Арассыыйа Федерациятын холобур буолар уус-уран кэллэктиибэ “Амма чэчирэ” оҕо ырыа уонна үҥкүү ансаамбылын тэрийбит, киэн туттар биллилээх мелодиспыт, общественнай деятель Ольга Петровна Иванова — Сидоркевич 90 сааһын, Пионер дьиэтэ 50 сыллаах үбүлүөйүн көрсө бу сэтинньи ый 25 күнүгэр “Маҥан таба” диэн музыкальнай испэктээк туруорулунна.
Ольга Петровна оҕолору араас кэрэ эйгэҕэ дьарыктаан, ырыанан-үҥкүүнэн эрэ муҥурдаммакка, төрөөбүт дойдуга бэриниигэ, айылҕа харыстабылыгар аналлаах испэктээк бөҕөтүн туруорбуттар, соҕуруу дойдуттан саҕалаан омук сиригэр тиийэ үлэлээбиттэрин дьон-норуот билэрин бэркэ билэбит. “Маҥан таба” испэктээк историятыттан: Москуба к.”Белый Олень” оҕо театрализованнай музыкальнай сказканы 1989с. туруорбуттара, Останкино Центральнай телевидениеҕа уһуллубуттара. Билигин выпускниктары кытта тэҥҥэ алтыһан кэпсэттэххэ, ансаамбылга сылдьыбыт, остуоруйаларга оонньообут оҕолору, баччааҥҥа дылы наһаа үчүгэй кэмнэри санаталлар, кэпсииллэр, ахталлар. Ити кэмнэргэ Ольга Петровна оҕолору бары өттүнэн иитиигэ уһуйбут буолан, элбэх оҕо ситиһиилэрдээх, араас кэрэ эйгэ үлэтигэр үлэлээн-хамсаан сылдьалларыттан биһиги “Амма чэчирэ” ансаамбыл иитиллээччилэрэ киэн туттабыт.
“Маҥан таба” испэктээк сыала-соруга, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу,айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы, билиҥҥи кэм араас ыараханын, сэрии, ыарыы буолбатын туһугар, эйэлээх олоҕу олохтуур, кэрэҕэ тардыһар инники ыччаттарбытын иитии буолар. Ити курдук уопсайа 130 оҕо, 5 ансаамбыл: “Амма чэчирэ” ырыа, үҥкүү фольклор ансаамбыла, “Сир симэҕэ”, “Чакыр оһуордара”, “Дьулусхан” үҥкүү ансаамбыллара, “Дьүрүскэн” фольклор ансаамбыла кыттыыны ыллылар. Оруоллары кэпсээтэххэ, Аан Алахчын Хотун оруолугар Анна Матвеевна Матвеева Амма Чэчирин уус уран салайааччыта, Амма Куо — Настя Черноградская М. Жирков аатынан музыкальнай училище 4 куурсун устудьуонката, Амматааҕы 1–дээх оскуола үөрэнээччилэрэ: Кыыс Кыскыйдаан Саяна Фелегонова 8 кыл., Тимир Дьигистэй Савелий Томский 8кл, Манан таба Дарина Лукина Амматааҕы 2–дээх оскуола 10 кыл., Айыы Умсуур Удаҕан Диана Спиридонова Сатаҕай нэһ. 8 кыл.үөрэнээччитэ, онтон кылаабынай Сардаана кыыс оруолун Дарина Стручкова Абаҕатааҕы 8 кыл. үөрэнээччитэ олус чаҕылхайдык оонньоотулар. Ол курдук, айымньылаах үлэбитинэн элбэх дьарыктар буоллулар, оҕолор Абаҕа, Чапчылҕан, Чакыр, Сатаҕай уонна Амма нэһилиэктэртэн айаннаан кэлэн кытыннылар, араас үҥкүү ырыа композициялара турдулар. “Амма Чэчирэ” ансаамбыл Кыыс Амма үҥкүүтэ Анастасия Черноградская толоруутугар, Хотугу оҕолор үҥкүү Нэмсиду диэн ырыаҕа, Амма хатыҥнара үҥкүүнэн, “Сир симэҕэ” ансаамбыл үҥкүү Аллараа дойду абааһылара, баһаардар Кыыс Кыскыйдаан, Тимир Дьигистэй туойууларыгар, Эрэкэ — дьэрэкэ оттор мастар, “Чакыр оһуордара” Эйэ холууба ырыаҕа Дарина Стручкова толоруутугар, Айыы Умсуур удаҕаттар үҥкүү “Дьүрүскэн” ансаамбыл, түмүгэр уопсай ыһыаҕынан “Кымыс” диэн ырыа хомус доҕуһуолунан ыллыныллыбыта. “Киһи эрэ барыта дьоллоохпун дэниэхтээх, улахан кырата биир тэҥҥэ үөрүөхтээх” диэн Ольга Петровна истиҥ ырыатынан түмүктэннэ. Бу улахан проекка күүстээх хамаанда үлэлээтэ, ол курдук, кылаабынай режиссерунан Абаҕа нэһилиэгиттэн талааннаах уһуйааччы Евгения Николаевна Попова, музыканы таҥан оҥордо Василий Татаринов, ырыалары записьтаата Косиор Карманов, кылаабынай костюмер Ньургуяна Колосова, художник Надежда Абрамова уонна тэрилтэ үлэһиттэрэ бары үлэҕэ айымньылаахтык үлэлээтилэр. Испэктээкпит нууччалыы тылынан барда, ырыа тойук сахалыы тылынан толорулунна. Остуоруйа иһигэр киирдэххэ, Ольга Петровна ырыаларынан барыта ылланна. Дьон олус сэҥээрэн көрөн дуоһуйа астынна, оҕо бөҕөтө кэлбит, ытыс тыаһынан доҕуһуолланна, олус долгуйдубут астынныбыт. Араас дьэрэкээн сахалыы кыраһыабай сценическай көстүүмнэри кэтэн кытынныбыт. Дьарык бириэмэтигэр биһиги элбэх табаарыстарданныбыт, доҕоттордоннубут. Остуоруйаҕа кыттыбыппыттан олус үөрэбит, олохпутугар биир умнуллубат түгэн буолла. Биһиги музейбытыгар элбэх матырыйаал хараллан сытар, кылаас чаастарыгар ансаамбылбыт историятын кэпсиибит, сырдатабыт, оҕолорбут араас кэмпириэнсийэлэргэ кытталлар, үрдүк ситиһиилэрдээхпит.
Арассыыйа Федерациятын холобур буолар
уус-уран кэллэктиибэ “Амма чэчирэ”
оҕо ырыа уонна үҥкүү ансаамбыл иитиллээччилэрэ
Айыына Давыдова, Нарыйа Никонова, Настя Нестерова