Бу күннэргэ Дьокууксай куоракка өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин үлэһиттэрэ тохсунньутааҕы сүбэ мунньах чэрчитинэн, «Эркээйи эргиирэ» бырагыраамма инники сайдыытын туһунан сирэй көрсөн кэпсэтэн, сайдыыга анаммыт чопчу этиилэрин илдьиритиһэн, санааларын атастаһан аастылар.
Оҕо бэйэтин сайдыытын бэйэтигэр эргилиннэрэн
Урут наар үөрэнээччини кытта сылдьыбыт буоллахпытына, билигин киһи, сир, куйаар ситимнэрэ үрдээн турар кэмигэр үгэс буолбут үөрэх өйдөбүллэриттэн тэйэммит, үөрэх эйгэтигэр үөрэнээччи бэйэтин сайдыытын бэйэтин диэки эргилиннэрэн, бэйэтин салайынарыгар киириэхтээхпит дии саныыбын.
«Эркээйи эргиирэ» бырагыраама ааптардарыттан биирдэстэрэ, философскай наука кандидата Валентина Егоровна Степанова үөрэх үлэһиттэрин болҕомтолорун икки түгэҥҥэ туһаайда: «Билигин сайдыы таһыма уларыйан турар. Бэһис таһымтан алтыс таһымҥа көһүү буолла. Куйаар, сир, киһи энергиятын алтыһыылара сүрдээҕин уларыйбытын бэйэҕит даҕаны көрө, истэ сылдьар буолуохтааххыт. Киһи энергетиката эмиэ уларыйда. Билигин оскуолаҕа киирбит оҕолор энергетикалара олох атын, кинилэр атын туруктаахтар. Итини учуоттуохпутун наада.
Аны кэм уларыйбытынан, үгэс буолбут үөрэхпитигэр илдьэ сылдьар «үөрэтии», «иитии» диэн өйдөбүлтэн атын таһымнаах өйдөбүлгэ тахсыахтаахпыт. Киһини бэйэтигэр эргилиннэрэн, кини бэйэтин өйүн-санаатын кытта үлэлииригэр кыах биэрэргэ усулуобуйа тэрийиэхтээхпит дии саныыбын. Бу икки түгэни бэйэҕитигэр хонтуруол курдук илдьэ сылдьаргыт ордук».
Валентина Егоровна бэлиэтээн эппитин курдук, билигин аан дойду эйгэтэ барыта уларыйан, нууччалыы эттэххэ, «многополярный мир» буолла. «Оннук эйгэҕэ киирэн, биһиги оҕобут бэйэтин сүтэрбэккэ сайдыы суолунан айаннаан иһиэхтээх. Билигин саамай улахан ирдэбил – үөтүүлээх күүс сайдыыта (духуобунас). Оҕону кытта сыһыаммытыгар ити өйдөбүл өрүүтүн инники туруохтаах. Оҕо эйгэҕэ киирэн сыһыан үөрэҕин барар: бэйэтигэр сыһыаны, атын киһиэхэ сыһыаны, эйгэҕэ сыһыаны, дьарыгар сыһыаны, айылҕаҕа сыһыаны. Кини сыһыан үөрэҕин барар буолла да, ол аата духуобунас таһымыгар тахсыытыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит, кини сайдарыгар күүс-көмө, тирэх буолуохтаахпыт. Урут наар үөрэнээччини кытта сылдьыбыт буоллахпытына, билигин киһи, сир, куйаар ситимнэрэ үрдээн турар кэмигэр үгэс буолбут үөрэх өйдөбүллэриттэн тэйэммит, үөрэх эйгэтигэр үөрэнээччи бэйэтин сайдыытын бэйэтин диэки эргилиннэрэн, бэйэтин салайынарыгар киириэхтээхпит дии саныыбын.
«Айыы кыһата», Чиряевтар ааттарынан национальнай гимназия, «Сэргэлээх» лаборатория-оскуола бэйэлэрин үлэлэрин уопуттарынан «маннык кыаллар эбит диэн» көрдөрдүлэр.
Бастакы «Эркээйи эргиирэ» култуураны тилиннэриигэ, национальнай концепция киириитигэр улахан өҥөлөөх этэ. Онтон билигин «Эркээйи эргиирэ» эргиллэн кэлбит төрүөттэрин туһунан мин эһиэхэ билиһиннэрдим», – диэн чопчулаан биэрдэ.
Туохха барытыгар кыһаллар, ис айылгылаах оҕону уһуйуохха
Төрүччүтүн, тылын-өһүн, култууратын уруккутун билэр, билиҥҥитигэр илэ бэйэтэ кыттыһар уонна инникитигэр кыһаллар оҕону уһуйуохха. «Забота у нас простая…» диэн олус үчүгэй ырыалаах этибит дии. Нэһилиэгим кыһалҕата, ийэ, аҕа ууһун кыһалҕата диэн туохха барытыгар кыһаллар, ис айылгылаах оҕону уһуйуохха.
Педагогическай наука кандидата Галина Семеновна Попова-Санаайа «Эркээйи эргииринэн» үлэни улуустарынан, нэһилиэктэринэн киллэрэр кыах баарын туһунан этэр. «Мин билэрбинэн, Нам, Таатта, Муома киирэр кыахтаах олороллор. «Эркээйини» оҕо 24 сааһыгар диэри буолбакка, 36 сааһыгар диэри мониториннаан көрүөххэйиҥ диэн этиилээхпин. Оҕолор хамсааһыннарын, холобур, «Күн» оҕолор түмсүүлэрэ, «Бастакылар хамсааһыннарын» сахалыы киэбин курдук көрөн үлэни тэрийиэххэ сөп.
Билигин детсадка оҕону уруокка көһөрөн кэбистилэр. Оҕо саатар ону «мин бу дьарыкка киирэбин» диэн таларын курдук гына дьаһаныаххайыҥ. «Эркээйилэр» биир этэр этиилээхпит – оскуолаҕа, нэһилиэккэ, дьаһалтаҕа, салалтаҕа да буоллун, «Эркээйини» сүрэҕинэн-быарынан ылынар сахалыы куттаах-сүрдээх киһи баар буолуохтаах. Бу киһи, нууччалыы эттэххэ, носитель, фанат. Ити курдук дьоннордо булунуохха», – диэн бөлөххө бииргэ үлэлээбит учууталларын, иитээччилэрин санааларын түмэн билиһиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ «Арылы Кустук», «Мандар кыһата» түмсүүлэр айымньылаахтык үлэлииллэр. Кинилэр уопуттарын креативнай индустрия, наука таһымнарыгар таһааран тарҕатар наадалааҕын туһунан Галина Семеновна этэр.
«Төрүччүтүн, тылын-өһүн, култууратын уруккутун билэр, билиҥҥитигэр илэ бэйэтэ кыттыһар уонна инникитигэр кыһаллар оҕону уһуйуохха. «Забота у нас простая…» диэн олус үчүгэй ырыалаах этибит дии. Нэһилиэгим кыһалҕата, ийэ, аҕа ууһун кыһалҕата диэн туохха барытыгар кыһаллар, ис айылгылаах оҕону уһуйуохха«, – диэн Г.С. Попова-Санаайа бэлиэтээн эттэ.
«Эркээйи» үлэтэ сайдыы үлэтэ
Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн «объект воспитания» оҥорон кэбистибит. Ону сайдыы эйгэтигэр оҕону субъект оҥорорго диэн буолуохтаах. Оҕону төрүөн инниттэн ийэтэ, аҕата таптаан, махталларын биллэрэн, бэйэтин тылынан кэпсэтэн, кинини кытта оонньоон салгыы детсадка, оскуолаҕа киллэрэллэр
«Эркээйи эргиирэ» бырагыраама ааптарскай коллективын салайааччыта Татьяна Михайловна Ильина бүгүн туохха болҕомто уурар наадатын туһунан маннык бэлиэтээн эттэ: «Биһиги «Эркээйибит» үлэтэ сайдыы үлэтэ диэн. Иитии диэн тыл оннугар барыта сайдыы диэн буолан турар. Мин оҕо эрдэхпиттэн наар салайааччыбын. Маҥнайгы кылаастан командир этим. Сэттис кылааһы бүтэрэн баран, нууччалыы биир да тылы билбэт саха кыыһа 2-с оскуолаҕа киирэн, кулун тутарга комсомольскай комитет сэкэритээринэн талыллыбытым. Университекка бастакы куурсука үөрэнэ киирбиппин кэннэ олунньу ыйга университет комитетыгар талыллыбытым. Итинник, үлэлээбитим тухары наар иитии да иитии диэн этэ. Биһиги кэммитигэр иитии сайдыыны кытта кэккэлэһэ киирэрэ. Тугу оҥорбуппутун, тугу санаабыппытын, тугу былааннаабыппытын олоххо киллэрэ сатыырбыт.
Оттон билигин биһиги иитии тэрээһиннэригэр баран хааллыбыт. Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн «объект воспитания» оҥорон кэбистибит. Ону сайдыы эйгэтигэр оҕону субъект оҥорорго диэн буолуохтаах. Оҕону төрүөн инниттэн ийэтэ, аҕата таптаан, махталларын биллэрэн, бэйэтин тылынан кэпсэтэн, кинини кытта оонньоон салгыы детсадка, оскуолаҕа киллэрэллэр».
Татьяна Михайловна оҕону сайыннарар кыах, холобур биһиэхэ баарын туһунан маннык холобурдаан кэпсээтэ: «Япония курдук кыра сирдээх-уоттаах, баайа-дуола суох дойду саҥа технологияларга аан дойдуга инники сылдьар. Тоҕо? Биир эрэ биричиинэлээх – оҕону иитэр диэн тыл кинилэргэ олох суох. Кинилэргэ оҕону сайыннарыы диэн баар. Өскөтүн икки сааһыгар диэри, саамай уһаатаҕына үс сааһыгар диэри, ийэтэ аҕата оҕолорун айылҕаттан айдарыктарын, генетическэй баар талааннарын сайыннарбатах буоллахтарына, алдьархайдаах улахан айдааҥҥа түбэһэллэр. Аны бу оҕо 3-4 сааһыттан күҥҥэ 5-6 куруоһуогу ийэтин кытта сылдьан талан дьарыктанар. Өскөтүн 5-6 сааһыгар бэйэтин дьиҥнээх дьарыгын булбатах буоллаҕына, ийэлээх аҕата оҕолорун сайыннарбатах, сайдар суолун-ииһин булбатах, оҥорботох, оҕоҕо усулуобуйа тэрийбэтэх буоллахтарына, айдааннара өссө улаатар. Оҕо 9 сааһыгар дьиҥнээх туох үлэһит буоларын быһаарбатах буоллаҕына, бу оҕону «трудновоспитуемый ребенок, который не нашел себя, свои способности, свои возможности, не определился о своем будущем» диэн учуокка туруораллар, ийэтин, аҕатын төрөппүт быраабыттан быһыахтарын сөп. Бу холобур оҕону сайыннарар кыах барыбытыгар баар кыахтааҕын көрдөрөр. Саха хас биирдии оҕото айылҕаттан айдарыктаах диэн этэллэрэ чахчы. Мин Таатталары, Аммалары, Үөһээ Бүлүүлэри олус астынабын. Маҥнайгы «Эркээйибитин» олоххо киллэрэллэригэр оҕо айдарыгын арыйыахха диэн санаабыттара. Таатталар иис, уус, ас куруһуоктарын барытын бэйэлэрин баҕаларынан тэрийэн оҕолорун сайыннаран барбыттара» .
***
«Эркээйи эргиирин» тула кэпсэтии, үлэ салҕанар. Тохсунньу 29 күнүттэн олунньу 2 күнүгэр диэри С.Н. Донской-II аатынан үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр институкка 48 чаастаах куурс ыытыллар.
Сардаана МАТВЕЕВА