Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин 19 үйэ бүтүүтэ төрөөн, 20- үйэ ураты кэрдиис кэмнэрин ааспыта: ыраахтааҕы былааһа, революция, гражданскай сэрии, Сэбиэскэй былаас олохтонуута, Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕаланыыта. Бу кэрдиис кэмнэр кини айар үлэтин сүрүн тиэмэлэринэн буолбуттара. Саха литературатыгар биллэр-көстөр суолу хаалларбыта. Поэт быһыытынан саҕалаан баран, прозаическай айымньыга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кэпсээнтэн сэһэҥҥэ, сэһэнтэн ромаҥҥа үүнэн-сайдан тахсыбыта. Роман жанрын бастакынан саҕалаабыт суруйааччы буолар.
«… Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин – саха литературатын кылаассык суруйааччыта. Кини олоҥхоһут, кэпсээнньит, сэһэнньит быһыытынан киэҥник биллибитэ, айымньылара дьоҥҥо-сэргэҕэ күүскэ кэрэхсэммиттэрэ, биһирэммиттэрэ. Кини төрөөбүт норуота сайдыылаах, дьоллоох олоххо тиийэрин туһугар дьулуурдаахтык турууласпыта, тахсыылаахтык үлэлээбитэ, олоҕун уонна айар үлэтин бүтүннүү ол туһугар анаабыта. Кини үрдүк соругу ситиһии холобурун тус олоҕунан көрдөрбүтэ – Семен Степанович ыарахан ыарыыга ылларан, көрбөт да буолан баран, айар-суруйар үлэттэн тэйбэтэҕэ, сытыы бөрүөтүн ыһыктыбатаҕа…».
Эрилик Эристиин биир чаҕылхай айымньытынан «Хачыгыр» кэпсээнэ буолар. Бу айымньы 5 кылааска үөрэтиллэр уонна улаатан да баран, киһи өйүгэр хатанан хаалар ураты айымньы буолар. Ааҕааччы Хачыгыр ыар дьылҕатын аһына, харааста ааҕар. Эрилик Эристиин саха литературатыгар мэтириэт маастарын быһыытынан биллэр. Мэтириэт – уус-уран айымньыга дьоруой тас көстүүтүн, дьүһүнүн, таҥаһын-сабын ойуулааһын. Бу кэпсээҥҥэ Кэччэгэй Кэтириинэ мэтириэтэ сирэйин-хараҕын ойуулааһыҥҥа арылхайдык бэриллибит. Аахпыт эрэ киһи киниттэн куттаныах, Хачыгыр барахсаны өссө күүскэ аһыныах санаата кэлэр. Суруйааччы эмээхсин мэтириэтин ойуулууруугар олус элбэх тэҥнэбиллэри туттар. Тэҥнэбил норуот тылынан уус-уран айымньытыгар киэҥник туттуллар ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма көрүҥүнэн буолар. Эрилик Эристиин олоҥхоһут дьоҕурдааҕа бу да түгэҥҥэ көстөр. Кэччэгэй Кэтириинэ мэтириэтэ: “Кус сымыытын саҕа бөлтөйбүт урдаах, хаҥас хараҕар оҕо ытыhын курдук күөх мэҥнээх, ойоору олорор баҕа буутун курдук, сантаҕар таныылаах, тэллэриттэҕэс уостардаах, буоспалаабыт эбирдээх сирэйдээх, хаhата түhэҕэр халыйан түспүт, илин аhа кыырыктыйан эрэр эмээхсин, Хачыгыр диэки эргиллэн көрөөт, хаhааҥҥыттан эмэ өстөөҕүн көрбүт курдук, дьэбидис гына түстэ».
Маннык мэтириэттэри Эрилик Эристиин айымньыларыгар элбэхтэ булуохха сөп. Холобур, «Кэриэс туолуута» сэһэнигэр Уулаах Уйбааны ойуулааһыны көрөҕүт: «Уулаах үрэх баһын киһитэ буолан, дьүһүннүүн-бодолуун, таҥастыын-саптыын – кэр-дьэбэр киһи. Кини маадьаҕар атахтаах, кэтит сарыннаах, кылгас лыхаҕар моойдоох, атыыр оҕус сүүһүн курдук будьурхай баттахтаах, кэтит кэҥэриилээх, хатырыктыйбыт балластыгас уостаах, кыламана суох кыараҕас харахтаах».
«Хачыгыр» кэпсээни ааҕан баран, Хачыгыр мэтириэтин оҥорорго холонон көрдүм.
Арбайбыт баттахтаах, түөһүн тылыттан алларааҥҥыга диэри илдьирийэн хаалбыт даба ырбаахылаах, тоҕус сиринэн тоҕуттубут торбос ыстааннаах, тула алдьаммытынан угунньата орҕосто сылдьар этэрбэстээх, иһэ сиһин үөһүгэр хапчаччы тардан хаалбыт уон үстээх уол.
Ойуулааһын ааҕааччы айымньы ис хоһоонун өйдүүрүгэр, хараҕар оҥорон көрөрүгэр олус туһалаах эбит.
Лия Маркова, 9 кылаас, «Ситим» кулууп эдэр кэрэспэдьиэнэ.