Оскуолабытыгар алтыс сылын «Шахматная азбука» диэн куруһуок үлэлиир. Манна I-VI кылаас оҕолоро нэдиэлэҕэ биирдэ дьарыктаналлар. Куруһуок оҕолоро араас таһымнаах турнирдарга, олимпиадаларга көхтөөхтүк кытталлар, ситиһиилэнэллэр.
Алтынньы 28 күнүгэр улуустааҕы саахымакка күрэс буолан ааста.
Күрэскэ барыта 6 сааһыттан 17 сааһыгар диэри улуус 9 оскуолатыттан (Сунтаар 1 №-дээх, Лицей, Гимназия, Сунтаар начаалынай, Тойбохой, Бордоҥ, Күүкэй, Аллыҥа, Устье оскуолалара, “Чебурашка” оҕо саада) 90 саахыматчыт кытынна. Биһиги оҕолорбут олус үчүгэй оонньууну көрдөрдүлэр. Ол курдук:
III-IV кылаастарга 20 оҕо оонньообутуттан Саввина Мичийээнэ III миэстэ буолла.
V-VIII кылаастарга 48 оҕоттон Сидоров Дьулус III бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ.
IX-XI кылаастарга 15 оҕо оонньоото. Уолаттарга Прокопьев Гаврил II миэстэни, онтон кыргыттарга Александрова Сахалина чемпион үрдүк аатын ыллылар.
Уопсай түмүккэ 22 кыттааччылаах 5 мэтээллээх Сунтаар 1 №-дээх оскуолата кыайыылаах буолла. Онтон биһиги Күүкэйбит 7 оҕотуттан түөрдэ мэтээллээх кэллэ. Фефелов Андрей, Федорова Юлиана, Петров Кирилл үчүгэйдик кииристилэр, куһаҕана суох көрдөрүүлээхтэр.
Онтон ахсынньы 9 күнүгэр икки улахан турнир буолла. Биирэ улуустааҕы үөрэнээччилэр спартакиадаларын чэрчитинэн хамаанданан бастыыр иһин турнир Сунтаарга буолла.
Манна 9 оҕоттон састааптаах хамаанда кытынна. Олус күүстээх киирсиилэр түмүктэринэн биһиги оҕолорбут II миэстэни ыллылар.
Иккис турнир республикатааҕы таһымнаах буолан, интернет ситимин нөҥүө биирдиилээн бастыыр иһин ыытылынна. Манна биһигиттэн 6 оҕо кытынна. Федорова Сулустаана, Климова Сайаана I миэстэни, Николаев Эрсан, Евсеева Варя III миэстэни ылары ситистилэр.
Эдэр саахыматчыттарбытын ситиһиинэн эҕэрдэлиибит!
«Кустук» пресс-киин эдкордара.
Күүкэй, Сунтаар