Оҕо сааспыт чаҕылхай күннэриттэн эмиэ биир түмсүүлээх, кэрэ түгэн буолан ааста. Ол курдук сылын аайы доҕотторбутун, төрөппүттэрбитин түмэн “Ситикпит” отчуоттуур кэнсиэрин өрө күүрүүлээхтик үөрэ – көтө түмсэн ыытабыт. Быйыл, ыам ыйын 13 күнүгэр 2023 сылга, сандал сааспыт биир эмиэ саамай кэрэ күнүгэр доҕотторбутун кытта дьоммутугар-сэргэбитигэр дьоллоох дьоро киэһээни бэлэхтээтибит.
«Бу үөрэх сылыгар доҕоттордуун алтыһан сөбүлүүр дьарыкпытынан дьарыктанныбыт, талааннарбытын сайыннардыбыт, араас саҥа арыйыылары олоххо киллэрэргэ үлэлэстибит”,- диэн кэнсиэри саҕалаата “Ситик” лидера Хаарчаана Заворотная. Ону хабан ылан Алик Григорьев: “Саамай сөпкө эттин, Хаарчаана, биһиги саамай сөбүлүүр оҕобут тэрилтэтэ “Ситикпит” баар буолан бу оҕо сааспыт кэрэ кэмин доҕотторбутунаан олус интэриэһинэйдик атаарабыт”,- диирин кытта дохсун ытыс тыаһа өрө хабылла түһэр уонна “Ситик” лидердара барыларын түмэр аналлаах флеш-моб үҥкүүнү тардан кэбиһэллэр.
Дьэ онтон бииртэн биир киһи сүргэтин көтөҕөр нүөмэрдэр субуллан истилэр. Ол курдук “Ситиктэр” эрэллээх доҕорбут Вася Полускин Тыараһаттан ырыа бэлэхтээх кэлэн көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыан ылла. “Ситик” кэрэ кыргыттара аныгылыы үҥкүү көрдөрөн үөрүүнү үксэттилэр. Биһиги уолаттарбыт ырыанан дьарыктаналларын олус сөбүлүүллэр. Истээччилэр киэҥ сэҥээриилэрин ылбыт ырыа айааччы Алик Григорьев бу да сырыыга доҕотторун болҕомтолорун тардан саалы күүскэ хамсатта. Саҥа тахсан эрэр ырыаһыппыт Володя Егоров дохсун ытыс тыаһын ылыан ылла. “Ситикпит” лидера Вика Старостина кэрэ куолаһынан ыллаан дьон сүрэҕин долгутуон долгутта.
Ону таһынан биһиги КВНщиктарбыт улуус чемпионнара, регион, республика призердара, араас номинациялар хаһаайыттара буолаллар.Быйыл республикаҕа 3с миэстэ буоллубут, Алик Григорьев «Бастыҥ Куолас» анал аат хаһаайынынан буолбута. Дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан сыанаҕа Ситик КВН хамаандата тахсан күлүүнү, үөрүүнү бэлэхтээтэ,хапытаан Сима Попов кыайа-хото тутан хамаандатын оонньотто. Биһиги эрэллээх табаарыспыт Света Будикина бу да сырыыга гитара нарын дорҕоонунан куустаран нарын – намчы ырыаны иһитиннэрдэ.
“Ситиктэр” саамай сөбүлүүр дьарыкпыт үҥкүү буолар, бары бииргэ түмсэ түһээт үҥкүүлүүрбүтүн сөбүлүүбүт. Сыанаҕа кыра бөлөх “Ситиктэр” үҥкүүлээн сүрэхтэннилэр. Биһиги үөрүүбүтүн үллэстэн доҕотторбут Бучугасова Саяна уонна Вася Полускин монгольскай үҥкүүнэн кэнсиэрбитин өссө киэргэтэн үрдүк таһымҥа таһаардылар. Биһиги биир чаҕылхай лидербыт, дэгиттэр талааннаахпыт Афоня Канаев КВНнаан да ылла, ырыа ыллаата, кэнсиэри салайан ыытта.
“Эмиэ биир үөрэх дьыла бүтэн, эн – мин дэсиһэн сылдьыбыт доҕотторбут, оскуолаҕытыттан бүтэн, биһигинниин үөрэ – көтө атаарбыт кэмнэргитин хаалларан киэҥ суолга үктэнэргит олох аҕыйах бириэмэ хаалла дии…”, — диэн Ая “Ситиги” выпускниктарын сыанаҕа ыҥырда.
«Дьэ кырдьык оннук.. бириэмэ олус түргэнник ааһар эбит. Бу соторутааҕыта курдук этэ дии..бары саҥа билсэн, сүүрэн – көтөн араас тэрээһиннэрбитин ыытан, үөрэн – көтөн санаа атастаһарбыт. “Ситикпититтэн” элбэххэ үөрэннибит, үгүс үтүө доҕордор биһиги олохпутун киэргэттилэр. Биһиги махталбыт улахан “Ситикпитигэр”…”, — дииллэр выпускниктар уонна сыанаҕа тахсан ырыа ыллаан махтаннылар.
Тапталлаах Ситикпит кэнсиэрин лидердар Хаарчаана Заворотная, Алик Григорьев, Ая Таппырова, Афоня Канаев иилээн – саҕалаан, кэпсээн – ипсээн бэрт хомоҕойдук саҥаран – иҥэрэн ыыттылар.
Хас биирдии оҕо бэйэтэ таптыыр дьарыктаах буоллаҕына, бииргэ түмсэн, эн – мин дэсиһэр доҕотторунаан элбэҕи ситиһиэн сөп. Онон оҕолоор, сөбүлүүр дьарыккытын булунан оҕо тэрилтэлэригэр сылдьыҥ, сайдын!
“Ситик” оҕо түмсүүтүн лидердара:
Ая Таппырова, Афоня Канаев
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ