Учууталым «Улуус киэн туттуута — үлэ дьоно» диэн күрэскэ эбэм Надежда Гаврильевна Михайлова туһунан суруйарбар сүбэлээбитэ. Кини этэринэн, киһи тугу үлэлиириттэн тутулуга суох, онтуттан астынар, дьоҥҥо туһалаах буоллун диэн оҥорор буоллаҕына, олус хайҕаллаах. Улууспут хас биирдии үтүө үлэһитэ дойдубут сайдыытын уһансар, киэн туттуутун үксэтэр.
Биһигини аан бастаан үлэҕэ үөрэтэр дьоммут — дьиэ кэргэммит. Мин санаабар, бастаан оҕо тугу даҕаны үлэлээбэт кэмигэр көннөрү чугас баар дьонун көрөр, үтүктэ сатыыр. Ол аата, дьиэ кэргэҥҥэр үлэни өрө тутар, сатыыр, түмүгүттэн дуоһуйар буоллахтарына, олус туһалаах. Ийэм, аҕам, эбэм, эһэм, таайым, эдьиийдэрим—бары олус үлэһит уонна ситиһиилээх дьон. Ол эрээри, өйтөн суруйуум тапталлаах эбэм туһунан буолар.
Эбэм түөрт оҕолоох, тоҕус сиэннээх. Төһө даҕаны сааһынан пенсияҕа тахсыбыта хас да сыл буоллар, үлэлиирин тохтоппот: оскуола дьиэтин сууйар, сороҕор солбуйан, чуораан да тыаһатар. Биэс ынахтаах, сайынын оҕуруот олордор, кыһын дьиэҕэ арааһы үүннэрэр, олус минньигэстик астыыр. Кини үлэһитин билэр буолан, дьон ханна эрэ барарыгар сүөһүлэрин көрөргө эбэбин көрдөһөллөр, ыксал буоллаҕына, кинини ыҥыраллар.
Солоҕоҥҥо биир бастыҥ сир астааччы — эбэм. Кини бэйэбитигэр сугун, отон, моонньоҕон, хаптаҕас, тэллэй хаһаанарын таһынан, атыылаан үп киллэринэр. Сарсыарда күн тахсыытын кытта туран, ынахтарын ыыр, ньирэйдэрин аһатар, иһитин сууйар уонна оттуу, эбэтэр, сир астыы барар, киэһэ төннөн кэлэн ынахтарын ыыр, ньирэйдэрин аһатар. Кыһын эмиэ сүөһүлээх-астаах киһиэхэ үлэ үгүс. Ити курдук, бүппэт түбүккэ эбэм мэлдьи сырдык мичээрдээх, көрдөөх кэпсээннээх сылдьар. Кинини көрдөххө, бачча элбэх үлэни оҥоро сылдьара буолуо дии санаабатыҥ курдук наҕыллык, ыксаабакка кэпсэтэр, барыны-бары сэргиир, туохтан эрэ үөрэн-күлэн мичилийэр.
Баҕар, тыа сиригэр маннык эбэлэр элбэхтэр дии саныаххыт эрээри, эбэм биир уратыта маннык: улахан сиэнин Эрханы кып-кыра эрдэҕиттэн бэйэтэ көрөн-харайан улаатыннарбыта. Физкультура учууталын идэтигэр үөрэнэ сылдьан, оскуолабытыгар практикаҕа кэллэҕинэ, оҕолор үөрэллэр. Билигин миигин уонна убайбын Артуру иитэ сылдьар. Дьоммут куораттан кэлэн, көрсөн бараллар, сыньалаҥнарга илдьэллэр. Эбэбитиниин тыа сиригэр олорорбутун астынабыт, оскуолабытыттан, доҕотторбутуттан арахсыбакка эбэлээх эһэбитин кытта олорорбут үчүгэй.
Эбэм Надежда Гаврильевна үтүө холобуругар иитиллэн, оҕолоро бары ситиһиилээхтик үлэлииллэр, этэҥҥэ олороллор. Эрхан эмиэ талбыт идэтигэр бэриниилээҕэ билигин да көстөр. Мин Артурдуун эмиэ дьоммутун түһэн биэрбэт курдук, үлэһит буолуохпутун баҕарабыт.
“Эбэм — үлэһит үтүөтэ” диэн өйтөн суруйуум түмүгэр хатылыам этэ: улууспутун хас биирдии үлэһит киһи сайыннарар!
Иннокентий Андреев, С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын
VII кылааһын үөрэнээччитэ.
Салайааччы: Туйара Александровна Тарасова,
төрөөбүт тыл, литература учуутала.