2022-2023 үөрэх дьылыттан саҕалаан дойду үрдүнэн иитии эйгэтигэр федеральнай таһымнаах бырайыактар үлэҕэ киирдилэр. Ол курдук оскуола үөрэнээччилэрин барытын хабар «Разговоры о важном» кылаас чаастара, алын кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах «Орлята России» бырайыак.
Бу ыытыллар үлэлэр сүрүн сыаллара – оҕо төрөөбүт дойдутун таптыы, дьонун-сэргэтин ытыктыы улаатарын, киһи киһитэ буолан үүнэн тахсарын ситиһии.
Онно сөп түбэһиннэрэн, Саха өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин министиэристибэтэ «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытта «Разговоры о важном» бырагыраама иитинэн «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» региональнай компонены олоххо киллэрбитэ.
Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев 2023-2027 сыллары «Өксөкүлээх биэс сылынан» биллэрбитэ. Онно сөп түбэһиннэрэн, «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» региональнай компонент иһинэн, 2023-2024 үөрэх дьылыттан «Өксөкүлээх үөрэҕин» олоххо киллэрбиппит.
Онуоха үс сүрүн сыалы-соругу туруорбуппут: төрөөбүт дойдуга таптал, ийэ тылы харыстааһын, киһилии киһини иитии.
Саҕаламмыт үлэ кэҥээн иһэр. Саха утум-ситим дьайыытыгар олоҕуран, алын кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах «Орлята России» федеральнай бырайыак Саха сиринээҕи «Өксөкү сиэннэрэ» диэн бырагыраамата 2024-2025 үөрэх дьылыттан олоххо киириэҕэ.
Өксөкү саха дьонугар ордук чугас көтөр. Тылдьыт быһаарыытыттан көрдөххө, ис хоһооно үс хайысхаҕа арахсар. Бастакыта, мифологияҕа, фольклорга сыһыаннаах. Остуоруйаҕа, олоҥхоҕо баар икки эбэтэр үс бастаах хотойдуҥу көтөр. Иккиһэ, итэҕэлгэ сыһыаннаах. Икки бастаах, кынаттаах, ураҕаска олордуллубут көтөр курдук мас эмэгэт. Үсүһэ, көспүт суолтаҕа туттуллар. Кынатын, тыҥырахтарын сараппыт икки бастаах хотой – Арассыыйа судаарыстыбатын былааһын бэлиэтэ.
Маны барытын түмэн, тумус туттар киһибит Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйгө, кини олоҕор, үлэтигэр, айан-суруйан хаалларбыт айымньыларыгар тэҥнии тутабыт.
Саха норуотун поэта Иван Гоголев «Өксөкү оҕото өксөкү буолар» диэн эппит бэргэн этиитэ «Өксөкү сиэннэрин» өссө чиҥэтэн, күүһүрдэн, дириҥэтэн биэрэр.
«Орлята России» федеральнай бырайыак ис хоһоонун уларыппакка туран, тирэх өйдөбүллэри сахалыы тылынан, сахалыы толкуйунан киллэрэн, дойдутун таптыыр, дойдутуар бэриниилээх Арассыыйа гражданиннарын иитэн таһаарар кыахтаахпыт. Ону таба тутан, «Өксөкү сиэннэрэ» региональнай бырагырааманы иитии хайысхатыгар кыайа-хото туһанаргытыгар баҕарабын.
Екатерина Петровна Чехордуна, педагогика билимин хандьытаата,
РФ АПСН чилиэн-корреспондена, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, этнопедагог, «Өксөкүлээх үөрэҕэ» бырайыак ааптара, «Орлята России» федеральнай бырайыак Саха сиринээҕи «Өксөкү сиэннэрэ» бырагыраама научнай сүбэһитэ