Олунньу 17 күнүгэр Саха Сиригэр пионерскай тэрилтэ устуоруйата саҕаламмыта. Дьокуускай куоракка 1924 сыл олунньу 17 күнүгэр сэбиэскэй оскуола иhинэн Федосеева баhаатайдаах бастакы пионерскай этэрээт 62 пионертан тэриллибитэ. Эмиэ бу сыл Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ, Намҥа, Үөһээ Дьааҥыга пионер этэрээттэрэ тэриллибиттэрэ.
Саха сирин пионердарын I сүлүөтэ (I Всеякутский слет юных пионеров) атырдьах ыйын 21 күнүгэр1930 с.буолбута. Бу сайыҥҥы күн пионердар Октябрьскай (билигин Ленин проспега) уулуссанан парааттаан кэлэн, партия Обкомун дьиэтин аттыгар тохтообуттара. Партия уобаластааҕы кэмитиэтин, комсомол, Саха республикатын бырабыытыластыбатын чилиэннэрэ Ильич сиэннэригэр эҕэрдэ тылларын эппиттэрэ. Сүлүөтү уобаластааҕы бюро бэрэссэдээтэлэ Афанасий Мигалкин арыйбыта. Кини пионердар ааттарыттан кыыһа кытыастар знамяны Саха республикатын Киин кэмитиэтигэр анаан туттаран, пионердар социализм тутуутугар туох баар күүстэрин-кыахтарын ууруохтара диэн эрэннэрбитэ.
“Бэлэм буол” хаһыат суруналыыһа Николай Степанович Дмитриев “Бэлэм буол” 17 №-гэр (28.02.1971 с.) «I пионерскай сүлүөтү тэрийээччи” диэн ыстатыйата тахсыбыта. Салгыы бу ыстатыйаны бэчээттиибит.
* * *
Ранец сүгэһэрдээх уолчаан дьиэҕэ киирээт, ыйытар:
— Эһэбит хаһыата кэллэ дуо?
— Кэлэн-кэлэн, тоойуом. Чэ, сыгынньахтан, аах! —эбэтэ Татьяна Васильевна сиэнин үөрэ-көтө көрсөр. Уолчаан тас таҥаһын устар бокуойа суох «Бэлэм буол», «Пионерская правда» хаһыаттары арыйтыыр… Эһэ- лэрэ Афанасий Петрович Mигалкин пионерский хаһыаттары өрүү суруйтаран ааҕара. Кэлин, кини өлбүтүн кэннэ, суруйтарбатахтар. Татьяна Васильевна сиэнэ үөрэнэн ааҕар, суруйар буолбутун кэннэ: «Эһэҕит таптыыр хаһыаттара этэ», — диэн «Бэлэм буол», «Пионерская правда» хаһыаттары суруйтаран, сиэннэригэр аахтарар үгэстэммит. Дьэ ол иһии: «эһэбит хаһыата» диэн күндүргэтэн ааттыыллар.
Афанасий Петрович Мигалкин, төһө да улахан үлэһит буолбутун иһин, кырдьан, ыалдьан да баран, олоҕун биир кэрэ-бэлиэ кэмин — пионер үлэһитэ буолбут сылларын умнубата, саамай күндүтүк саныыра. Афанасий Петрович МТC директора, Саха АССР Совнаркомун председателин солбуйааччы, тыа хаһаайыстыбатын министра, партия об- комун инструктора, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун секретара буолар дуоһунастарга үлэлии киирэригэр «Эдэр пионердар уобаластааҕы бюроларын председателэ этэ» диэн тыллартан саҕалаан, анкетатын толороро.
Ол 1930 сыллаахха этэ. Оччолорго да пионерскай үлэһити, буолаары буолан, Саха сирин пионерскай тэрилтэтин салайар үлэҕэ, түбэһиэх сүүмэрдээбэттэрэ.
1929 сыллаахха Уус-Алдан I Суотту нэһилиэгэр баайдар сирдэрин былдьаан, дьадаҥыларга үллэрэр комиссияҕа секретарынан үлэлээбитэ. Ол сылдьан, дойдутугар пионерскай лааҕыр аһылларын истибитэ. Лааҕырга киириэн баҕалаах оҕо үгүс этэ. Ол эрээри астара суох буолан, лааҕыр аһыллыахтаах болдьоҕун тѳһѳ эмэ аһарбыта. Афоня Мигалкин «лааҕырга кѳмѳ» диэн нэһилиэнньэттэн ас, үп-харчы хомуйтаран, бэрт сотору лааҕыры астарар. Ити түбэлтэ Мигалкин пнонерскай үлэҕэ сөптөөҕүн быһаарбыта.
Саамай үѳрүүлээх түгэн пионердар республикатааҕы маҥнайгы слеттарыгар буолбуттаах. Онно Афоня Мигалкин уобаластааҕы пионерскай тэрилтэ Кыһыл знамятын уураан туран, туппута. Саха сирин пионерскай тэрилтэтин аатыттан: «Бу туппут кыыһар Кыһыл знамябытын хаһан да ѳлбѳѳдүтүѳхпүт суоҕа!»— диэн андаҕайбыта. Онтон пионер слетун делегаттарыгар сабыс-саҥа пионерскай форманы түҥэппитэ. Ыраах кырыы оройуоннартан бүрэ таҥастаах, сорохторо атах сыгынньах кэлбит оҕолор саҥа таҥаһы таҥнан, дьэдьэн курдук тэтэрэ түспүттэрэ.
Үѳрүүттэн үѳрүү эбиллэн, ѳссѳ кинилэргэ ЯЦИК легковой автомашината бирилээн кэлбитэ. Урут итинниги харахтыы илик дьоҥҥо дьикти да көлө этэ: «Бэйэтэ сүүрэр тэлиэгэ». Онно олорсон кэлбит Афанасий Мигалкин эппитэ:
— Оҕолоор, аны бу автомашинаҕа олорон хатааһылыаххыт!— диэн баран, оҕолору хоннохторун анныттан кѳтѳҕѳн ыла-ыла, массыынаҕа олордуталаан барбыта.
- Ураа! Ураа! Ураа!— пионердар үерүүлээх хаһыылара ѳргѳ диэри намыраабатаҕа…
Афанасий Петрович Мигалкин пионерскай тэрилтэ үйэ аҥардаах юбилейыгар тиийэн кэлбэтэҕэ… Ол эрээри кини аата күн аайы кэриэтэ ахтыллар. Афанасий Мигалкин аата Уус-Алдан оройуонун киинэ — Бороҕон сэлиэнньэтин биир уулуссатыгар, Тулуна оскуолатын пионерскай дружинатыгар иҥэриллибитэ. А.П. Мигалкин пионерскай тэрилтэ 40 сыла туолуутугар бочуотунай пионерга ылыллыбыта. Oнно бааммыт хаалтыһа уонна кини бэлэхтээбит барабаана, горна кэриэс-хомуруос мал быһыытынан Тулуна оскуолатын пионерскай муннугар ууруллан тураллар.