Сэтинньи 19 күнүгэр «Айти куб» («IT-cube») кииҥҥэ IT-технология бэстибээлэ буолан ааста. Бу тэрээһин «Бастыҥнар хамсааһыннара» оҕо, ыччат уопсастыбаннай хамсааһыннарын хайысхатынан ыытылынна. Сэтинньи 17 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри 8 хайысханан, 9 сиринэн аттарыллан, араас хабааннаах көрсүһүүлэр, тэрээһиннэр буола тураллар.
IT-технология бэстибээлигэр куорат араас оскуолаларыттан уонна «IT-cube» кииҥҥэ дьарыктанар оҕолору холбоон, 50-тан тахса оҕо сырытта. Тэрээһин аһыллыытыгар ыҥырыылаах ыалдьыт – бэстибээл спикерэ, худуоһунньук, блогер, косплеер Айаал JUST оҕолорго үлэтин-хамнаһын, дьарыгын сырдатта, ыйытыыларга хоруйдаата.
Кэлбит үгүс үөрэнээччилэр «IT-cube» кииҥҥэ бастакытын сылдьаллар, ол иһин бу кииҥҥэ дьарыктанар оҕолор, ыалдьыттары 5 хамаандаҕа арааран, экскурсия тэрийдилэр. Аныгы технологиянан толору хааччыллыбыт, тупсаҕай оҥоһуулаах, киһи үөрэниэн, дьарыктаныан эрэ баҕарар киини оҕолор сөҕө-махтайа көрдүлэр.
Онтон өссө үчүгэйдик билсиһэ, «IT-cube» киин хайысхаларын билэ таарыйа, бу 5 хамаанда сиэттиспитинэн квест оонньоотулар. «IT-квист», «Геймер», «Эдэр сисадмин», «Робот-сумо», «Портал AR» курдук ыстаансыйаларынан астына-дуоһуйа оонньоон тарҕастылар.
Бу тэрээһин кэннэ IT-технологияны баһылыыр баҕалаах оҕо өссө элбээбитэ буолуо диэн эрэнэбин.
Милана КОРЯКИНА, VII кылаас,
«IT-cube» цифровой үөрэхтээһин киинин
«МедиаПРО. Спорт» куурус эдэр кэрэспэдьиэнэ,
«Айыы Кыһата» национальнай гимназия