Кулун тутар 4 күнүгэр Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн «Чолбон» сурунаал үлэһиттэрэ ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Чолбон өй күрэһэ» сүүмэрдиир интеллектуальнай оонньууларыгар киирэн, ийэм Изабелла Ивановна, эбэм Варвара Константиновна Карбаканова буолан үһүөн кытынныбыт. Улууспутут нэһилиэктэриттэн тоҕус дьиэ кэргэн үс көлүөнэнэн кытынна. Оонньуу Иван Аргунов аатынан улуустааҕы бибилэтикэҕэ ыытылынна.
Оонньуу түөрт түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэх – «Саха литературатын төрүттээччилэр айымньыларыттан ыйытыылар», иккис түһүмэх – «Саха уус — уран литературатын төрүттээччилэр», үһүс түһүмэх – «Саха литературата сэрии уонна сэрии кэннинээҕи кэмнэргэ», төрдүс түһүмэх – «Билиҥҥи кэмнээҕи литература».
Түһүмэхтэр бэрт түргэнник уонна чаҕылхайдык аастылар. Уон биэс эрэ сөкүүндэ бэриллэр уонна эппиэтэ тута көстөр. Маннык күрэххэ сытыы уонна түргэн буолуохха наада эбит. Холобура, мин эбэм кырдьаҕас киһи мөлтөхтүк истэр, ол иһин ыарырҕатта.
Оонньууну сүрүн редактор, суруйааччы Гаврил Гаврильевич Андросов иилээн-аҕалаан ыытта, хас биирдии кыттааччыга болҕомто ууран кэпсэттэ, хаартыскаҕа түстэ. Биһиэхэ автографтаах хоһоонун хомурунньугун бэлэх уунна. Эбээбит Баайаҕатын дьонун көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэн, олус үөрдэ, астынна.
Бастакы миэстэни Баайаҕаттан сылдьар Кустуровтар дьиэ кэргэн ыллылар, иккис миэстэ — Ытык Күөлтэн Бурмистровтар, үһүс миэстэни Дьүлэйтэн Никитиннэр дьиэ кэргэн ыллылар.
Күрэхтэһиигэ кыттаммын элбэҕи биллим, өссө да үгүһү билиэхпин, ааҕыахпын баҕардым. Онон инникитин маннык күрэхтэһиилэр өссө да ыытыллаллара буоллар кыттыахпын сөп эбит диэн иэйиигэ куустардым.
Ангелина Данилова, X кылаас,
Уолба орто оскуолата, Таатта.