Тыа сиригэр бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, үлэлээн олорор диэн чэпчэки буолбатах. Биир да күн өрөөбөккүн, тымныы буоллун, сылаас буоллун, сүөһүгүн-аскын көрүөххүн наада. Киһиттэн элбэх сэниэни ылар.
Нэһилиэкпитигэр урут хас биирдии ыал барыта кэтэх хаһаайыстыбалаах этэ. Билигин үгүстэрэ сааһыран, үлэни кыайбат буолан иһэллэр. Онтон эдэр ыччат сүөһү-ас тута сатаабат.
Сүөһү суох буоллаҕына дэриэбинэ суох буолар. Онон бүгүҥҥү күҥҥэ кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалы омук инники кэскилин тутан олорор диэн үрдүктүк сыаналыахха сөп. Биһиги нэһилиэкпитигэр, Хадаарга, 8 ыал бааһынай хаһаайыстыбалаах.
2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан сибээстээн, тыа сирин үлэһит ыалларын кытта сэһэргэстибит.
ГРИГОРЬЕВТАР ДЬИЭ КЭРГЭН:
«Өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын салҕаан, сүөһү, сылгы иитэбит»
Григорьевтар 2015 сыллаахха ыал буолбуттара. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Петр Петрович Уорҕаттан төрүттээх. Бииргэ төрөөбүт иккиэлэр, балтылаах. 2011 сыллаахха СГУ биолого-географическай факультекка үөрэнэн, “эколог-природопользователь” үрдүк үөрэҕин бүтэрбитэ уонна дойдутугар Хадаарга үлэтин саҕалаабыта.
Петр Петрович билигин тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар бэйэтэ туспа көрүүлээх уурбаанньыт. Иллэҥ кэмигэр волейболлуурун сөбүлүүр, улуус хамаандатын чилиэнэ.
Дьиэ кэргэн ийэтэ Лидия Михайловна Чурапчы Дириҥиттэн төрүттээх. Кини ыал соҕотох оҕото. 2013 сыллаахха физика уонна информатика учууталын үөрэҕин бүтэрэн, Хадаарга үлэлии кэлбитэ. 2017 сылтан дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлиир.
Григорьевтар дьиэ кэргэн 2019 сыллаахха саҥа дьиэ туттан “быр-бааччы” олороллор.
– Бэйэбит кыра дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт буоламмыт, иккиэн улахан дьиэ кэргэни харахпытыгар оҥорон көрөр эбиппит. Ол баҕабытын толорон улахан дьиэ кэргэни тэрийдибит, – диэн кэпсиир ыал ийэтэ.
Григорьевтар “саха сахатынан кэрэ” диэн ытык өйдөбүлгэ тирэҕирэллэр. Кинилэр түөрт оҕолоохтор. Улахан уоллара Айтал IX кылаас үөрэнээччитэ.
Сүүрүүнэн дьарыктанар. 2000 м мэһэйдээх сүүрүүгэ уонна 3000 м дистанцияларга 8-c төгүлүн ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы “Азия оҕолоро” оонньууларын кыттыылааҕа. Россия үс төгүллээх чемпиона. “Юные Якутяне» күрэх хас да төгүллээх чемпиона. Айтал тыа оҕото буолан от-мас үлэтигэр, булка-аска аҕатын кытта тэҥҥэ сылдьар, техникаҕа сыстаҕас.
Мичийэ III кылаас үөрэнээччитэ. “Мин бастыҥ көмөлөһөөччүм. Дьиэ иһинээҕи үлэни барытын сатыыр: иһит сууйар, таҥас өтүүктүүр. Быйыл булочка астыырга үөрэнэн, күн аайы минньигэс булочка астаан маҕаһыыҥҥа атыыга таһаарар. Сөбүлүүр дьарыгын булан, сарсыарда 6 чааска туран, үөрэнэ барыан иннинэ, астаан илдьэ барар. Уруһуйдуурун, оҕуруо тиһэрин сөбүлүүр”, – ийэтэ кыыһын туһунан истиҥник кэпсиир.
Намыына быйыл бастакы кылаас үөрэнээччитэ буолла. Сымнаҕас оонньуурдары мунньан, быраастаах буола оонньуурун сөбүлүүр эбит. Сайынын сир астыыр, оту-маһы, үөнү-көйүүрү хомуйар ураты дьарыктаах. Кэрэни кэрэхсиир: дьиэҕэ араастаан таҥнан муода көрдөрөр, куукулаларын таҥыннарар.
Кыра кыыстара Күбэйэ-Куо 2 ыйдаах. Дьиэ кэргэн күнэ-ыйа.
Төрөөбүт тылынан саҥарар, өбүгэлэрин ытыктыыр, төрдүн-ууһун билэр эрэ киһи олоҕор бигэ тирэхтээх буолар. Онон оҕолорбут сахалыы ыраастык саҥаралларын ирдиибит. Өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын салҕаан, сүөһү, сылгы иитэбит. Кыһынын-сайынын оҕолор тыа үлэтин сатабылын ылыналларын туһугар үлэҕэ тэҥҥэ илдьэ сылдьабыт, кыргыттар ньирэй, сылгы аһатыытыгар, сир астааһыҥҥа. Уол аҕатын кытта сайыны быһа оттууллар, кыһынын оттук мас тиэйиитигэр, муус ылыытыгар, муҥхаҕа тэҥҥэ сылдьыһар, – диэн кэпсиир ыал ийэтэ Лидия Михайловна.
Григорьевтар иллэҥ кэмнэригэр бары бииргэ мустан остуол оонньууларын күлэ-үөрэ оонньууллар, айылҕаҕа сылдьаллар. Ийэлээх аҕа оҕолорун сахалыы үгэстэргэ үөрэтэллэр. Барытыгар бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллар. Төрөппүттэр ийэ, аҕа холобуругар тирэҕирэн оҕолоро үтүө дьон буола улаатыахтара диэн баҕа санаалаахтар.
– Тыа сиригэр олорорго, үлэлииргэ, сайдарга туох баар усулуобуйа барыта баар. Биир таас дьиэҕэ, телефон тутан олорор курдук буолбатах. Күн аайы киһи хамсанан, этэ-сиинэ чэгиэн туруктанар. Куруутун хамсана, үлэлии сылдьар оҕо үөрэҕи ылынара, сайдыыга талаһара үрдүк буолар дии саныыбын. Арай тыа сиригэр кыһалҕабыт диэн медицина арыый мөлтөх, кадр тиийбэт, – диэн тыа ыалын ийэтэ Лидия Михайловна санаатын үллэстэр.
Григорьевтар: “Ханнык баҕар саҥа саҕалааһыҥҥа баҕалаах буолуохха наада. Онон киһи баҕалаах буоллаҕына, киин сиртэн дэриэбинэҕэ кэлэн олохсуйуон сөп”, – диэн эдэр дьоҥҥо туһаайан санааларын этэллэр.
МОРДУСКИННАР ДЬИЭ КЭРГЭН: «Тыа сиригэр оҕо үлэлии үөрэнэр»
Мордускиннар 2013 сыллаахха ыал буолбуттара. Ыал аҕа баһылыга Афанасий Афанасьевич Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгиттэн төрүттээх. Алта оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс оҕонон күн сирин көрбүт. Ыал ийэтэ Камилла Кузьминична Үөһээ Бүлүү улууһун Кырыкый нэһилиэгиттэн төрүттээх. Михайловтар дьиэ кэргэн төрдүс оҕолоро. Бииргэ төрөөбүт бэһиэлэр, убайдаах, икки эдьиийдээх уонна бырааттаах. Камилла Кузьминична: “Оҕону иитиигэ бэйэм төрөппүттэрбин, аҕабын Кузьма Кузьмич, ийэбин Дария Степановна Михайловтары куруук холобур оҥостобун”, – диэн этэр.
Мордускиннар биэс оҕолоохтор. Түөрт кыыс уонна биир уол. Оҕолоро өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар сөптөөх эйгэни төһө кыалларынан тэрийэ сатыыллар. Улахан болҕомтолорун уураллар. Кыргыттар айар-тутар үлэнэн сөбүлээн дьарыктаналлар.
– Иэйиилэрэ киирдэҕинэ, бэйэлэрэ булан-талан оҥорбут буолаллар. Киһи көрөн үөрэр. Сороҕор бэйэлэрэ дьиэбитигэр баар спортивнай кольцоҕа, маакка оонньуу-оонньуу араас хамсаныылары оҥоро, үтүктэ сатыы, ыстана сылдьар буолаллар. Бэйэ-бэйэлэрин үтүктүһэллэр. Эдьиийдэрэ балтыларын үөрэтэ сылдьар буолаллар, – диэн кэпсиир ыал ийэтэ Камилла Кузьминична.
Дьиэ кэргэҥҥэ күүстээх быраабыла диэн суох. Барыта орун-оннугар, бириэмэтигэр буолуохтаах. Күннээҕи режимы тутуһуннараллар.
Тыа сиригэр олорор үчүгэй. Оҕолорбут таһырдьа көҥүл оонньууллар. Тэлгэһэҕэ, оҕуруокка, дьиэ ис-тас үлэтигэр – барытыгар тэҥҥэ сылдьыһаллар. Тутуһан-хабыһан, сүксэн-көтөхсөн, көрөн-истэн үлэҕэ үөрэнэллэр. Хайа уонна тыа сирин сибиэһэй салгына, сирин аһа, отоно, дьэдьэнэ, тэллэйэ! Кыһалҕа туһунан эттэххэ, оҕону сайыннарар куруһуоктар аҕыйахтар эбэтэр букатын суохтар. Холобур, үҥкүү. Хайаан да үҥкүүһүт буоллаллар диэбэккэ, кыргыттарга бу олус туһалаах дии саныыбын, – диэн этэр Мордускиннар дьиэ кэргэн ийэлэрэ Камилла Кузьминична.
ЛУКИННАР ДЬИЭ КЭРГЭН: «Тыа сирэ киһини элбэххэ үөрэтэр, сайыннарар»
Лукиннар 2008 сыллаахха ыал буолбуттара. Ийэлэрэ Лия Максимовна Даниловтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Эдьиийдээх уонна бырааттаах.
Лия Максимовна бэйэтэ этэринэн, алҕаска, Ньурба улууһун Акана нэһилиэгэр күн сирин көрбүт.
– Акана – ийэм дойдута. Быраатыгар күүлэйдии тиийэн баран, мин ыксатан, онно күн сирин көрбүппүн. Бэйэм ыал ортоку оҕото буоламмын, барыга бары эппиэтинэстээх буола улааппытым. Аҕам, ийэм холобур оҥостон, үөрэнэн, үлэһит буолбутум. Аҕам олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитэ. Билигин биһиги ортобутугар суох, эрдэ бараахтаабыта. Ийэм сибээс ветерана, 35 сыл ыстаастаах бочуоттаах ветеран, – диэн Лия Максимовна оҕо сааһын, төрөппүттэрин туһунан кэпсиир.
Кини кыра эрдэҕиттэн ыллыырын-туойарын, кэпсиирин-ипсиирин сөбүлүүр буолан, олоҕун култуура эйгэтин кытта ситимнээн, үлэлии-хамсыы сылдьар. Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр олорон, олоҕун аргыһын Евгений Егоровиһы көрсөр уонна 2008 сыллаахха ыал буолаллар.
– Аҕабыт Евгений Егорович алта оҕолоох Анна уонна Егор Лукиннарга иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕабыт дойдутугар Хадаарга 2013 сыл күһүнүгэр көһөн кэлбиппит. Онтон ыла тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан олоробут. 40-тан тахса төбө ынах-сүөһүлээхпит, 12 ыанар ынахтаахпыт, – диэн кэпсиир Лия Максимовна.
Лукиннар түөрт оҕолоохтор. Улахан кыыстара Галина устудьуон, Жатайдааҕы колледжка үөрэнэр, үһүс куурус.
Уоллара Саша Хадаар оскуолатыгар үөрэнэр, активист. “Туох баар дьиэ үлэтэ киниттэн тутулуктаах, барытыгар көмөлөһөр. Аҕатын кытта окко, саһааҥҥа сылдьыһар”, – диэн этэр ийэтэ.
Кыра уоллара Айаал Хадаар оскуолатыгар IV кылааска үөрэнэр. Үлэлии үөрэнэр, аҕатын кытта саһааҥҥа сылдьар, окко көмөлөһөр.
Кыра кыыстара Карина быйыл I кылааска киирдэ.
– Ыллыырын сөбүлүүр. Сүрдээх дьаһаллаах. Олоҥхону сэргээн, Анна Андреевна үөрэтэн, детсадка сэҥээрэн, билигин учуутала Сата Ивановна фольклору салҕыы үөрэтиэхтээх, – диэн ийэ кыыһын туһунан кэпсиир.
– Билигин сибээс үйэтэ буолан, куорат да, тыа да ыалыгар охсуһар охсууһубут биир – сотовай төлөпүөн, – диэн этэр Лия Максимовна.
Урукку өттүгэр дьиэ кэргэн төлөпүөнү биир чаас хааччахтыыр эбит буоллаҕына, билигин «үлэҕитин оҥордугут да туһаныҥ» диэн ирдэбил турар. Оҕолор төрдүөн илиилэригэр дьоҕурдаахтар, моторикалара үчүгэй. Пластилинынан олус үчүгэйдик тутталлар. Ону-маны барытын оҥороллор. Төрөппүттэр ону таба көрөн, төлөпүөн оннугар тарбахтарыгар баар дьоҕурдарын сайыннаралларыгар болҕомтолорун уураллар.
Дьиэ кэргэн хаһаайыстыба үлэтигэр бары күүс-көмө буоллаллар.
– Эбээбитигэр көмөлөһөбүт, аҕабытын өйүүбүт. Илии-атах буолабыт. Киһи күннээҕитин былаанныыр уонна ол былаанын тутуһар буоллаҕына, үлэ оҥоһуллан иһэр. Тыа сиригэр олорор үчүгэй. Оҕо үлэлии үөрэнэр. “Аҕабыт дойдубар барабыт, тыа хааһыйыстыбатынан дьарыктанабын” диэн 2016 сыллаахха манна көһөн кэлбиппит. Ол иннинэ киин сиргэ олордохпут дии. 7000-тан тахса нэһилиэнньэлээх киэҥ сиртэн 700-кэ киһилээх дэриэбинэҕэ кэлэр дьикти баҕайы этэ. Бастакы кэмнэргэ ыарахан этэ. Хаһан да ынах ыабатах, этэргэ дылы, ынах инньин-кэннин көрбөтөх киһи ынах ыы үөрэммитим. Бастаан аппараатынан, онтон илиибинэн. Кыһалҕалаах олох тыа сиригэр баар диэн өйдүүр сыыһа. Тыа сирэ киһини элбэххэ үөрэтэр, сайыннарар, – диэн кэпсиир Лия Максимовна.
***
Хадаар нэһилиэгин элбэх оҕолоох, үлэһит ыалларын туһунан суруйуубун түмүктээри олорон, биири этиэхпин баҕарабын.
Эйиэхэ баҕар, тыа сиригэр көһөр туһунан этии киирдэҕинэ, Хадаар нэһилиэгин үлэһит ыалларын Григорьевтары, Мордускиннары, Лукиннары санаан ааһаар.
Алена КСЕНОФОНТОВА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы