Куйуур күрэҕин хара маҥнайгыттан сүрүн көҕүлээччи Дьүлэйтэн төрүттээх сылгыһыт, сорсуннаах балыксыт Николай Слепцов ыанньыйбыт санаатын дьиҥ олоххо киллэрэригэр Таатта лиссиэйэ иккис сылын тэрийэр. Николай Слепцов былырыын Ытык Күөл арҕаалыы хоту өттүгэр Ньалаҕаатта эбэҕэ ыыппыта. Күрэххэ барыта түөрт хамаанда кэлбитэ. Ааспыт күһүн алтынньы ыйга муус аннынан илим түһэриитигэр күрэхтэһиигэ оскуола оҕолорун илдьэ сылдьыбыта. Быйыл муус устар 22 күнэ — Ийэ сир күнүгэр түбэһиннэрэн, иккис сылын ыытыллар «Куйуур-2023» күрэх Чөркөөх сэлиэнньэтигэр Хадарҕааччы күөлгэ буолла. Чөркөөхтөн «Боотур», Дьохсоҕонтон «Балыксыт», Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх оскуолатыттан «Бэргэн», Тааттатааҕы лиссиэйтэн «Кэскил» кыттыыны ыллылар.
Тааттаҕа биллэр муҥханы тэрийээччи Баһылай Ефремов алгыс түһэрдэ. Ити кэмҥэ Былатыан Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турарын” айымньытын дьоруойа илэ бэйэтинэн кэлбит курдук таҥнан, Чөркөөх 6 кылаас үөрэнээччитэ Айтал Поисеев сүүрбэччэ балыгы куйуурун эрийэн ылан, үөрүү үлүскэнин быыһыгар мустубут дьон саҥа таһааран аллайдылар. Эбэҕэ киирэн алгыс ылыммыт, куйуурдаары өйдөрө уһуктубут, санаалара ырааһырбыт уолаттар өрө көтөҕүллэн балтараа чаас устата куйуурдаатылар. Мууһу буурунан үүттээн, ойбон алларан, “Балыксыт” ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Николай Слепцов, алгысчыт Василий Ефремов, суруксут Сергей Дорофеев харахтарын далыгар оҕолор кытаанах тургутууну аастылар. Дьохсоҕонтон Арсен Матвеев буурга тэҥнээҕин булбата. Таатта лиссиэйин 8 “б” кылааһын үөрэнээччитэ Степа Данилов айылҕаҕа тахсан, этэ-хаана чэбдигирэн бастакынан саамай бастакы балыгы хаптаран атаҕа сири билбэт гына үөрдэ.
Бөдөҥ балыктаах лиссиэй хамаандата буолан биэрдэ. Балачча балыгы Аммос Анисимов (ЫКОО-1) бэриһиннэрдэ. Аҥаардас тыа салгынынан сайа тыыммыт, быччыҥнарын уунан имиппит, хоту-соҕуруу хайысханы араарар Дьохсоҕон уолаттара бастаатылар. Ытык Күөл орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ толкуйдара тобуллан, сыралаһан иккис миэстэҕэ таҕыстылар. Үһүс миэстэҕэ тиксибит Тааттатааҕы лиссиэй оҕолоро санаалара сайҕанан, көхсүлэрэ кэҥээтэ. Эдэр булчуттар минньигэс балыгы дьонноругар тиийэн амсаттылар. Түмүктээн эттэххэ, уол оҕо булка-алка уһуйуллан, куйууртан саҕалаан, төрүттэрин удьуордуур күрэх салгыы тэнийдин. Бу эр киһилии дьоһуннаахай сатабыллара инники олохторугар туһалаатын.
Сандаара-Оксана Андросова