Биһиги гимназиябытыгар саҥа үөрэнэ киирбит оҕолорго долгутуулаах түгэн буолан ааста.
Степан Кузьмич Макаров (05.08.1917-12.06.1969) – РСФСР уонна Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, Чурапчы улууhун бастакы бочуоттаах гражданина, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Олоххо ураты дьулуурун иhин “Саха Маресьевынан” ааттаммыта. Степан Кузьмич сырдык аата биһиги гимназиябытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин президенин укааһынан 2010 сыллаахха иҥэриллибитэ.
Быйыл гимназия боруогун саҥа атыллаабыт оҕолор үгэс быһыытынан “Юный Макаровец” гимназист чиэһин кодексын туттардылар, “Республика Гимназия” оҕо хамсааһынын оҕолорун уонна дириэктэр, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы, учууталлар иннилэригэр гимназия историятын, гимнын, гимназист эбээһинэһин, быраабын туһунан ыйытыыларга хоруйдаан, билиилэрин тургуттулар. Оҕолор соруктарын олус үчүгэйдик толордулар.
Сарсыҥҥы күнүгэр гимназист үрдүк аатын сүгэр түгэн тосхойдо. Ыытааччылар хас биирдии оҕону көрөөччүлэргэ билиһиннэрдилэр. Кинилэр олус элбэх ситиһиилээхтэрин сөҕө иһиттибит. Бэһистэрбит олус талааннаахтар диэн бука бары биир санааҕа кэллибит. Хоһоон ааҕан, үҥкүү туруоран, төрөппүттэрин, учууталларын сэргэхситтилэр.
Бу күн биһиги оҕолору кытта көрсөн кэпсэттибит, гимназияҕа туох санааттан
туттарсан киирбиттэрин, инники былааннарын туоһуластыбыт.
Милена Беляева, 5 “Б” кылаас:
– Мин гимназияҕа инники өттүгэр бастыҥ үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсар баҕаттан киирбитим. Манна үчүгэйдик үөрэтэллэр дии саныыбын. Оскуолабын сөбүлээтим, кылааһынньыктарбын кытары үөрэ-көтө кэпсэтэбин, элбэх саҥа доҕоттордоннум. Сыалбын ситиһэр туһугар кыһаллан үөрэниэм, учууталлар тылларын истиэм, бары тэрээһиннэргэ, олимпиадаларга кыттыыны ылыам.
Айсен Максимов, 5 “Б” кылаас:
– Инникитин, үлэһит, ситиһиилээх киһи буолаары гимназияҕа үөрэнэ кэллим. Олус сөбүлээтим, оҕолорбун кытта билистим. Үөрэхпэр кыһаллыам, бэрээдэги тутуһуом, туохха барытыгар кыттыыны ылыам.
Валера Федулов 5 “А” кылаас:
– Мин холобур оҥостор дьонум, эдьиийдээх убайым, гимназияҕа үөрэммиттэрэ. Кинилэр курдук буолаары гимназияҕа туттарсан киирдим. Гимназияны уонна гимназия оҕолорун сөбүлүү санаатым. Учууталлар үөрэтэр предметтэрэн биэс тарбахтарын курдук билэллэр. Оҕолор сыһыаннара үчүгэй.
Максим Пермяков, 5 “А” кылаас:
– Мин үөрэхтээх уонна ситиһиилээх киһи буолуохпун баҕарабын. Манна үөрэнэр олус үчүгэй, үөрэнээччилэр бары кэриэтэ эйэҕэстэр, кинилэри кытта кэпсэтэрбин сөбүлээтим. Үөрэнэр, үөрэнэр өссө биирдэ үөрэнэр былааннаахпын.
Алёша Сивцев, 8 “А” кылаас:
– Инниким кэскиллээх буоларын туһугар гимназияҕа туттарсыбытым. Учууталлара, үөрэнээччилэрэ олус үлэһиттэрэ, ыраас, сырдык санаалаахтара, үөрэнэр, үлэлиир сирдэригэр бары бэрээдэги тутуһаллара, оскуолаларын таптыыллара сүргэбин көтөҕөр. Араас тэрээһиннэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ, күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттар баҕалаахпын.
Оля Толстоухова, 8 “А” кылаас:
– Бастакы уочарат гимназияҕа үөрэхтээх киһи буолаары, ону таһынан элбэх саҥа доҕоттордоноору кэлбитим. Бастаан олус өйдөөх, көр-күлүү диэни билбэт, учууталлар кыыһырымтаҕай буолуохтара дии санаабытым. Оннук буолбатах эбит. Бары миэхэ тута олус үчүгэй сыһыаннарын көрдөрбүттэрэ. Гимназиям иккис дьиэм кэриэтэ буолуо диэн эрэнэбин.
Айдын Петров, 8 “А” кылаас:
– Гимназияттан ураты оскуолаҕа мин баҕарар билиибин сатаан ылыам суоҕа диэн санааммын манна үөрэнэ кэлбитим. Гимназияҕа аан бастаан кэлэн баран, ырааһын бэлиэтии көрбүтүм. Олус сырдык миэстэ эбит. Учууталлар бэйэлэрин билиилэрин биһиэхэ хайдах тиэрдэллэрин сөбүлүү санаатым. Ону таһынан оҕолор үчүгэй сыһыаннара саҥа миэстэҕэ адаптация ааһаргын олус чэпчэтэр. Гимназистар миигин олус элэккэйдик көрсүбүттэригэр махтанабын. Сыалбын ситиһээри олимпиадаларга, тэрээһиннэргэ кыттар санаалаахпын. Бибилэтиэкэҕэ кинигэ арааһа баарыттан сөхтүм, билиигэ тардыһар баҕабын ханнарар элбэх кинигэ баар.
Онтон биһиги саҥа доҕотторбутугар бэрээдэктээх буолууну, үөрэхтэригэр ситиһиини, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны баҕарабыт. Куруутун көхтөөх, үөрэххэ бастыҥтан бастыҥ буолар баҕа санаалара туолуохтун.
Гимназия гимнэ
Мария Егоровна Филиппова, Марина Николаевна Керемясова, Наталья Алексеевна Белолюбская тыллара, Мотрена Егоровна Васильева музыката
Ѳркѳн ѳй уйата буолаҥҥын
Отуннун аал уоккун эн бүгүн.
Кэхтэри билбэккэ ѳрүүтүн
Кѳрсѳ тур кэнчээри ыччаккын
Гимназиям, гимназиям
Сайдар, үүнэр мин кыһам,
Умуллубат сырдык уоттан,
Үйэлэргэ албанааттан!
Поднимайся в небесную высь,
Дай нам могучие крылья,
Чтобы искры огнем занялись,
Чтоб мечты наши все сбылись.
Гимназия, гимназия,
Наш оплот и светлый путь,
Гори всегда, свети везде
Звездою в жизни будь.
Knowledge and wisdom is our school
We strive to study here every day
Always guided by the truth, to be just,
Live a life based on peace and trust.
Gymnasium, gymnasium
Long live our school
Our hearts are filled with pride
And that is what we always say!
Гимназиям, гимназиям
Сайдар, үүнэр мин кыһам,
Умуллубат сырдык уоттан,
Үйэлэргэ албан ааттан!
Алима НИКОЛАЕВА, Нарыйа МАКАРОВа, IX “А” кылаас,
“Тумус кыһа” пресс-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията