Бу дьыл ыам ыйын 24 күнүгэр саха норуотун поэта, оҕо суруйааччыта, тылбаасчыт, публицист, Саха өрөспүүбүлүкэтин Президенин оҕо литературатыгар Амма Аччыгыйа аатынан бириэмийэтин бастакы лауреата, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын чугас доҕоро, истиҥ сүбэһиппит, наставникпыт Иван Васильевич Мигалкин биһиги кэккэбититтэн туораата.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын коллектива кэргэнигэр Зоя Васильевнаҕа, оҕолоругар, сиэннэригэр, бииргэ төрөөбүттэригэр, чугас дьонугар, аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
***
Иван Васильевич 1954 с. бэс ыйын 23 күнүгэр Уус Алдан улууһун Хоро нэһилиэгэр учуутал дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 1973 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүү педучилищетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн М. Горькай аатынан Литературнай институкка киирэн, поэзия салаатын бүтэрбитэ.
Үлэтин Мүрү орто оскуолатыгар учууталынан саҕалаабыта. Ол кэнниттэн «Эдэр коммунист», «Кыым» өрөспүүбүлүкэ, «Ленинскэй тэрийээччи» Уус Алдан улууһун хаһыаттарыгар кэрэспэдьиэнинэн, Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар эрэдээктэринэн, «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа Борҕоннооҕу телевидениетыгар кылаабынай эрэдээктэр-дириэктэринэн үлэлээбитэ.
Иван Васильевич оҕо суруйааччытын быһыытынан «Бэлэм буол»-«Кэскил», «Юность Севера», «Чуораанчык», «Колокольчик» оҕолорго аналлаах таһаарыылары, keskil14.ru саайты кытта олоҕун тиһэх күннэригэр диэри ыкса сибээстээхтик үлэлэһэн кэлбитэ.
Бу сир үрдүгэр Эйэ баар буоллаҕына, үлэни үрдүктүк туттахха, киһи киһиэхэ харыстабыллаах сыһыаннаах буоллаҕына, оҕону сүрэх сылааһынан угуттаатахха – олоххо Таптал, Дьол кэлэр диэн өйүнэн-санаанан салайтаран айан таһаарбыт аптаах-алыптаах остуоруйаларын, хоһооннорун, саха классик суруйааччыларын туһунан литературнай эсселарын, истиҥ иһирэх ахтыыларын оҕолор олус чугастык ылыналлар.
Иван Васильевич кырачаан ааҕааччыларын кытта сирэйдиин-харахтыын сырдаан, бэйэтэ оҕо курдук ис-иһиттэн үөрэн, хоһооннорун оҕолору кытта тэбис-тэҥҥэ үөрэ-көтө ааҕара. Хас биирдии оҕоҕо олус сылаастык сыһыаннаһара, төбөлөрүттэн ураты сымнаҕастык имэрийэн ылара.
Биир оннук көрсүһүүгэ тыа сирин оҕото: «Миигин поэт Иван Мигалкин төбөбүттэн имэрийдэ дии!» – диэн олустук да астыммыта! Иван Васильевич илиитин сылааһын оҕо барахсан бука, олоҕун устата умнубата буолуо.
Кырачаан ааҕааччыларын кытта көрсүһүүгэ таракаан туһунан хоһооно «былааһы ылар» этэ. Иван Васильевич бастаан ыйытар: «Оҕолоор, кимиэхэ дьиэтигэр таракаан баарый?». Уу-чуумпу. Ким да саҥарбат. Кистээн күлсэллэр. «Миигин кытта ким хоһоон ааҕыан баҕарарый?» – Иван Васильевич ыйытар. Оҕолор бары илиилэрин ууналлар. «Чэ, ааҕыаххайыҥ», – диир уонна «Таракаан» хоһоонун оҕолору кытта күлэ-үөрэ ааҕар. Түмүккэ олох даҕаны оҕо үксэ дьиэтигэр таракааннаах буолан тахсар. Сорохторго бэйэлэригэр буолбакка, эбээлэрин, эдьиийдэрин, убайдарын дьиэлэригэр баар үһү…https://vk.com/wall-191732448_7829
Иван Мигалкин алтыс кылааска сылдьан «Артек» лааҕырга хайдах сынньаммытын, онно сылдьан Юрий Гагарины көрбүтүн туһунан хараҕа уоттанан туран кэпсээтэҕинэ, суруйааччыны кытта көрсүһүү кэнниттэн «Мин Иван Васильевич курдук «Артек» лааҕырга барыам!» – диэн сыаллаах-соруктаах тарҕаспыт оҕолор эмиэ бааллар.
Коллекционер быһыытынан оҕолор болҕомтолорун улаханнык тардара. Кини коллекцияларын көрөн, коллекционер буолбут оҕолор эмиэ бааллар.https://keskil14.ru/ivan-migalkin-harahpyn-umappyta/?ysclid=lwlq2g73pu661348620
Иван Васильевич кырачаан ааҕааччыларыгар кинигэ эрэ нөҥүө аптаах-алыптаах кистэлэҥнээх санаалары арыйар буолбакка, тыыннаах көрсүһүүлэргэ сылдьан оҕолорго ыра санаалары бэлэхтиирэ, бу олоххо ийэ, аҕа таптала, киһи киһиэхэ харыстабыллаах сыһыана улахан суолталаах диэн өйү-санааны иҥэрэрэ.
«Олоҕу остуоруйаттан эмиэ билэҕин», – диэн куруук этэрэ.
Иван Васильевич «Бэлэм буол»-«Кэскил» хаһыаттарга араас сылларга бэчээттэммит ыстатыйалара билигин да суолталарын сүтэрбэттэр. Россия Үөрэҕин министиэристибэтэ «Разговоры о важном» биир улахан бырайыагын тиэмэлэригэр сөп түбэһиннэрэн, Саха сиринээҕи «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» региональнай компоненыгар дьарык матырыйаалларын бэлэмниирбитигэр туһанабыт.
Бу күннэргэ оскуоланы бүтэрээччилэргэ анаан, «Москва саха киһитин хараҕынан. Суруйааччы суоллааҕы бэлиэтээһиннэрэ» диэн 1999 с. бэчээттэммит кинигэттэн анал серияны бэлэмнээн таһаардыбыт. Соҕуруу куорат үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ барар баҕа санаалаах оҕолорбут сүрүн санааны иҥэринниннэр, бэйэлэрин иһиллэнэн көрдүннэр, суолларын-иистэрин тобулуналларыгар туһалаах буоллун диэн.
Хотугу норуоттар тылларынан оҕолорго аналлаах литератураны хаҥатар, байытар сыаллаах «Чуораанчык» сурунаал ыам ыйынааҕы нүөмэригэр Иван Васильевич Мигалкин кыра саастаах оҕолорго анаан суруйбут хоһооннорун эбээннии тылынан таһаардыбыт. Тылбааһы эбээн суруйааччыта, поэта, филологическай наука кандидата Василий Спиридонович Кейметинов-Баргачан (1941-2020) кэргэнэ, Томпо улууһун Тополинайын олохтооҕо Александра Давыдовна Кейметинова оҥордо.
Оҕолорго ордук үчүгэйдик тиийдин диэн Иван Васильевич хоһооннорун эбээн тылынан Тополинай орто оскуолатын III кылааһын үөрэнээччилэрэ Вика Голикова, Артур Неустроев аахтылар. https://vk.com/wall-191732448_7665
Саха поэтын хоһооннорун эбээннии тылбааһыгар үлэлэспит Александра Давыдовнаҕа истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Нууччалыы тылынан тахсар «Колокольчикпыт» нөҥүө Иван Васильевич остуоруйаларын, хоһооннорун Россия регионнарын оҕолоро олус сэргээн ааҕаллар.
Оҕо толкуйун табар, тулатын оҕолуу сонун хараҕынан сатаан көрөр буолан, кини хоһооннорун оҕолор омугуттан тутулуга суох тута ылыналлар.
Иван Васильевич 50-тан тахса кинигэ ааптара. Кини саха ааҕааччытыгар поэзия кустугун, алыптаах сырдык иэйии уйаҕаһын, кэрэтин, кистэлэҥин, уран уобарастары бэлэхтээбит ураты суоллаах-иистээх поэт. Иван Мигалкин Саха сирин биллэр государственнай деятеллэрин, саха классик суруйааччыларын, өрөспүүбүлүкэ араас идэлээх үлэһит дьонун-сэргэтин туһунан кэпсиир үгүс кинигэлэр ааптардара буолар.
Кэргэнин Зоя Васильевна Мигалкинаны кытта прозаик, драматург Кулантай аатын үйэтитиигэ үгүс үлэни ыыппыттара. 1993 с. Уус Алдан Чараҥар Василий Андреевич Протодьяконов -Кулантай аатынан литературнай музей-комплексын тэрийбиттэрэ.
Эмиэ бу сылга Уус Алдан дьаһалтатын өйөбүлүнэн, Мигалкиннар биллэр общественнай-политическай деятель, ХХ үйэ саҕаланыытын саха интеллигенциятын лидерэ Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр туһунан бастакы кинигэни бэчээттэтэн таһаарбыттара.
Зоя Васильевна уонна Иван Васильевич түмэн таһаарбыт бастакы кинигэлэрэ Күлүмнүүр олоҕун, үлэтин чинчийиигэ сүрүн олугу уурбута.
Иван Васильевич Мигалкин – Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Сибэтиэй Иннокентий» уордьаннаах, Сергей Есенин кыһыл көмүс, Николай Гумилев Улахан үрүҥ көмүс, Иван Бунин, Самуил Маршак мэтээллэрдээх, биллэр коллекционер, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү улуустарын бочуоттаах олохтооҕо.
Истиҥ сүбэһиппит, үтүө доҕорбут, ытыктыыр наставникпыт Иван Васильевич, быдан дьылларга быраһаай! Сырдыгынан сыдьаайан, сылааһынан илгийэн ааспыт, ис сүрэххиттэн таптаан туойбут Сахаҥ сирэ, төрөөбүт дойдуҥ буора сылаастык, сымнаҕастык, чэпчэкитик ылыннын…
Ольга СЕМЕНОВА, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ,
Татьяна ЧЬЯМОВА, Сардаана МАТВЕЕВА, Анна СЛЕПЦОВА, сүрүн эрэдээктэрдэр