Кыргыттар биһиги олохпутун киэргэтэллэр, үөрдэллэр. Ол курдук, мин үөрэнэр кылааспар сэттэ кыыс баар: Санаайа, Виолетта, Даная, Арина, Настя, Василина, Иванна. Кинилэр олус бэһиэлэйдэр, бары бииргэ сылдьан оонньууллар. Уруок кэмигэр тугу эрэ ыарырҕаттахпына, миэхэ көмөлөһөллөр уонна сүбэлииллэр.
Оттон ийэм Анастасия Александровна олус кыһамньылаах. Ийэбит дьиэҕэ баар буоллаҕына, дьиэбит иһэ сырдык, ыраас буолар. Аҕабын уонна бырааттарбын кытта баҕарбыт аспытын барытын олус минньигэстик астыыр. Эбэлэрим Мария Николаевна уонна Евдокия Петровна амарах санаалаахтар, эйэҕэстэр. Миэхэ куруук сүбэлии-амалыы сылдьаллар.
Сааскы, кэрэ бырааһынньыгынан санаа үллэстэр, көрсүө, сэмэй кылааһым кыргыттарын, күндүтүк саныыр эйэҕэс ийэбин уонна эбэлэрбин эҕэрдэлиибин. Чэгиэн доруобуйаны, дьоллоох олоҕу. Куруук үөрэ-көтө сылдьыҥ! Эһиги баар буолаҥҥыт, сирбит киэркэйэр уонна сырдыыр.
Тимур УВАРОВСКАЙ,
V «А» кылаас,
Муома орто оскуолата, Хонуу