Суруйааччы суоллааҕы бэлиэтээһиннэрэ
Былыргы Византия бүтэһик императорын сиэнэ Софья Палеолог Россияҕа энньэ быһыытынан аҕалбыт түн былыргы – античнай рукопистарын еврейскэй свит кэлэрин, туой табличкаларын уонна кыһыл көмүс лиистэрин өссө Петр I саҕаттан көрдөөһүн саҕаламмыта. Библиотека олус сэдэҕин туһунан орто үйэлэртэн билэллэрэ.
Библиотеканы тиһэх төгүлүн Иван Грознай ыраахтааҕылааһынын саҕана көрбүттэрин туһунан туоһу докумуоннар бааллар. Дьэ, ол иһин, Иван Грознай библиотеката диэн ааттанар.
Норуокка бу сэдэх кинигэлэр тустарынан араас үһүйээннэр баалларыттан, адьас дьиҥнээҕэ диир уустук. Ааспыт үйэлэргэ Москваҕа элбэхтэ буолуталаабыт баһаардарга олорчу да умайыан, эбэтэр кыраныысса да таһыгар да күрэтиэхтэрин, биитэр летопистар суруйууларынан, поляктар Москваны осадалыыр кэмнэригэр туох эрэ халыҥ кумааҕылары айахтарыгар уган сии сылдьалларын туһунан бигэргэтэллэр. Оттон copox үһүйээнинэн, библиотека хаһаайына ааттыын уордаах-кылыннаах Иван Грознай кимиэхэ да тиксибэтин диэн олох үчүгэйдик кистээбит буолуохтаах.
Петр I саҕана Конон Осипов Кремль сир аннынааҕы кистэлэҥ холлорооннорун (тайники) олорчу чинчийэн көрдөөбүт. Онтон Анна Иоанновна дьаһалынан көрдөөһүн үлэлэрэ сөргүтүллүбүттэр. 1914 сыллаахха кинээс Щербатов салайыытынан көрдүүр үлэ хатыламмыт. 1933 сыллаахха востоковед-ученай Игнатий Стеллицкэй өскөтүн Иван Грознай библиотекатын буллахпытына, советскай наукаҕа элбэҕи оноруохпутун сөп, бу сөҕүмэр кылааты норуокка тиэрдиэҕиҥ диэн ис хоһоонноох Сталинҥа суругунан, (Сталин ону улаханнык сэҥээрбитэ үһү) 1934 сылтан саҕалаан. Игнатий Стеллицкэй салалтатынан Кремль аннын олорчу хаһан көрдөөбүттэр. Кэлин ону истибит Хрущев дьаһалынан анал комиссия тэриллэн, Никита Сергеевич күтүөтэ Аджубей тус хонтуруолунан библиотеканы көрдөөн баран, булбакка аккаастаммыттар.
Бу кэпсиир Кремлбит 28 гектар иэннээх. Маны хас метрин ааҕа хаһан Петр I, Анна Иоанновна, Николай II, Иосиф Сталин, Никита Хрущев көрдөөбүттэрин астыммакка, билигиҥҥи Москва мэрэ Юрий Лужков куорат салалтатын кытыннаран көрдөөһүн үлэтин эрчимнээхтик ыыппыта үһүс сылыгар барда. Герман Стерлигов салайааччылаах штаб тэриллибитэ да сөхтөрөр.
Кэлин Лужков политик да, салайааччы да быһыытынан умнуллар түгэнигэр, Иван Грознай библиотекатын буллаҕына, үйэлэргэ кини аата киһи-аймах историятыгар кыһыл көмүс буукубанан суруллуохтааҕын өйдүүр. Ол аайы Петр I сүҥкэн улахан пааматынньыгын, эбэтэр Христа Спасителя храмын да туттаран аатырыы-сураҕырыы буолбатах…
Кремль кистэлэҥ холлорооннорун Аристотель Фиораванти түҥ былыргы египетскэй чертежтарынан оҥорбута биллэр. Иван Грознай библиотеката өскөтө көһүннэҕинэ кинигэлэр тас көрүҥнэрэ үчүгэй буолуохтаахтара, сииги-сыыраһы ылымматахтара Фиораванти улуу аатыгар олоҕурар.
Иван МИГАЛКИН, саха норуотун поэта
«Москва саха киһитин хараҕынан» кинигэтиттэн, 1999 с.