Биһиги «ТҮМЭН» медиа киин итиллээччилэрэ ОДьКХ үлэһиттэриттэн интервью ыла оскуолабыт таһыгар турар котельнайга кэллибит. Кинилэр эһиги дьиэҕитин сылытарга күүскэ үлэлииллэр. Ол курдук, биһиги оскуолабыт таһыгар баар котельнайга Илья Ильич Ермолаев газооператорын кытары кэпсэттибит, интэриэһиргиир боппуруостарбытын ыйыттыбыт.
– Үтүө күнүнэн, Илья Ильич! Илья Ильич, хас дьиэни уонна оскуоланы бу котельнай итиинэн хааччыйарый?
– Бу котельнай итиинэн 10 чааһынай дьиэни, улахан оскуоланы, оҕо спортивнай оскуолатын уонна сүүрэр манеһы хааччыйан олоробут.
– Саамай улахан улэлэлээх дьыл кэмэ хаһан буоларый?
– Саамай элбэх үлэлээх дьыл кэмэ сайын буолар. Сайын устата араас ремонт үлэтэ ыытыллар, теплотрасса бэрэбиэркэлэнэр уонна онтон кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ элбэх сыраны, үлэни эрэйэр.
– Аата интэриэһинэйин, дьыл саамай тымныы кэмэ кыһын дии, сылаас кэмҥэ сайын котельнай үлэлээбэт дии санаабытым.
– Биһиги тэрилтэбит сылааһынан, итиинэн хааччыйар чааһынай дьиэлэри, тэрилтэлэри. Биһиги төгүрүк сыл устата үлэлиибит тохтобула суох.
– Дьиэҕэ ититии системата үлэлээбэтэҕинэ ханна эрийиэххэ сөбүй?
– Бу маннык араас аварийнай түгэннэргэ биһиэхэ аварийная диспетчерская диэн баар, ол онно эрийэн суһаллык үөскээбит боппуруоһу быһаарыахха сөп.
– Интервью биэрбитиҥ иһин махтал. Биһиги бүгүн дьиэбитин сылытарга хас биирди үлэһит хайдах бэйэтин кылаатын уурарын көрдүбүт. Бииргэ буолбуккутугар махтал!
Эрхан ПЕТРОВ, 5 «а» кылаас, Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас
Олег АФАНАСЬЕВ, 8 «а» кылаас, Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас хаартыскаҕа түһэриитэ, видеоҕа устуута