Москваҕа метронан айанныыбыт. Иккиспин сылдьар буолан, метронан айанныыр тугун син билэбин. Олус элбэх киһи, бары симиллэн айанныыбыт. Табыгастаах буоллун диэн үс кыра бөлөхтөргө арахсан айанныыбыт.
Үлэҕэ эрэ буолбакка, маннык улахан сиргэ биир хамаанда буолан, бэйэ-бэйэҕиттэн тутуһан сылдьыы наадалааҕын биллим.
«Просвещение» диэн медиа хампаанньаҕа сырыттыбыт. Биһиги оскуолаҕа үөрэнэн кинигэлэрбит эмиэ «Просвещение» диэн ааттаах издательствоҕа бэчээттэнэн тахсалларын санаан кэллим.
Үлэлиир сирдэригэр киирэммит, көрдүбүт-иhиттибит, үчүгэй интэриэhинэй үлэлиир сирдээхтэр эбит дии санаатыбыт. Владимир Евгеньевич Косенчук элбэх тэрээһиннэргэ прессанан үлэлээбит бейджиктэрин үчүгэй баҕайытык трофей курдук, кирилиэскэ тутуһар сирдэригэр иилбит. Олус да элбэх сиргэ сылдьан үлэлээбит эбит. Манна элбэх хостоохтор, звукозапись студиятыгар тиийэ.
Владимир Евгеньевич студияларыгар тугу үлэлииллэрин кэпсээтэ. Бэйэтэ туттубут, мунньубут, кыра камераларын, техникаларын тутан-хабан көрдүбүт.
Биһиги өссө «Российская газета» диэн Россия саамай улахан медиа холдиныгар сырыттыбыт. Юрий Михайлович Лепскийы кытта төгүрүк остуол тула олорон кэпсэттибит, билбэппитин ыйыталастыбыт. Кинилэр икки хамаанда буолан бииргэ үлэлииллэр эбит: хаһыаты таһаарааччылар уонна саайты таһаарааччылар. Юрий Михайлович сахалар киинэлэриттэн «Июльский дождь» киинэни сөбүлээн хаста да көрбүт. «Кэскил» юнкордара «Карина», «Там, где танцуют стерхи», «Тыгын Дархан» киинэлэри кэриспэндьиэннэ саамай бастыҥ сахалар киинэлэрин көрөөрүн диэн сүбэлээтилэр.
Юрий Михайловиһы бары «мастер по заголовкам» дииллэр. Санаан кэбиһиҥ, кини биһиэхэ барыбытыгар заголовгу хайдах толкуйдаан таһаарар туһунан кинигэтин бэлэхтээтэ! Мин наһаа үөрдүм. Бу кинигэни туһаныам. Медиа оскуолабытыгар быйылгы үөрэх дьылыгар заголовогу сатаан толкуйдуурга күүскэ үлэлиэхтээхпит.
Медиа холдинг маркетологтара суруналыыс оҥорон таһаарбыт ыстатыйатын ааҕааччыга хайдах сөптөөхтүк уонна ситиһиилээхтик тарҕатар туһунан кэпсээтилэр.
Биһиги салгыы Айсен Сергеевич Николаев Москваҕа кэллэҕинэ Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр үлэлиир кабинетын көрдүбүт. Нина Устинова 6 этээстээх дьиэни кэпсээтэ.
Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ бастакы собуйааччыта Александр Дмитриевич Софронов Москва туһунан элбэҕи кэпсээтэ. Дойдубут тэбэр сүрэҕэр Саха сирин тыынын илдьэ олорор дьоммутугар оҕолор талааннарын көрдөрдүлэр. Святослав Барабанов Лэгэнтэй үрүҥ туннах ыһыах туһунан ырыатын ыллаата, саха хомуһун Москва куоракка дьүрүһүттэ.
Юнкордар Кыһыл болуоссакка сылдьан, хаартыскаҕа түһэн, атын дойдулартан кэлбит туристары кытта билсэн Москав куоракка сырыыбытын умнуллубаттыы үйэтиттибит.
Халлаан хараҥарбытын кэннэ киэһээҥҥи Москваны көрөргө туспа кэрэ. Ол кэрэ көстүү устун күүлэйдиир Саха сириттэн кэлбит киһиэхэ туохтааҕар да ураты түгэни бэлэхтиир.
Алёна КСЕНОФОНТОВА, VII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы