(Баһаатайым туһунан ахтыы)
Быйыл тапталлаах Күндэйэбит оскуолата 105 сылын туолла. Бу сыллар усталарыгар үгүс ыччаты үөрэтэн-такайан таһаарбыт учууталларбытын истиҥник саныыбыт, ахтабыт.
Оскуолабыт баай устуоруйатын хаҥатыспыт, үтүө үгэстэрин үйэтиппит, ыарахаттартан чаҕыйбакка үлэтин-хамнаһын атаҕар туруорсубут, иилээн-саҕалаан салайсыбыт учууталынан РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Розалия Андреевна Иванова (Петрова) буолар.
Кини үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, учуутал идэтин баһылаан үлэтин саҕалаабыт сирэ – биһиги оскуолабыт. Розалия Андреевна нуучча тылын учууталынан, пионерскай тэрилтэ старшай пионер баһаатайынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол курдук 4 сыл иһинэн пионерскай тэрилтэ үлэтин үрдүк таһымҥа таһаарбыта. Кини дириҥ билиилээх, ирдэбиллээх, киэҥ толкуйдаах, сатабыллаах учуутал. Ол сылларга мин дружина советын бэрэссэдээтэлэ этим. Дружинаҕа 108 пионер, 30 октябренок баара. Бүтүн Союзтааҕы «Мэлдьи бэлэммит!» марш бары маршруттарынан дружинабыт көхтөөхтүк хардыылаан, араас өрүттээх үлэни ыытан «Уҥа флангаҕа турар» чиэскэ тиксибиппит. Араас кэрэхсэбиллээх сбордар, КВН-нар, күрэхтэһиилэр чопчу сыаллаах, иитэр суолталаах буолаллара. Сэрии, үлэ ветераннарыгар тимуровскай үлэлэр, фермаҕа субботниктар көхтөөхтүк ааһаллара. Оскуолабыт пионерскай летопиһа, отчет-альбомнара оҥоһуллан историяҕа үйэтитиллэн хаалбыттара. Роза Андреевна ситиһиилээх үлэтин түмүгүнэн Саха АССР 50 сыла туолбутунан Партия райкома уонна Райсовет исполкома дружинабытыгар «Саха АССР 50 сыла» аат иҥэриллибитэ. Оскуолам уонна баһаатайым мэктиэлээн пионердар Бүтүн Союзтааҕы лааҕырдарыгар – Артекка баран сынньанар чиэскэ тиксибитим. Ол кэм мин оҕо сааһым үтүө өйдөбүлэ буола сылдьарыгар баһаатайбар, учууталларбар махталым муҥура суох. Оччолорго эдэр учуутал Роза Андреевна сыралаах улэтин сыаналаан Учууталлар съезтэригэр делегатынан талыллан кыттыыны ылбыта. Кини оскуолабытыгар элбэх улэлээн ааспыт матырыйаалларын хомуйан, түмэн ыыппытыгар махтанабыт, кичэллээхтик харыстаан туттабыт.
Учууталбыт Роза Андреевна ыччаты иитии-үөрэтии курдук уустук идэҕэ сыратын-сылбатын ууран төрөөбүт дойдутугар үлэлии, айа-тута сылдьарынан биһиги киэн туттабыт, үөрэбит. Түгэнинэн туһанан үлэҕин саҕалаабыт оскуолаҥ 105 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит, кэнчээри ыччаты кэрэҕэ, билиигэ үөрэтэр сыралаах үлэҥ кэхтибэтин, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, уһун олоҕу баҕарабыт.
Антонина Прокопьевна Максимова
Күндэйэ оскуолатын учуутала
Сунтаар улууһа