Биһиги оскуолабыт үөрэнээччитэ, биһигини кытта эдэр кэрэспэдьиэннэр куруһуоктарыгар дьарыктаммыт Тобохова Анна быйыл Нерюнгрига медицинскэй колледжка ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьарын истэн, киниттэн бу үөрэх кыһатын туһунан ыйыталастым.
Мин 8-с кылааска үөрэнэбин. Оскуоланы бүтэрэрбэр ханнык идэҕэ үөрэнэ барарбын толкуйдуубун. Ханна, туох үөрэх тэрилтэлэрэ баарын истэ-билэ сатыыбын.
Эдкорр: Анна,тоҕо 9 кылаас кэннэ үөрэххэ туттарса барарга быһаарыммыккыный?
Анна: Тоҕо диэтэххэ, мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Нерюнгрига 9 кылаас кэннэ медколледжка туттарсан киириэххэ сөбүн билбитим. Ол иһин бу баҕалаах үөрэхпэр барбытым уонна атыҥҥа дөкүмүөммүн биэрэн да көрбөтөҕүм. Киирдэхпинэ үөрэнэ барыам, ылбатахтарына оскуолабар үөрэнэ хаалыам дии санаабытым. Бэйэм оҕо эрдэхпиттэн самостоятельнай уонна эппиэтинэстээх буолан, эрдэ устудьуон буолар баҕалаах этим.
Эдкорр: Билбэт сиргэр тиийэҥҥин туох ыарахаттары көрүстүҥ?
Анна: Улахан ыарахаттары үөрэҕим өттүнэн көрсүбэтим. Кууруспар соҕотох саха буоламмын, урут наар сахалыы кэпсэтэ сылдьыбыт буолан, нуучча оҕолорун кытта билсиһэрбэр кыра уустуктары көрсүбүтүм. Бэйэм үөрэ-көтө сылдьар, саҥалаах–иҥэлээх, барытыгар көхтөөх буоламмын үчүгэй баҕайытык үөрэнэ сылдьабын. Медколледж студсоветыгар киирбитим. Араас тэрээһиннэри ыытабыт, кэнсиэр оҥоробут.
Эдкорр: Үөрэнэр куоратыҥ уратыта тугуй, сөбүлээтиҥ дуо?
Анна: Нерюнгри Саха сирин соҕуруу өттүгэр хайалаах сиргэ турар кыра уонна чуумпу баҕайы куорат эбит. Сайын, күһүн ханнык баҕарар бириэмэҕэ ардахтыыр. Холобур, күн тыган турар да буоллаҕына, ардах эмиэ түһэр эбит. Онон манна ити дьыл кэмнэригэр Нерюнгри олохтоохторо куруук зонтиктаах сылдьаллар. Мин уруккуттан ардахтаах күнү олус сөбүлүүбүн.
Эдкорр: Группаҕытыгар хаскытый, саҥа доҕоттордоннуҥ? Үөрэх кэннэ туох дьарыктааххыный?
Анна: 9 кылаас кэннэ кэлбит оҕолор элбэх эбиппит. Мин группабар 20-тэн тахсабыт. Элбэх саҥа оҕолору кытта билистим, иллээхпит-эйэлээхпит.
Эбии дьарыгым араас. Спорт көрүҥүттэн ытыынан, волейболунан, тенниһинэн, ыарахан атлетиканан дьарыктанабын. “Аартык” диэн үҥкүү ансаамбылыгар сылдьабын. Элбэхтэ араас тэрээһиннэргэ кытынныбыт, кэнсиэрдэргэ үҥкүүлээтибит. Ону таһынан араас олимпиадаларга кыттан ситиһиилэрдээхпин. Киэһэ өттүгэр дьиэҕэ үлэбин аахтабын.
Эдкорр: Оскуолаҕа үөрэммит кэмҥин ахтаҕын дуо?
Анна: Үөрэммит күннэрбин, дьоммун, доҕотторбун, учууталларбын наһаа ахтабын. 1 – 9 кылааска диэри бииргэ үөрэммит буолан, бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсэбит буоллаҕа дии. Доҕотторгун атын сиргэ сылдьан наһаа саныыр эбиккин.
Эдкорр: “Кэскил” хаһыат ааҕааччыларыгар тугу сүбэлиэҥ этэй?
Анна: Бэйэҕит баҕарар үөрэххитин талан туттарсаргытыгар сүбэлиэм этэ. Баҕа санааҕытын олоххо киллэриҥ. Устудьуон буолар олус үчүгэй эбит. Үөрэнэр баҕа санаалаах буоллаххына, эн ыарахаттартан куттаммакка, инниҥ диэки баран иһиэххин наада. Мин бу талбыт үөрэхпин бүтэриэхтээхпин диэн сыал-сорук туруоруна сылдьабын.
Эдкорр: Устудьуон түбүктээх күнүттэн быыс булан кэпсэппиккэр махтанабын. Үөрэххэр, эбии дьарыктаргар ситиһиилэри баҕарабын!
Бу курдук биһиэхэ Тобохова Анна (Аннушка) тэйиччи улууска баран хайдах үөрэнэ сылдьарын туһунан, киэһэ 11 чаас кэннэ бириэмэ булан, сиһилии сэһэргээтэ.
Онон, оҕолор, 9-с кылаас да кэннэ сөбүлүүр идэҕитигэр туттарсан киирэн, толлон турбакка, биир саастыылаахтаргытын кытта үөрэниэххитин сөп. Барыта бэйэбититтэн тутулуктаах эбит диэн өйдөөтүм.
Санникова Алина, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү, “Эрчим” эдкорпост