кыайыылааҕын, сахалыы атах оонньуутун дьиҥнээх легендатын, Ньурба улууһуттан сылдьар Виталий Васильевы көрсөн кэпсэттим.
– Виталий Михайлович, атах оонньуутунан хаһааҥҥыттан саҕалаан дьарыктаммыккытый?
– Ахсыс кылаастан Ньурба оскуолатыгар эрчиллэн саҕалаабытым. Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри бу көрүҥү сөбүлээн дьарыктана сылдьабын. Онон атах оонньуутунан дьарыктаммытым 20-чэ сыл буолла. Аан бастаан миигин бу көрүҥҥэ физкультура учуутала сыһыарбыта. Онон оскуола оҕо олоҕун устата сөбүлүүр дьарыгын булунарыгар сүрдээх улахан оруоллаах.
– Эһиги санааҕытыгар, сахалыы атах оонньуутугар билигин ханнык улуус ордук күүстээҕий?
– Биллэн туран, хас улуус аайы үчүгэй спортсменнар бааллар. Мэҥэ Хаҥалас улууһа быйыл хамаанданан Кубокка үчүгэйдик күрэхтэстилэр. Итиннэ олоҕураммын, бүгүҥҥү күҥҥэ атах оонньууларыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһа күүстээх хамаандалаах диэхпин сөп.
– Онтон Саха сиригэр бу көрүҥ хайдах сайдан иһэрий?
– Атах оонньуута биһиги бэйэбит көрүҥмүт буолар. Онон бу көрүҥ сайдарыгар тус эппиэтинэстээх буолуохтаахпыт дии саныыбын. Саха сиригэр атах оонньуута билигин сайдан иһэр диэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, куобахха, буурга, 7 туоска саҥаттан саҥа рекордар олохтоноллор. Атах оонньуутунан дьарыктанар оҕо элбээн иһэр. Ити барыта сайдыы бэлиэтэ.
– Виталий Михайлович, санааҕытын үллэстибиккитигэр махтанабын.
***
Ити курдук биһиги Өлүөхүмэ курдук ыраах сиргэ сылдьаммыт элбэҕи биллибит-көрдүбүт, саҥа доҕоттордоннубут. Оҕолорбут миэстэлэһэн, үөрүү-көтүү аргыстаах Мырылабытыгар айаннаан кэллибит.
Мин кэрэспэдьиэн быһыытынан сылдьыспыт буоламмын, бу айаным туһунан тугу кэпсиэхтээхпин, суруйуотаахпын син өр сааһылаатым. Бэйэм санаабар, сатанна. Кэрэспэдьиэн быһыытынан командировкаҕа сылдьар улахан эппиэтинэс, үлэ буоларын өйдөөтүм.
Маша СОБАКИНА, VII кылаас,
П.М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолата, Мырыла, Чурапчы.
Салайааччы Александра Николаевна Оконешникова