Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдулаах. Ону кутугар-сүрүгэр иҥэринэн, кини суолтатын өйдөөн, сахалыы эттэххэ, сүрэхтиин-быардыын бэринэн туран таптыыр буола улаатарыгар оҕо эрдэҕиттэн иитиллэн тахсыахтаах. Онно сөптөөх эйгэ баар буолуохтаах.
«Орлята России» Саха сиринээҕи бырагыраамата «Өксөкү сиэннэрэ» диэн ааттаммыта мээнэҕэ буолбатах. Саха норуотугар тумус туттар, суолдьут сулус кэриэтэ киһибит А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй буолар.
Бүтүн норуот өйүн-санаатын, тылын-өһүн, кутун-сүрүн иҥэринэн илдьэ сылдьыбыт чулуу киһибит хаалларбыт сүдү нэһилиэстибэтин тирэх оҥостон, оҕолорбутугар тиэрдэр, иҥэрэр кыах биһиэхэ баар.
Саха сиринээҕи «Өксөкү сиэннэрэ» бырагырааманы үөрэх ситимигэр хайдах быһыылаахтык туһаныахтаахпытын, учуутал, иитээччи дьарыгы ыытарыгар ханнык сүрүн санааны тиэрдиэхтээҕин туһунан «Чуораанчык алта дьарыга-5» методическай сүбэлэр бэһис таһаарыытыгар билиэххит.
Саха сиринээҕи «Өксөкү сиэннэрэ» бырагыраама «Орлята России» федеральнай бырайыак ирдэбилинэн, «Басхан – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Лидер); «Киэҥ билиилээх – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Эрудит);« Уран уус – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Мастер); « Бэйэтин баҕатынан көмөлөһөр – Өксөкү сиэнэ»(Орлёнок – Доброволец); «Эрчим – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Спортсмен); «Айылҕаны харыстыыр – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Эколог); «Историяны харыстыыр – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Хранитель исторической памяти) диэн сэттэ хайысха тиэмэлэринэн тылбаастанна.
Бу сэттэ дьарык, федеральнай ирдэбилин тутуһан туран, оҕо сахалыы толкуйунан ылынарыгар сөптөөх гына оҥоһуллан, «Чуораанчык» сурунаал 2024 сыл иккис аҥаарыгар тахсар алта нүөмэригэр (от ыйа-ахсынньы) бэчээттэниэҕэ. Учуутал, иитээччи, төрөппүт оҕону кытта сэттэ хайысха тиэмэлэрин тирэх өйдөбүллэрин ылынарыгар көмө буолуоҕа.
Маны сэргэ учуутал дьарыгы сахалыы тылынан ыытарыгар бэлэм оҥоһуллубут сценарийдар keskil14.ru саайка эмиэ тахсыахтара.
Бу бырайыакка оскуола, общественнай тэрилтэ, биһиги, оҕо бэчээтин кыһата билиибитин, алтыһар сатабылларын ис сүрэхпититтэн уурдубут. Ханнык баҕарар үлэҕэ өйдөһүү хомуур өйдөбүлү үөскэтэр уонна үксэтэр аналлааҕын тиэрдэбит.
Ольга Ивановна Семенова,
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ