Музейбыт Анна Гордеева аатын сүктэ
Биһиги оскуолабыт урут олорон, үлэлээн ааспыт дьону ахтан-санаан ааһар үтүө үгэстээх. Учууталларбыт кинилэр туһунан биһиэхэ, оҕолорго, кэпсииллэр, көрдөрөллөр.
Соторутааҕыта оскуолабытыгар “Дархан кыһата” историческай музей аһылынна. Музейбытыгар математика учууталынан өр сылларга үлэлээбит ветеран учуутал Анна Егоровна Гордеева аатын иҥэрдилэр.
Бу үөрүүлээх түгэн сиэрэ-туома олус үчүгэйдик, истиҥник ыытылынна. Кэлбит ыалдьыттар музей иитэр-үөрэтэр суолталааҕын бэлиэтээтилэр. Бу күн биһиги Анна Егоровна аймахтарын, бииргэ төрөөбүттэрин, 1974 сыллаахха онуһу бүтэрбит выпуск оҕолорун көрдүбүт, кинилэр эҕэрдэ тылларын иһиттибит. Үөрэппит оҕолоро учууталларыгар махталларын бэлиэтин музей таһыгар өйдөбүнньүк суругу Дьокуускай куоракка оҥотторон аҕалбыттарын ыйаатылар.
Степан Макаров аатынан уолаттар олимпиадалара
Оскуолабыт биир олохсуйбут үгэһэ – биир дойдулаахпыт, буойун-учуутал, Саха АССР уонна РСФСР үтүөлээх учуутала, Чурапчы улууһун Бочуоттаах гражданина Степан Кузьмич Макаров аатынан уолаттарга аналлаах улуустааҕы “С.К. Макаров аатынан уол оҕоҕо история олимпиадата” буолар. Бу 2010 сылтан ыытыллар история учууталларын биир улахан бырайыага буолар.
Улуустан Р.И. Константинов аатынан Амма, Одьулуун, Төлөй, В.С. Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы, А.И. Илларионов аатынан Хайахсыт, Д.П. Коркин аатынан интернат, С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия уонна С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолаларыттан барыта 8 хамаанда, 48 уол кэлэн кытынна.
Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар оскуола дириэктэрэ Н.В. Уарова оҕолорго анаан тыл эттэ: “Бу сыл дойдубут президенэ В.В. Путин биллэрбитинэн, “Педагог уонна уһуйааччы сыла“ буолар. Онтон өрөспүүбүлүкэбитигэр “Үлэ сыла”, Чурапчы улууһугар “Ытыктабыл сыла”. Бүгүн ытыктыыр киһибит, биһиги оскуолабытыгар 45 сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбит А.Е. Гордеева аатын оскуола историческай музейыгар иҥэрдибит уонна 2010 сылтан ыытыллар история учууталларын бырайыага “С.К. Макаров аатынан уол оҕоҕо история олимпиадата” бүгүн 11-ис төгүлүн ыытыллар. Сылын ахсын С.К. Макаров уонна Г.Д. Ефимов оҕолоро биһиги выпускниктарбытыгар стипендия туттараллар. Бу үтүө дьоннорбут ааттара үйэтитиллэ турар уонна көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, үтүө ааттара ааттана туруо диэн эрэнэбит. Бу олимпиадаҕа кытта кэлбит оуолаттарбытыгар инникитин даҕаны дойдугут историятын билэр, үөрэтэр дьон буолун диэн баҕа санаабын этэбин. Үтүө суобастаах үлэһит, патриот буола улаатын, дьоһун дьон буоларга дьулуһуҥ. С.К. Макаров аймахтарыгар биһигини кытта куруук сибээстэһэ тураргытыгар, оҕолору өйөөн, сылын аайы олимпиадаҕа кэлэн ыалдьыт буоларгытыгар дириҥ махталбын тиэрдэбин”. Уонна Татьяна Степановнаҕа, Степан Кузьмич кыыһыгар Мария Кузьминичнаҕа, Степан Кузьмич балтыгар Махтал суруктары , сэмэй бэлэхпитин туттарда.
Аҕаларын, убайын туһунан Степан Петрович кыыһа Татьяна Степановна уонна балта Мария Кузьминична истиҥник ахтан-санаан аастылар. Оҕолорго анаан куруутун сырдыкка, кэрэҕэ тардыһарга, үлэһит буоларга, туруоруммут сыалларын ситиһэргэ баҕа санааларын эттилэр.
Улуус үөрэҕин управлениетын специалиһа И.Г. Винокурова бүгүҥҥү күнтэн элбэҕи билэн, доҕордоһон баралларыгар баҕа санаатын эттэ. Уонна бүгүҥҥү күҥҥэ оҕону патриотическай тыыҥҥа иитии хаһааҥҥытааҕар даҕаны улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ, кыттааччыларга ситиһиини баҕарда.
Үөрүүлээх арыллыы кэнниттэн олимпиада саҕаланна. Ону кытта тэҥҥэ ыалдьыттар ХI кылаас үөрэнээччилэрин кытта кылаас көрүстүлэр. Олус интэриэһинэй көрсүһүүлэр буоллулар. Оҕолорго элбэх сүбэ биэрдилэр, инники олохторугар туһалаах кэпсэтиилэр буоллулар.
Күн иккис аҥаарыгар уолаттар хамаанданан кииристилэр. Манна кинилэр строевой хаамыыга, эстафетаҕа күөн көрүстүлэр. Биирдиилээн бастыыр иһин олимпиада түмүгэ маннык буолла:
VI кылаастарга: 1 миэстэ – Новгородов ЭрХаан (Р.И. Константинов аатынан Амма орто оскуолата), 2 миэстэ – Тарасов Дима (Р.И. Константинов аатынан Амма орто оскуолата).
VII кылаастарга: 1 миэстэ – Колодезников Толя (Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы олимпийскай эрэллэри бэлэмниир орто спортивнай интернат-оскуола), 2 миэстэ – Дорогунов Серафим (В.С.Соловьев – Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолата), 3 миэстэ – Сергеев Ренат (Төлөй орто оскуолата).
VIII кылаастарга: 1 миэстэ – Гуляев Айсен (Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы олимпийскай эрэллэри үөрэтэр орто спортивнай интернат оскуола), 2 миэстэ – Кузьмин Эрчимэн (С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия), 3 миэстэ – Степанов Андрей (С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия).
IX кылаастарга: 1 миэстэ – Спиридонов Никита (С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата), 2 миэстэ – Павлов Харитон (Р.И. Константинов аатынан Амма орто оскуолата), 3 миэстэ – Захаров Айтал (С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуола)
Х кылаастарга: 1 миэстэ – Слепцов Петр (С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия), 2 миэстэ- Абрамов Алексей (С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия), 3 миэстэ – Никифоров Айтал (С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуола).
Кыайыылаах хамаандалар С.К. Макаров аймахтарыттан, кыыһыттан наҕараадалары туттулар. Ол курдук 1 миэстэҕэ Хайахсыт орто оскуолата таҕыста, 2 миэстэҕэ – С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын хамаандата, 3 миэстэҕэ – Амма орто оскуолата.
Кэскилээнэ СТАРОСТИНА, Чэлгийээнэ ХАРАЙДАНОВА,
Саша ПРОКОПЬЕВА, Ира КАРПОВА, VIII «а» кылаас,
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата.
Салайааччы О.Г. Попова.