Хоту дойдубутугар саха тыйаатырын артыыстара ыалдьыттаан дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрүүнү бэлэхтээтилэр. Саха тыйаатырын артыыстара Эбээн-Бытантай улууһугар нэһилиэк аайы «Сайылык» драманы уонна «Таптаа миигин таптаа» комедияны көрдөрдүлэр.
Кыралыын, улаханныын бары тыйаатыр ураты тыынын, кэрэ көстүүтүн көрөөрү бу күннэр устата үлэ, үөрэх кэниттэн испэктээккэ тиэтэйдилэр. Бу түгэни мүччү туппакка «Биракчаан» медиа-киин юнкордара артыыстары кытта көрсөн атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Иннокентий Луковцевтан сааскы гастрол туһунан билистибит.
– Үтүө күнүнэн, үгэс буолбут сааскы гастролгут туһунан кылгастык сырдатыаххыт дуо?
–Үтүө күнүнэн! Биһиги сахабыт тыйаатыра саас аайы нэһилиэктэри, кытыы, кырыы сытар улуустары биирин да ордорбокко сылдьа сатыыбыт. Ол курдук быйыл түөрт бөлөҕүнэн сэттэ улууһу хабаммыт үлэлээтибит. Бу хаһан да буолбатах көстүү. Тоҕо диэтэххэ быйыл Щепкин училищетын бүтэрэн кэлбит саҥа оҕолорбут эбилэннэр артыыспыт балай да элбэх буолла. 70-ча артыыс буолан үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Бастакы бөлөх Өлөөн, Анаабыр уонна Бүлүү улууһугар үлэлээтэ. Иккис бөлөх Орто Халыма улууһугар, үһүс бөлөх Таатта улууһугар, онтон биһиги бөлөхпүт Үөһээ Дьааҥы нэһилиэктэрин барытын кэрийэн уонна бу Эбээн Бытантай улууһугар кэлэн олоробут. Икки улууһунан 17 нэһилиэккэ сырыттбыт.
– Куорат уонна тыа сирин көрөөччүлэрэ атыннаахтар дуо?
– Атыннаахтар бөҕө. Ханнык баҕарар нэһилиэккэ испэктээкил буола турдаҕына, тыына олох ураты атын буолар. Тыа сиригэр оҕолуун-уруулуун, турардыын-турбаттыын бары кэлэллэрэ наһаа үчүгэй. Ол биллэр. Онтон куоракка, дьон-сэргэ талан, сөбүлүүр, күүтэр испэктээҕэр сылдьар. Хас биирдии испэктээк бэйэтэ көрөөччүлээх. Кэнники кэмҥэ тыа да сиригэр, куоракка да эдэр ыччат тыйаатырга сылдьар буолла. Онтон киһи үөрэр.
– Хоту улуустарынан гастроллуур ыарахаттардаах дуо? Гастрол кэниттэн туох санаа хааллай?
– Ханнык баҕарар улуус бэйэтэ туспа уратылаах буолар. Айан дьонугар ыарахан да түгэннэр баар буолан ылааччылар. Эбээн Бытантай улууһугар 2016 сыллаахха бастакы кэлиим этэ. Аҕыс сыл буолан баран кэллим. Хоту дойду дьоно сүрдээх эйэҕэс-сайаҕас, кыраттан үөрэллэр, олус ыалдьытымсахтар.
Саха тыйаатыра куруутун үүнэ-сайда, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үөрдэ-көтүтэ турдун.
Киинэ уонна тыйаатыр туох атыннааҕый?
Тыйаатыр уонна киинэ – искусство атын-атын көрүҥнэрэ. Ол эрээри бу эмиэ да майгыннаһар, эмиэ да уратылаһар эйгэлэри дьүөрэлии тутар артыыстар бааллар.
Артыыс киһи айылҕаттан бэриллибит талааннаах дуу эбэтэр талааҥҥа үөрэниэххэ сөп дуу? Бу ыйытыыларга саха тыйаатырын артыыстара хоруйдаатылар.
Ньургуйаана Шадрина:
– Үтүө күнүнэн! Бары билэрбит курдук, эн испэктээккэ оонньууруҥ сэргэ, киинэҕэ уһуллаҕын. Бу атыннаах дуо?
– Үтүө күнүнэн! Атыннаах. Тыйаатырга оонньууну көрөөччү тыыннаахтыы көрөр, онтон киинэни экран нөҥүө ылынар. Киинэҕэ «дубль, камера, мотор» диэтилэр да тутатына оонньоон барыахтааххын уонна ол оонньообутуҥ историяҕа үйэ тухары хаалар. Онтон тыйаатырга хаста да көрдөрөр буолан, ньымаҕын уларыта сылдьан, тупсаран, сайыннаран оонньуоххун сеп.
Эдуард Захаров:
– Артыыс айылҕаттан айдарыылаах буолуохтаах дуу эбэтэр сатаабат да киһи үөрэниэн сөп дуу ?
– Айылҕаттан айдаарыы диэни мин маннык өйдүүбүн – хас биирдии киһи айылҕаттан айдарыылаах, хас биирдии киһи дьоҕурдаах, ону сайыннарар туһугар элбэхтик үөрэниэн, дьарыктаныан наада. Эн артыыс буолуоххун баҕараҕын, кыракый дьоҕурдааххын эбэтэр санааҕар дьоҕуруҥ суох, ол эрээри баҕалаах буоллаххына, син-биир сыалгын ситиһэн артыыс буолаҕын. Баҕа санаа, сыал-сорук киһини элбэххэ сирдиир. Артыыс эрэ идэтигэр буолбакка, атын да эйгэҕэ оннук.
Наум Наумов, IX кылаас,
Сардана Слепцова, VII кылаас
Кустуур, Эбээн-Бытантай