Таҥха кэмигэр Мичил уонна Айаан сүллүүкүттэри көрөр, саҥаларын истэр дьээбэлээх санааны ылыннылар. Итии чэй, бүрүнэр суорҕан ылан, аара доҕор уолларын Дьулууру ыҥырдылар. Уол маҥнай аккаастаныах курдук буолан иһэн, сөбүлэстэ. Баран истэхтэринэ, ый тахса илик буолан, халлааннара хараҥата сүрдээх. Дьулуур эрдэттэн да куттана испит буолан, доҕотторун төнүннэрэ сатаата. Мичил күлүү гынна: “Аата, бу да киһи! Эн кырдьыктыы итэҕэйэҕин дуо? Мин дьиҥэр, атеиспын ээ”. Онуоха Айаан ыйытар: “Атеист диэн кимий?”. Мичил таҥараны да, абааһыны да, айыылары да итэҕэйбэт аныгы киһи буоларын өйдөттө. Айаан улаханнык тугу да быһаарбат эрээри, доҕорун Мичили батыһан иһэрин туһунан этэр. Дьулуур эбэлээх эһэтэ номохтору, үһүйээннэри, былыргы олох туһунан элбэх интэриэһинэйи кэпсииллэрэ. «Туох барыта бу орто дойдуга иччилээх”, – дииллэрин истэр буолан, дьиктигэ итэҕэйэр. Ол иһин, бу сырыыларын соччо сөбүлээбэт.
Ити курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ айаннаан, уолаттар күөллэригэр тиийэн кэллилэр. Ойбоннорун алларан, суорҕаннарын бүрүнэн, иһийэн олордулар. Дьулуур хайдах эрэ куттанар, дьиэтигэр барыан саныыр. Мичил видеоҕа устаары бэлэмнэнэр. Ол олордохторуна, Айааны кэнниттэн туох эрэ харбаабытыгар, хаһыытаабытынан ойон турар, суорҕаны киэр илгэр. Уолаттар бары да куттанан, хайдах буолуохтарын билбэттэр. Өйдөөн көрбүттэрэ, Айаан убайа Сарыал кэлэн дьээбэлии турар эбит. Уолаттар уоскуйан, күлэ-күлэ дьиэлииллэр.
Түүн оройун саҕана, саҥа тахсыбыт ый уотугар дьиэбиттэн тахсан көрбүтүм, уон үс сүллүүкүн кууллаах харчыларын сүкпүтүнэн тахсан, ойбон диэкиттэн тыа саҕатын диэки бардылар…
Ангелина Данилова, IX кылаас,
Уолба орто оскуолата,
Таатта.