«Кыталыктаах кырдалым» улахан экраҥҥа саҥа тахсар киинэни оскуолабытыгар кулун тутар 22 күнүгэр көрбүппүт. Режиссер Михаил Лукачевскай бэйэтинэн кэлэ сылдьыбыта. Оҕолору кытта кэпсэппитэ.
Киинэни сөбүлээбитим. Ваня уол күүстээх санаата ордук долгуппута. Дьиэ кэргэн ийэлэрин сүтэрэллэрин наһаа да ыараханнык ылыммытым. Оҕолору аһыммытым аҕай. Аҕалара маладьыас киһи! Төһө да кыыһырбытын иһин барыларын таптыыр. Кэргэнин олус суохтуур эрээри оҕолоругар ону көрдөрбөт. Соҕотох аҕа ис туругун, кэргэнин аһыытын бэйэтигэр илдьэ сылдьар. Кини наһаа күүстээх. Өрүскэ киирэн, буочканан ууну баһарын көрөн улаханнык сөхтүм. Убайдыы-быраат оҕолору аҕалара бэйэ-бэйэлэрин кытта бииргэ өйөнсөн сылдьыахтаахтарын туһунан өйдөтөн иитэр.
Ийэлэрэ төһө да олохтон туораабытын иһин, оҕолоругар сулус кэриэтэ сирдьит буолар. Ордук Ваняҕа.
Киинэ ыарахан түгэннэрин Неругайка чэпчэтэр. Ванялыын бастакы көрсүһүүлэрин санаан кэлэ-кэлэ күлэбин. Сарылыы түһэн баран, оҥкучахха түһэрэ наһаа күлүүлээх этэ. Сиһин ыарыыта ааһан хаалбытыгар «һуу, хата, тугун да өлөрбөтө» диэн үөрбүтүм. Неругайкаҕа уола тиийэн кэлбитэ наһаа да үчүгэй түгэн этэ.
Ваня өйүн-санаатын күүһүнэн ийэтин кыталык буолбут диэн уобарастаан көрөр. Ол кини хаамар буоларыгар саамай улахан тирэҕи биэрэр.
«Кыталыктаах кырдалым» – киһини ытатар, күллэрэр киинэ. Миэхэ үгүс үчүгэй, истиҥ, ыраас санаалары иҥэрдэ. Билигин куоракка баарым буоллар, киинэ премьератыгар бастакынан барыам этэ. Чурапчыга хаһан кэлэрин күүтэбин.
Алёна КСЕНОФОНТОВА, Vll кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы