Саха киһитэ ханна тиийбэтэҕэ баарай… Билигин олох сайдан, тэтимирэн суол-иис куруук аһаҕас буолла. Кыахтаах, баҕалаах буоллаххына, ханна даҕаны тиий, күүлэйдээ. Кэлиҥҥи сылларга мин Россия араас сирдэригэр, чуолаан Кавказка сырыттым. Атын дьон олоҕо-дьаһаҕа, олоҕун укулаата, аһа-үөлэ ураты буолар эбит. Биллэн турар, айылҕата, сирэ-уота.
Мин тустуунан утумнаахтык дьарыктаммытым номнуо ахсыс сыла буолла. Киһи туох эрэ сөбүлээн дьарыктанар дьыалалаах буоллаҕына ыыра кэҥиир, санаата-оноото киэҥ буолар эбит. Ааспыт ыйга Ньурба оройуонуттан төрдүө буолан Кабардино-Балкария өрөспүүбүлүкэтин киин куоратыгар Нальчикка баран дьарыктанан, күрэхтэһэн кэллибит. Бу сиргэ Россия саамай үрдүк хайата Эльбрус баар дойдута.
Биһиги бу хайаны анаан-минээн баран, көрөн, дабайан кэллибит. Хайа тэллэҕиттэн үс таһымы ааһан үөһээ тахсыллар. Канат суолунан анал тэрилинэн тахсар буолан барыта чэпчэки, дэбигис. Хайа үрдүгэр тиийдэххинэ анал дьиэлэр бааллар, манна хайыһардьыттар кэлэн дьарыгы ааһаллар. Биһиги тиийэ сырыттахпытына, Воронежтан, Подмосковьеттан оҕолор дьарыгы бара сылдьаллара.
Хайа үрдүгэр салгына хойуута, ырааһа киһини сөхтөрөр. Кислород кыратык тиийбэтин билэр эбиккин. Ол эрэн хайалар кэрэ көстүүлэрэ ону куоһарар. Биһиги бу сырыыбытыттан олус астынныбыт. Ыраас, чөл Кавказ хайаларын чэбдик салгынын күүскэ эҕирийэн, тыынан күүспүтүгэр күүс, уохпутугар уох эбиннибит.
Саша ЖДАНОВ, «Ыллык» эдкорпост,
Ньурба, Хаҥалас.