2023 сыл биһиги Сунтаарбыт улууһугар Төрөөбүт тыл сылынан биллэрилиннэ. Онон төрөөбүт сахабыт тыла сүппэтин туһугар араас хабааннаах тэрээһиннэр былааннаналлар.
Олортон биирдэстэрэ «Төрөөбүт тыл уһуйааччытын айар абылаҥнаах эйгэтэ» диэн уус-уран ааҕыыга уонна норуот тылынан уус-уран айымньытын жанрдарын көрүүгэ улуустааҕы күрэх буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ биһиги оскуолабыт 11 учуутала кытынна. “Ийэ тыл көҥүл түмсүү” саха оҕолоругар, үүнэр сүһүөх ыччатыгар анаан таһааттарбыт “Хомуһуннаах 9 хоһоон” саха суруйааччыларын төрөөбүт тыл туһунан хоһоонноро түмүллүбүт айымньытын өйтөн аахтылар.
“Биһиги сыалбыт көрөөччүлэргэ төрөөбүт тыл кэрэтин, дэгэтин тиэрдии этэ. Ол сыалбытын толору ситтибит, көрөөччү биһирэбилин ылан, 1 миэстэни ыллыбыт, ону таһынан элбэх көхтөөх кыттааччылаах буолан, Хайҕал суругунан бэлиэтэннибит. Элбэх көрөөччү, кэллиэгэлэрбит махтал тылларын иһиттибит. Манна бэлиэтиэҕи баҕарыллар: кыттыбыт дьон бары турукка киирэн туран аахтылар, уһун хоһоону ааҕартан иҥнибэтилэр”, — диэн саха тылын уонна литературатын учуутала Евсеева Ангелина Петровна санаатын үллэстэр.
Маны таһынан, улууска Төрөөбүт тыл сылын үөрүүлээх аһыллыытыгар эмиэ ити хоһооннорунан кыттыыны ыллылар.
Төрөөбүт тылбыт чэчирии сайдарын туһугар, норуоппут сүппэтин туһугар сахабыт тылын өрө тутуоҕуҥ!
“Кустук” пресс-киин, Күүкэй, Сунтаар.