Саха бастакы норуодунай худуоһунньуга И.В.Попов төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи IV төгүлүн «Худуоһунньук балаҕанын сырдыга» («Свет юрты художника») үөрэнээччилэр икки ардыларыгар уруһуй күрэҕэ ыытылынна. Оҕо-аймах кэрэ түһүлгэтигэр Таатта, Амма, Чурапчы, Нам, Бүлүү, Томпо Кэбээйи уонна Дьокуускай эдэр худуоһунньуктара барыта 83 оҕо кытынна. Быйылгы күрэх уратытынан сюжетынан уруһуй буолла. Оҕо худуоһунньук олоҕун кэрчиктэрин, айар үлэтин ааҕан, үөрэтэн, хараҕар оҥорон көрөн, эт мэйиитинэн толкуйдаан көрүөхтэн кэрэ, хатыламмат уруһуйу дьүүллүүр сүбэҕэ кэпсээтэ, көмүскээтэ. Чөркөөхтөөҕү политссылка түмэлин үлэһитэ Изабелла Жерготова И.В.Попов олоҕун кэрчиктэрин, бэлиэ түгэннэрин наардаан хоһоонунан сырдаппытыгар олоҕуран ойуулары оҥордулар. Орто оскуола уонна Оҕо искусствотын үөрэнээччилэрэ икки секциянан илин-кэлин түһүстүлэр.
Ол түмүгүнэн орто оскуолаҕа (кэтэхтэн уонна илэ кыттыы):
I бөлөх
1 миэстэ Айсен Бережнов, Таатта лиссиэйэ, V кылаас
2 миэстэ Агата Колодезникова, Чымынаайы орто оскуолата, VI кылаас
3 миэстэ Зина Захарова, Даайа-Амма орто оскуолата,VI кылаас
Анал аат: Айастаан Попов Ытык Күөл 2 №-дээх орто оскуолата, V кылаас
Виолетта Васильева Чымынаайы орто оскуолата, VI кылаас
II бөлөх
1 миэстэ Саша Большакова, Ытык Күөл 1 №-дээх Орто оскуолата, VII кылаас
2 миэстэ Анжела Чемпосова, Чөркөөх орто оскуолата, VII кылаас
3 миэстэ Хомустаан Афанасьев Уолба орто оскуолата, VIII кылаас
Анал аат: Валерия Петрова, Таатта лиссиэйэ, VIII кылаас
Анжела Нестерова, Чымынаайы орто оскуолата, VII кылаас
III бөлөх
1 миэстэ Таня Алексеева, Туора Күөл орто оскуолата, IX кылаас
2 миэстэ Сандаара Тарабукина, Кириэс Халдьаайы орто оскуолата, IX кылаас
3 миэстэ Нина Турнина, Ытык Күөл орто оскуолата, X кылаас
Анал аат: Артем Колесов, Ытык Күөл 1 №-дээх орто оскуолата, XI кылаас
Ганя Аржаков Чымынаайы орто оскуолата, IX кылаас
Оҕо искусствотын оскуолалара (кэтэхтэн кыттыы):
I бөлөх
1 миэстэ Аделина Азарова, Сангаардааҕы оҕо искусствотын оскуолата, Кэбээйи.
2 миэстэ Милана Павлова, Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолата
3.Лилия Неустроева, Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолата
II бөлөх
1 миэстэ Сайнаара Михайлова, Бүлүүтээҕи оҕо искусствотын оскуолата, Чочутааҕы филиал
2 миэстэ Дарья Уварова, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата
3 миэстэ Инга Готовцева Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуоалата, Баайаҕатааҕы филиал
III бөлөх
1 миэстэ Сахая Пестерева, Чурапчытааҕы спортивнай интэринээт-оскуола, 10 кыл.
2 миэстэ Санаайа Харитонова, Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолата
3 миэстэ Катя Слепцова, Дьокуускайдааҕы оҕо дыбарыаһа
Оҕо искусствотын оскуолалара (илэ көрүү):
I бөлөх
1 миэстэ Таня Бродникова, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата, Чөркөөхтөөҕү филиал
2 миэстэ Айсен Эляков, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата
3 миэстэ Вадим Баратов, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата, Уус Тааттатааҕы филиал
Анал аат: Есения Решетникова, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата,
Роберт Осипов, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата Уус Тааттатааҕы филиал
II бөлөх
1 миэстэ Анита Оконешникова, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата
2 миэстэ Ларина Власова, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата
3 миэстэ Нарыйаана Кривошапкина, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата
Анал аат: Алеся Егорова, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата,
Валерия Баппадова, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата.
III бөлөх
1 миэстэ Диана Васильева, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата,
Уус Тааттатааҕы филиал
2 миэстэ Арина Решетникова, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата
3 миэстэ Айта Архипова, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата
Анал аат: Лилия Андросова, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата
Настя Оконешникова, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата.
Оҕолор үлэлэрин маннык састааптаах дьүүлүүр сүбэ сыаналаата:
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ – Марианна Вячеславовна Степанова, улуустааҥы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччыта,
Изабелла Яковлевна Жерготова – Чөркөөхтөөҕү политсыылка тумэлин үлэһитэ,
Марианна Егоровна Барахова – Былатыан Ойуунускай аатынан государственнай түмэл научнай үлэһитэ,
Александра Николаевна Постникова – «Таатта» литературнай-художественнай музей-заповедник үлэһитэ,
Наталья Ивановна Григорьева – Тааттатааҕы хартыына галереятын үлэһитэ.
Ону тэҥэ хас да сыл устата И.В. Попов олоҕун, айар үлэтин иҥэн-тоҥон үөрэппит, үтүө түмүктээх үлэлээх чаҕылхай оҕоҕо истипиэндийэ иккис сылын туттарылынна. Быйылгы истипиэндийэни Ытык Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ Саша Большакова тутта уонна 5 тыһыынча уу харчынан биһирэннэ.
«Кэрэни көрбүт» Иван Попов тэлэн хаалларбыт сырдык суола, уруһуйу сулус оҥостубут дьикти дьоҕурдаах хас биирдии оҕоҕо өйүгэр-сүрэҕэр дириҥник иҥтин, айар-тутар дьарыгар саҥаттан саҥа кыайыыны аҕаллын!
Наталья Григорьева,
Тааттатааҕы хартыына галереятын үлэһитэ