Сийиэс дуораана
Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһэ сэтинньи ыйга ситиһиилээхтик ааста. Үгүс ахсааннаах түһүлгэлэргэ киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтиилэр, санаалар саҕылыннылар. Онон саҥалыы дьаһанан, үлэ салҕанар. Бүгүн сийиэс дэлэгээттэрин санааларын билиһиннэрэбит.
Сонун саайты сэҥээрдим
Анастасия Дагданча, үрдүк категориялаах саха тылын, литературатын учуутала, Тумул, Мэҥэ Хаҥалас:
— Сийиэскэ иккис төгүлүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дэлэгээтин састаабыгар киирэн сырыттым. Үс күн устата алта түһүлгэҕэ кытынным. «Саха» НКИХ ыалдьыттаан, нууччалыыттан сахалыы тылбаастаммыт уонна бырайыакка кыайбыт сахалыы анимация көмөтүнэн таҥыллыбыт мультиктары анаан көрдөрдүлэр. Тута харахха быраҕыллар сыыһалары көрөн, санаабын эттим. Хампаанньа ыытааччылара, араас биэриини таһаарар эрэдээктэрдэр, реклама, араадьыйа үлэһиттэрэ саҥарар саҥаҕа уонна тылга-өскө сыыс тылы туттубакка, титргэ, биллэриигэ улахан болҕомтолорун ууруохтарын наада. Анал үлэһити үлэлэтэн, баар кыһалҕалары туоратарга үлэни ыыталларыгар баҕарабын. Хампаанньаҕа итиниэхэ аналлаах отдел да үлэлиирин ситиһэллэрэ буоллар. Күннээҕи туттуллар тылы сөпкө саҥарар ордук. Бу үлэҕэ Култуура миниистирэ эбии үбүлээн, харчы көрөрө буоллар, диэн баҕалаахпын. Ити көрсүһүү кэнниттэн тута Төгүрүк остуол тэриллибитэ буоллар, саҥа идиэйэлэр, бырайыактар олоххо киириилэригэр көмөлөөх буолара хаалла. Бириэмэ кэмчитинэн, ити кыаллыбата.
Төрөппүттэр түһүлгэлэригэр сылдьан, манныктары бэлиэтээтим: «Эркээйи эргиирэ» хас биирдии ыалга баар буоларын ситиһэр киһи. Татьяна Михайловна Ильинаны видеоҕа устан, интервью ылан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн дьиэ кэргэҥҥэ ыытан тарҕатар ордук. Дьиэ кэргэҥҥэ ааҕыы култууратын тэрийэр, тэнитэр кэм кэллэ. Хас биирдии ыал сурунаалга, хаһыакка суруйталларын ситиһиэххэ. Ааҕыы таһыма билигин да мөлтөх. Оҕо ааҕар тэтимин, эйгэтин, интэриэһин кыра сааһыттан төрөппүттэр иҥэриэхтээхтэр. Тэҥҥэ ааҕан, ырытан, күннүк да толоруохтарын сөп. Дьэрэкээн ойуулаах кинигэлэри бэйэлэрэ да оҥорон таһаараллара хайҕаллаах суол.
Вилюяна Николаевна Никитина киэҥ далааһыннаах үлэни тэрийэн, салайа сылдьар. Кинини биир чаҕылхай лиидэр быһыытынан көрөбүн. Ыытар үлэтин биһириибин. Түһүлгэҕэ эппит санаабын резолюцияҕа киллэрбиттэрин, суолта уурбуттарын, инникитин үлэлэһэр былааннаахтарын сэргээтим.
Национальнай бибилэтиэкэҕэ эмиэ сүрдээх интэриэһинэй тэрээһин ааста. Манна анал саайка саха, нуучча, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын тус-туспа киллэрэн, таҥан, оҥорон, матырыйааллары салааларынан тыыран укпуттар. 50 киһиэхэ анаан ыытыллыахтаах сиэссийэҕэ 100 киһи сырытта. Биири бэлиэтиэххэ наада: кэлбит дьоҥҥо анаан, “Вип” диэн ааҕар карточканы туттардылар. Бэйэбэр анал карточкалаах буоламмын, тута авторизацияны аастым. Бу үлэбитигэр-хамнаспытыгар туһанарбытыгар, ыраахтан олорон баай матырыйаалы туттан, оҕолорго тириэрдэрбитигэр, саҥа суолу, айымньылаах үлэ өссө көдьүүстээхтик барарыгар электроннай эйгэ нөҥүө куйаар ситимин, кыаҕын туһанарбыт хайҕаллаах. Учууталбыт Дария Ивановна анаан ылсан үлэлэспитин истэммин, харыс үрдээн астынным. Инникитин саайка киирэн үлэлиирбэр кыах биэрдилэр. Сэдэх уонна бэйэбитигэр суох кинигэлэри туһанан үлэлиирбитигэр ыырбыт өссө кэҥээтэ. Оҕолорбутугар аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларын, саҥаларын иһитиннэрэрбитигэр, олохторун көрдөрөрбүтүгэр видеолары, урут уһуллубут киинэлэри, сэдэх, ханна да суох хаартыскалары киллэрбиттэр. Бырайыак анал куонкуруһу ааһан, грант быһыытынан үбүлэммит. Саайт саҥардыллан, байытыллан, хаҥаан иһиэхтээҕин бэлиэтээтилэр.
II сийиэс үрдүк таһымнаахтык барда. Александр Николаевич Жирков ылыннарыылаах тылларын сэргии иһиттим. Айымньылаахтык иннибит диэки сайдар суолу тутуһан, хорутуулаахтык айанныырбытыгар кыах арылынна.
Учуутал уонна төрөппүт алтыһан үлэлииллэрин тухары
Наталья Гаврильевна Сивцева, Т.М. Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатын алын сүһүөх кылаастарга учуутала, Чурапчы:
— Мин улууспут алын кылаас учууталларын аатыттан сийиэскэ кытынным. Хаһан да маннык тэрээһиҥҥэ сылдьа илик буолан, барыта миэхэ наһаа сонун. Биһиги, алын кылаас учууталлара, саха тылын, литературатын, Саха сирин норуоттарын култуураларын үөрэтэбит. Быйыл ФГОС үһүс стандарта диэн киирдэ. Онно саха тылын чааһа сарбылынна диэн элбэх киһи эттэ. Алын кылааска, чуолаан, быйылгы I кылааска урут саха тыла биэс чаас эбит буоллаҕына, билигин үс эрэ чаас. Онно сөптөөх учебник, программа суох буолан, кэккэ ыарахаттары көрсүбүппүт. Биэс чааска оҥоһуллубут программаны ким хайдах сатыырынан, тиэмэлэри холбоон, үс чааска үллэрэн оҥоһуннубут. Оҕо барыта оскуолаҕа ааҕар буолан киирбэт. Онон син биир ыарахаттар бааллар. Биэбэйиктэн саҕалаан, биир кэлим программа оҥоһуллуон наада дии саныыбын. ЕДСОО диэн киирдэ, ол аата, Россия атын оҕолорунуун тыа оскуолатын оҕотун билиитэ тэҥ буолуохтаах диэн. Ол эбэтэр, үөрэтэр программабыт үүт-үкчү буолуохтаах.
Сийиэскэ кыттан, элбэх билэр дьоммун көрсөн, кинилэр уопуттарын билсэн, саҥа идеялардаах, элбэх сүгэһэрдээх үлэбэр киирдим. Төрөппүт буолан туран, төрөппүтү кытта үлэни атын оскуолаҕа хайдах тэрийэллэр эбит диэн Вилюяна Никитина сүрүннээбит Төгүрүк остуолугар сырыттым. Хайдахтаах да уопуттаах буол, эбэтэр, саҥа үлэлиир учуутал да буол: төрөппүтү кытта үлэни тэрийдэххинэ, бэйэҥ тула түмтэххинэ эрэ, ситиһиилээх оҕону иитэн таһаараҕын. Ытыс тыаһын икки ытыс таһаарар. Ол курдук, төрөппүт биир ытыс, оттон учуутал иккис ытыс буолаллар. Кинилэр айымньылаах үлэлэриттэн түмүк тахсар дии саныыбын.
Сийиэс чэрчитинэн IT оскуолаҕа сылдьан, оҕо интэриэһин тардар үгүс сыһыарыылар айылла туралларыттан, араас кинигэлэр тахсалларыттан үөрэ санаатым. “Кэскил” хаһыат, “Чуораанчык” сурунаал олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан, оҕо интэриэһин араастаан тарда сатыыллар, үлэ бөҕөнү оҥороллор, айымньылаахтык үлэлииллэр. Маннык сийиэстэр буолалларын, учуутал төрөппүтү кытта ыкса үлэлиирин тухары, саха тыла сүтүө диэн куттаммаппын.
Тыл сүппэтин туһугар чэпчэтиллибит программа эмиэ наада
Вера Яковлевна Данилова, Арыылаах, Үөһээ Халыма:
— Мин Үөһээ Халыматтан, сахалар олорор соҕотох бөһүөлэктэриттэн орто агропрофилированнай оскуола саха тылын, литературатын учууталабын. Оскуолабыт агро хайысхалаах буолан, оҕолор дьыл эргииринэн өбүгэ сиэрин, үлэтин-хамнаһын билэр, киһи быһыытынан уйаҕас оҕолордоохпут. Ол гынан баран, улууспут нууччалыы эйгэлээх буолан, фольклор, КНРС(Я) чааһа биллэ аҕыйаан, оҕолорго улахан охсуулаах. Сатанара буоллар, промышленнай улуустарга тыл сүппэтин туһугар, чаастар эбиллиилэрин, киин улуустартан таһымнара намыһаҕын учуоттаан, кыаллар буоллаҕына, арыый чэпчэтиллибит варианы олимпиадаҕа кэпсэтэн, сүбэлэһэн көрүөхтэрэ дуо, диэн бэйэм санаабын тиэрдэбин. Ааспыт сийиэскэ улахан далааһыннаах, тахсыылаах кэпсэтиилэр буолан ааспыттара долгутар уонна үөрдэр. Бу этиниилэри олоххо киирэллэрин ситиһэргэ бары турунуоҕуҥ.
Жанна Леонтьева.