Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгин баһылыгынан Константин Иннокентьевич Лебедев үлэлиир. Бу күннэргэ киини көрсөн интервью ыллыбыт. Нэһилиэкпит олоҕун-дьаһаҕын туһунан ыкса билистибит.
Константин Иннокентьевич кэпсэтиибитин саҕалыахпыт иннинэ: «Эдэр корреспонденнар бу курдук үлэҕитин сайыннаран, төрөөбүт нэһилиэкпит туһунан киэҥ эйгэҕэ элбэхтик сырдатыҥ. Информация куйаар ситимин нөҥүө күүскэ тарҕанар кэмигэр биһиэхэ күүс-көмө буолуҥ», – диэн эппитин киэн тутта иһиттибит.
Нэһилиэкпит баһылыга иһитиннэрбитинэн, былырыыҥҥы биэрэпис түмүгүнэн, нэһилиэнньэбит ахсаана – 606. Мантан пропискалаах дьоммут ахсаана – 575 киһи,ол иһигэр быыбардааччыта- 370. Ыччаппыт ахсаана – 70-тан тахса, оскуола оҕото – 73, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо – 27.
– Константин Иннокентьевич, Эн санааҕар, биһиги нэһилиэкпит саамай тугунан биллэрий, сураҕырарый?
– Арассыыйа да таһымыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны киэҥник биллэр улахан суруйааччыбыт, Саха сирин бастакы романиһа, «саха Островскайынан» биллэр, биир дойдулаахпыт Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин буолар. Иккиһинэн, Чакыр нэһилиэгиттэн элбэх спортсмен үүнэн тахсыбыта. Ол курдук РСФСР спордун маастардара, оҕолорго бастакы Сэбиэскэй Сойуус чемпиона Вячеслав Карпов, Афанасий Матвеев, убайдыы-бырааттыы Сивцевтар, Егор Старостин, Семен Макаров уо.д.а. Үсүһүнэн, аатырар, сураҕырар Таатта үрэх тардыыта биһигиттэн саҕаланан, Чурапчы, Таатта улуустарынан тэнийэн, Алдан өрүскэ тиийэ түһэр.
Салгыы историяҕа киирдэххэ, биһиги нэһилиэкпит 1710 сыллаахха төрүттэммитэ. Оччоттон баччаҕа диэри үлэни өрө тутан, төрүттэрбит сүрүн дьарыктарын ыһыктыбакка, сүөһүттэн-сылгыттан илиибитин араарбакка, олорорбутунан киэн туттабыт. Дьоммутугар-сэргэбитигэр анаан Албан аат скверын оҥорбуппут. Оҕолор нэһилиэк историятын билэ-көрө, киэн тутта улааталларыгар, холобур оҥостоллоругар туһаайан үгүс үлэ ыытыллар. Ону салгыыр, ситимниир дьон эһиги буолаҕыт.
– Константин Иннокентьевич, «оччоттон баччаҕа диэри төрүттэрбит сүрүн дьарыктарын ыһыктыбакка, сүөһүттэн-сылгыттан илиибитин араарбакка олоробут» диэн бэлиэтээн эттигит. Бүгүҥҥү күҥҥэ төһө сүөһүлээх-астаах олоробутуй?
– Билиҥҥи туругунан, 1138 сүөһүлээхпит, 1000-тан тахса сылгылаахпыт. Сылгыбыт кэлин сылларга элбээтэ, сүөһү ахсаанын куоһаран турар. Оҕолоор, Чакыр нэһилиэгин дьаралыгар түөрт үрэх уруһуйдаммытын көрөргүт убуол. Ол быһаарыыта маннык: Бэрэ, Мэҥири, Таатта уонна Хонду үрэхтэр сирбитин-дойдубутун нүөлсүтэллэр, онон урут-уруккаттан сүөһүбүтүн-сылгыбытын иитэргэ бэртээхэй усулуобуйа баар. Тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар биһиги дойдубут сирэ-уота ордук табыгастаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэкпитигэр 40-тан тахса бааһынай хаһаайыстыба баар.
– Эн санааҕар, кэнники биэс сылга саамай улахан ситиһиибит туохха көстөрүй?
– Биһиги үлэбит дьону кытта үлэ буолар, үлэбит дьон олоҕо туруктаах буолуутугар туһуланар. Дойдубут историятын, үйэлээх үгэстэрбитин үөрэтиигэ күүстээх үлэ барар. Ол курдук үйэтитиигэ кинигэ таһаарыытыгар үлэ үлэ бара турар. Биир улахан ситиһиибит –нэһилиэкпитигэр гаас киирбитэ буолар. 120-чэ ыалтан 90-тан тахса ыал гааска холбонно. Быйыл 9 ыалга киириэҕэ. Социальнай объектарбыт эмиэ гааска холбоммуттара. Быйыл гаас котельнайа олоххо киирэрэ былааннанар. Нэһилиэк иһинээҕи суолбут-ииспит, уотун-күөһүн оҥоһууута түмүктэнэн эрэр. Сүрүн болҕомтобутун тыа хааһаайыстыбатыгар уурабыт. Демографияҕа, оҕо ахсааныгар орто баайыынан баран иһэбит.
– Константин Иннокентьевич, нэһилиэкпит иннигэр ханнык сүрүн боппуруостар туралларый?
– Оскуолабыт хаарбах туруктаах буолан, тутуу боппуруоһа сытыытык турар. Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев дьаһалынан, 2024 с. тутуу программатыгар киирдэ. Онон эһиил 90/40 миэстэлээх оскуола-саад тутуута былааннанар. Оҕо үчүгэй усулуобуйаҕа үөрэниэхтээх, учуутал сөптөөх усулуобуйаҕа үлэлиэхтээх.
Иккис улахан боппуруоспут – уопсай дьиэ тутуута. 21 квартиралаах уопсай дьиэбит тутуута программатыгар киирдэ. Тыа сиригэр кэлэн үлэлиир дьоҥҥо усулуобуйа баар буолуохтаах. Быйыл, эһиил ити боппуруостар хайаан да быһаарыллыахтара.
Маны сэргэ тыа хаһаайыстыбата, дьон үлэлээх, эбии дохуоттаах буолуутун боппуруостара куруук болҕомто киинигэр тураллар.
– Константин Иннокентьевич, оҕо нэһилиэк сайдыытыгар көмөтүн туохха көрөҕүнүй?
– Аныгы кэм оҕолоро билиигит-көрүүгүт лаппа үрдүк, киэҥ. Эһиги олоххо көрүүгүт кытта ураты. Оҕолор бырайыактарын олоххо киллэриини биһиги элбэхтик туһанар буоллубут. Биирдиилээн оҕолортон, кылаастарынан сонун көрүүлээх бырайыактар киирбиттэрэ. Холобур, бөх ыраастааһынын, эмп-том туһунан кытта бааллар этэ. Эһиги нэһилиэккитигэр туох саҥа сүүрээн киириэн баҕарарын туһунан санааҕытын аһаҕастык этиэххитин уонна ханнык баҕарар хайысхаҕа бырайыак киллэриэххитин сөп. Онуоха дьаһалта күүс-көмө, сүбэ-ама буолуохпут.
2018 сылтан саҕалаан оскуоланы бүтэрэр оҕолор туох эмэ бэлиэни хаалларыахтаахтар диэн бырайыак олоххо чиҥник киирдэ. Холобур, бастакы сыл хайа үрдүгэр беседка оҥорбуттара. Биһиги матырыйаалын биэрэбит, кинилэр төрөппүттэрин кытта тутууну бэйэлэрэ ыыталлар. Эн, Олеся, оскуола лидерэ буоларын быһыытынан, выпускниктарга ити боппуруоһу туруоран, үлэни көҕүлүөххүн сөп. Оҕо толкуйа, өйүн-санаатын күүһэ нэһилиэк сайдыытыгар олус улахан суолталаах.
– Константин Иннокентьевич, интэриэһинэй интервьюгут иһин махтанабыт. Үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабыт.
Олеся МАРКОВА, Эрхаан СОХСОЙООН,
«Кэскил» медиа оскуола юнкордара,
С.С.Яковлев- Эрилик Эристиин аатынан
Чакыр орто оскуолата, Чурапчы улууһа