Күнүн ахсын көрсүллэр моральнай да, материальнай да ыарахаттары аахсыбакка туран, сүүһүнэн ахсааннаах Саха сирин ыччаттара Москваҕа ситиһиилээхтик үөрэнэ, онтон сорохторо айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Аҥардас бэйэм төрөөбүт-үөскээбит Уус-Алданым улууһуттан бэрт элбэх кэскиллээх ыччаттары ааттаталыахпын сөп.
Ол курдук, коммерческай «ЮниАструмБанк» регионнары кытта үлэҕэ вице-президенэ Егор Иванович Лыткин, «АлРоСа» АК вице-президенэ Виктор Егорович Софронов, «Айыына» издательский дьиэ генеральнай директора Иван Семенович Готовцев, «СахаДай- мондБанк» КБ вице-президенэ Леонид Иванович Бочкарев саха аатын үрдүктүк тутан, дьиэ кэргэттэрин кытта онно олохсуйан, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьаллар. «Агропромстрой» Бороҕоннооҕу КСМК-тын начальнигынан үлэлээбит Игорь Кривошапкин Финансовай Академияҕа ситиһиилээхтик үөрэнэр. Аны күһүн Петр Попов экономический наукаҕа кандидатскай диссертациятын көмүскүөхтээх. Бээрийэттэн төрүттээх милиция майора Александр Готовцев РФ Ис-дьыалаҕа министерствотын Академиятын иллэрээ сыл туйгуннук бүтэрэн баран, үөрэммит Академиятын адъюнктуратыгар сахалартан аан бастакынан эмиэ туйгуннук үөрэнэ сылдьара, кини инники үтүө кэскилигэр сырдык эрэли үөскэтэр. Бу үөһэ ааттаабыт ыччаттарым бары ик-килии үрдүк үөрэхтээхтэр, онтон саастара 32-40 иһинэн.
«Аан дойдуга саха омук курдук, ыарахан историческай дьылҕалаах омук бэрт аҕыйах буолуо. Г.В.Ксенофонтов «Ураанхай сахалар» диэн монографиятыгар бэлиэтээбитин курдук, сахалар уһук хоту хабараан айылҕалаах сири-дойдуну баһылыылларыгар бэйэлэрин айылгыларын эрэ уларыта туппатахтара, иитэр сүөһүлэрин кытары үөрүйэхтээбиттэрэ уонна бэйэлэрин төрүт хаһаайыстыбаннай дьарыктарын уонна культураларын салгыы сайыннарбыттара»,– диэн экономическай наука кандидата Иннокентий Пахомов «Тыа сирин дьылҕата» диэн ыстатыйатыгар суруйбута.
Биһиги курдук тыа сирин олохтоохторун ыччаттара Санкт-Петербург, Екатеринбург, Москва курдук киин куораттарга бараннар, төһөлөөх эрэйи-кыһалҕаны эт-хааннарынан билэн, уйан дууһаларынан аһаран, улахан куораттар кыраны-кыамматы «ыйыстан» кэбиһэр ураты уустук эйгэлэригэр: «Мин сахабын – атыттартан туох да итэҕэһим суох, кинилэр билэллэрин мин эмиэ билиэхпин сөп, билбэт да буоллахпына-билэргэ дьу-луһуом, сатаабат да буоллахпына – сатыыр буолуом!» – диэн бигэ санааны, үрдүк соругу туруорунан, үөрэҕи баһылыылларыттан, саха ис культуратын өрө туталларыттан ис сүрэхпиттэн киэн туттуохпун баҕарабын.
Москватааҕы Салайыы Академиятын аспирантуратын үөрэнэн бүтэрбит биһиги биир дойдулаахпыт В.Н. Черноградскай бэрт соторутааҕыта, быйылгы сыл олунньу 16 күнүгэр «Улахан регионнарга социальнай хайысхалаах экономика салаатын тэрийэн үлэлэтии» диэн темаҕа экономическай наука кандидатын ученай степенин ситиһиилээхтик көмүскээтэ. Эдэр ученай бу научнай үлэтин Россияҕа киэҥник биллэр, улахан авторитеттаах экономическай наука доктора, профессор Андрей Маркович Марголин үрдүктүк сыаналаабыта.
Владимир Николаевич Черноградскай 1966 сыллаахха Бороҕоҥҥо Елизавета Семеновна уонна Николай Алексеевич Черноградскайдар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон төрөөбүтэ. Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын 1983 сыллаахха бүтэрэн баран, Саха государственнай университетын инженернэй-техническэй факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Бастакы курс кэнниттэн 1984-86 сылларга ытык иэһин төлөөн, армияҕа сулууспалаабыта. Армияттан кэлээт да, үөрэҕин салҕаан, университетын ситиһиилээхтик бүтэрэн, 1990 сыллаахха тутааччы-инженер идэтин ылбыта. Студенныыр сылларыттан үөрэҕэр үчүгэйин, общественнай үлэҕэ-хамнаска активнайдык кыттарын, студеннар тутар этэрээттэригэр сылдьан салайар үлэҕэ дьоҕурдааҕын, сыстаҕаһын итиэннэ студеннар ортолоругар ытыктабылынан туһанарын бэлиэтии көрөннөр, университет салалтата Владимир Черноградскайы үөрэммит, иитиллибит үрдүк үөрэҕин кыһатыгар үлэҕэ хаалларбыттара. Онно биир сыл үлэлээн баран, төрөөбүт-үөскээбит оройуонугар тахсан, бэйэтин идэтинэн айымньылаахтык үлэлии сырыттаҕына, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччытынан анаабыттара. Бу салайар үрдүк үлэҕэ Владимир Николаевич эмиэ дьоҕурдааҕын, эппиэтинэһи дириҥник өйдүүрүн көрдөрбүтэ.
В.Н. Черноградскайы 1980 сыллаахха армияттан кэлэн бараммын, Мүрү орто оскуолатыгар үөрэппитим. Билигин да харахпар сытыы-хотуу, өрүү ыраас, чэбдик көрүҥнээх Володя Черноградскай бэрт чобуотук туттан-хаптан, оттомноох тылынан-өһүнэн уруогун эппиэттии турара, бу баардыы көстөн кэлэр курдук.
– Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан милиция үлэ- тин интэриэһиргиир этим. Бу дьингнээх эр киһи үлэтэ дии саныыбын, Хаһан баҕарар, ханна баҕарар бэрээдэк уонна сокуону тутуһуу баар буолуохтаах, Милицияҕа киэн билиилээх, эргиччи сайдыылаах ыччаттар үлэлээн бардахтарына, норуот өйдүө, сыаналыа диэн эрэллээхпин, – диэбиттээх РФ Ис дьыалаҕа министерствотын Академиятын адъюнктуратыгар үөрэнэ сылдьар Александр Валентинович Готовцев.
Дьэ маннык, төрөөбүт норуоттарын кэскилэ сайдарын туһугар үөрэнэ сылдьар ыччаттартан хайдах киэн туттубат буолуоххунуй?
«Москва саха киһитин хараҕынан» диэн суоллааҕы бэлиэтээһиммин түмүктүөм иннинэ, ааҕааччыларбар этиэхпин баҕарабын:
Ханнык да омугумсуйууну утары турар улахан күүс – Үөрэх. Билии-көрүү уонна Сайдыы буолар! Биһиги сахабыт ыччаттара үөрэннэхтэринэ, Москва куораттан кэрэтин эттэригэр-хааннарыгар ийэриннэхтэринэ, «саалаахтан самныахтара, охтоохтон охтуохтара» суоҕа дии саныыбын. Саха дьулуурдаах уонна өһөс. Маны көнө суолга туһаайдахха дьулуурунан Үөрэх ааннарын тэлэччи аһыаҕа, онтон өсөһүнэн элбэх ахсааннаахпыт дэнэр омуктар кыайбатахтарын кыайыаҕа!
Үөрэхтээх, билиилээх-көрүүлээх уонна сайдыылаах саха хаһан да бэйэтин сэнэммэт. Сэнэммэт киһи олох киэҥ аартыгар эрэллээхтик үктэнэр. Туохтан да толлон турбат, туруоруммут соругун ситиһэр. Онтон харахпыт туһунан эттэххэ, киэҥ хараҕынан- кыараҕастык, кыараҕас хараҕынан киэҥник да киэҥник көрүөххэ сөп.
Иван МИГАЛКИН, саха норуотун поэта
Тойон Мүрү алаас, муус устар саҥата, 1999 сыл
«Москва саха киһитин хараҕынан» кинигэтиттэн, 1999 с.