Саха уолаттарын Олимпиада чыпчаалыгар таһаарбыт, саха спордун историятыгар көмүс буукубанан суруллар Улуу тренер Д.П. Коркин, баара эбитэ буоллар, бүгүн 95 сааһын туолуо этэ.
«Кэскил» оҕэ бэчээтин кыһатын «Бэлэм буол» сурунаала балаҕан ыйынааҕы нүөмэригэр Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар, Д.П. Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан «Коркинныы олоруохха, Коркинныы айыахха» диэн оскуола оҕолоругар, спорду сэҥээрээччилэргэ туһаайан, анал сыһыарыы таһаарда. Бу сыһыарыы Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай Албан аат музейын матырыйаалыгар олоҕуран бэлэмнэннэ. Сүбэһит — музей научнай үлэһитэ А.П. Спиридонова.
Анал сыһыарыыга тренер Д.П. Коркин олоҕун кэрчигэ, иитиллээччилэрин туһунан тренер бэлиэтээһиннэрэ, кини эрчийэр, үөрэтэр уратылара киирдэ.
Дмитрий Петрович 1928 с.балаҕан ыйын 5 күнүгэр Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэр Мария Андреевна, Петр Кириллович дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. 1934 с. тулаайах хаалар. Балтын, быраатын кытта тус-туспа араартаан, Пелагея Тарасовна, Михаил Ксенофонтович Лазаревтарга иитиллэ барар.
Оскуоланы 1952 с. Дьокуускай куоракка бүтэрэр. Ол сыл А.И.Герцен аатынан Ленинградтааҕы пединститукка нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтигэр үөрэнэ киирэр. Устудьуоннуур сылларыгар самбоҕа маастарга кандидат нуорматын толорор.
1956 с. үөрэҕин бүтэрэн, Чурапчы оройуонун Одьулуун оскуолатыгар ананан, нуучча тылын уонна литературатын учууталынан, завуһунан үлэтин саҕалыыр. Оҕолорго, улахан дьоҥҥо тустуу секциятын тэрийэн үлэлэтэр.
1957 с. Чурапчы орто оскуолатыгар физкультура учууталынан көһөр. Бу сыл Дмитрий Петрович тренер быһыытынан үлэтин түмүгэ хайыы-үйэ биллэр, көстөр буолан барбытыгар, Чурапчытааҕы педучилище базатыгар Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээт тэриллэр. Бу оскуолаттан кынаттанан, САССР, Сэбиэскэй сойуус, аан дойду таһымнаах турнирдарга саха уолаттара биллэн барбыттара.
1964 с. Д.П. Коркин тренердэр, туристар делегацияларын састаабыгар киирэн, Токиоҕа (Япония) ыытыллыбыт XVIII Олимпиаданы илэ хараҕынан көрөр чиэскэ тиксибитэ. Ол онтон кынаттанан, хараҕа уоттанан, саха уолаттара эмиэ Олимпиада көбүөрүгэр тустуохтарын сөп диэн санаалаах кэлбитэ.
Онтон кэлэн, «дьол, көҥүл, норуот иһин күүс кыайарынан, сүрэх баҕатынан, үлэлииргэ бэлэммин» диэн андаҕарын биэрбитин 100% толорор.
1972 с. Мюнхен куоракка ыытыллыбыт XX Олимпиадаҕа сахалартан аан бастаан тустууга Роман Дмитриев көмүс мэтээли ылар.
Онтон 1976 с. Монреаль куоракка ыытыллыбыт XXI Олимпиадаҕа Павел Пинигин көмүс, Роман Дмитриев, Александр Иванов үрүҥ көмүс мэтээли ылан, Саха сирэ Аан дойдуга аатырбыта. Биир тренер биир олимпиадаҕа 3 чемпионы таһаарбыта.
Д.П. Коркин элбэх сыл дьаныардаахтык үлэлээн, кэтээн көрөн, уолаттары эрчийэригэр бэйэтэ оҥорбут тренажердарын туттара. Элбэх киирсиини көрө сылдьар киһи, тустарга ордук ханнык былчыҥнар сайдыахтаахтарын, тугу ордук сайыннарыахтааҕын учуоттаан оҥорбута.
«Оччолорго, ханнык даҕаны аныгы эрчиллэр тэрил суох эрдэҕинэ, кини киһи этин-сиинин кыаҕын чинчийбитэ, былчыҥы сайыннарарга аналлаах мас тренажердары оҥорбута. Ол тэриллэри барытын билигин көрөн сөҕөҕүн эрэ».
М.Е. Николаев,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ.
Дмитрий Петрович үлэлиирин былаһын тухары иитиллээччилэрин кэтээн көрөн, хас биирдии уол хайдах киирсэрин, туох уратылааҕын бэлиэтэнэн, сурунан иһэр эбит. Павел Пинигин туһунан бу курдук суруйбут: “Павел туспа суоллаах-иистээх, ураты¸ хатыламмат буочардаах, оһуобай тустуук. Кини коверга куттанары, толлору билбэт. Утарылаһааччыларын лаппа хамсатан дөбөҥнүк, сүһүөҕү сүтэттэрэн тустар. Павел албастара баай, араастар, ордук үчүгэйдик атахха тэбэр (подсечка), санаатаҕын аайы киһини атаҕыттан үчүгэйдик кэбэҕэстик ылар, сүгэр илиититтэн «нырок» диэн хоннох анныгар киирэн, көтөҕөн ылан быраҕар албаһы Павел атыннык, хатыламматтык оҥорор”.
Саха АССР үтүөлээх учуутала, Саха АССР, ССРС, РСФСР үтүөлээх тренерэ, Октябрьскай революция, Бочуот орденын кавалера Д.П. Коркин 1984 с. 55 сааһыгар олохтон туораабыта.
Учууталларга, тренердэргэ көмө буолар матырыйаалы 89679102554 нүөмэргэ эрийэн, атыылаһан, үлэҕитигэр туттуҥ диэн ыҥырабыт.
Мария Иванова.