Тохсунньу ый 20 күнүгэр Таатта улууһун Алампа аатынан Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолатыгар сонун тэрээһин буолан ааста. «Таатта улууһа» МТ, оскуолабыт уонна Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж улууспутугар аан бастакынан идэни талыыга туһаайыылаах үлэни ыытыыга үс өрүттээх сөбүлэҥи түһэристилэр. Бу сөбүлэҥ оҕолорго уонна учууталларга элбэх кыаҕы биэриэҕэ.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ колледж директора А.П. Алексеев, улуус баһылыга М.М. Соров, Тааттатааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа С.В. Кононова, улуустааҕы үөрэх салалтатын начальнига В.В. Кривошапкин, преподавателлэр, устудьуоннар, учууталлар, үөрэнээччилэр кыттыыны ыллылар.
Сүргэбит көтөҕүллэн туран, үөрүүлээх чааска сылдьан, олус астынныбыт. Ыалдьыттарбыт оскуолабыт үлэтин-хамнаһын кытта билсэн астыннылар, оттон биһиги кинилэр ыытар маастар-кылаастарыгар элбэххэ үөрэннибит.
Мин эстетическай косметологияҕа сылдьаммын олус астынным, элбэҕи көрдүм уонна биллим. Икки устудьуон кыргыттар маникюр, визаж, сирэй массааһын туһунан сиһилии сырдаттылар. Хайдах киһини кырааскылыырга, сирэйбитин сөпкө ыраастыырга, көрүнэргэ, суунарга туһалаах сүбэлэри биэрдилэр.
Медколледж учууталларыгар уонна устудьуоннарыгар улахан махтал. Хас биирдии оҕо бэйэтигэр туох эмэ саҥа арыйыыны арыйбыта буолуо диэн эрэнэбин.
Эмма Андросова, 11-а кылаас,
“Ситим”эдэр кэрэспэдьиэннэр кулууптара.
Туһалаах маастар-кылаастар
Оскуолабыт Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледжын кытта сөбүлэҥ түһэристэ, маҥан халааттаах аанньаллар идэлэрин талыыга олук буолуо турдаҕа.
Маны таhынан колледж преподавателлэрэ уонна устудьуоннара араас хайысхалаах маастар-кылаастары ыыттылар: «Эстетическая косметология», «Сердечно-легочная реанимация», «Десмургия-наложение швов», «Транспортная иммобилизация», «Изготовление питательного бальзама» уонна «Клинические лабораторные методы исследования». Учууталларга бастакы көмөнү оҥорууга үөрэҕи ыыттылар. Мин бэйэм хайдах шов оҥорорго, киһи эчэйдэҕинэ бастакы көмөнү оҥорууга үөрэнним. Бу маастар-кылаастар оҕолорго элбэх саҥаны, билиини биэрдилэр.
Маннык практика хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллара олус сэргэхсэтиилээх, киһи элбэҕи көрөр-билэр, саҥаҕа үөрэнэр уонна оҕолорго идэлэрин талалларыгар олук буолар.
Майя Боярова, 11-а кылаас,
“Ситим” эдэр кэрэспэдьиэннэр кулууптара.